Бахсы хоһуун ыанньыксыта (Үчүгэй дьон туһунан кэпсиибит)
Карл Маркс аатынан сопхуос Бахсытааҕы отделениетыгар үүт ыамын 1974 сыллааҕы түмүгэ үгүс киһини үөрдүбэтэҕэ. Сорудахтарын Өтөххө – аҕыс, “Сардаана” ыччат-комсомольскай ферматыгар – тоҕус ыанньыксыт үлэлиириттэн сыччах биирдиилэрэ, “Кэскил” ыччат-комсомольскай ферма уон биир ыанньыксытыттан үстэрэ эрэ толортообуттара.
Ол эрээри отделениеҕа лаппа үчүгэй көрдөрүүлээх биир ферма баар этэ. Ол – Лэбийэ фермата. Манна старшайынан бастыҥ ыанньыксыт быһыытынан оройуоҥҥа өрдөөҥҥүттэн сураҕырбыт, Үлэ Кыһыл Знамя уордьаннаах Василий Слепцов үлэлиирэ. Үһүөйэх ыанньыксыттаах бу кэлэктиип сыллааҕы сорудаҕын 113,7 бырыһыан толорон, хаһаайыстыбаҕа былааны таһынан 106 центнертэн ордук үүтү биэрбитэ.
“Онуоха туох даҕаны кистэлэҥ, киһи киһиэхэ кэпсиэх уратылаах үлэтэ-хамнаһа суох. Искусственнай сиэмэлээһин мөлтөхтүк тэриллэрэ, күһүҥҥү кэмҥэ ыам эмискэ таҥнары түһүүтэ биһиэхэ даҕаны охсууну оҥорбуттара. Холобур, 1973 сыллааҕы күһүн Толоон бөһүөлэгэр көһөн кэлбиппит. От өссө угулла илигэ. Эбии аһылыгы дэлэччи туһанарга усулуобуйа эмиэ суоҕа. Онон ынахтарбыт сайыны быһа бөһүөлэк ыалларын ынахтара тиниктээбит мэччирэҥнэригэр таах ааллаһаллара. Үгүстиэр уолбуттара. Миэннэриттэн эмиэ. Аны ороһу этилэр. Быһата, пятилетка тутаах сылын сааскы ыйдарыгар баара-суоҕа биэстии-аҕыстыы ынаҕы ыабытым, дуоннаах үүтү ылбатаҕым”, — диэбиттээҕэ оччотооҕуга уордьаннаах ыанньыксыт.
Ити эрээри Василий Филиппович пятилетка үһүс, быһаарыылаах сылыгар ынаҕын ахсыттан 1886-лыы киилэни ылбытап. Ити сорудахха көрүллүбүттээҕэр 236 киилэнэн үрдүк этэ.
1974 сайыныгар, бэйэтэ даҕаны кэпсээбитин курдук, Василий Филипповичка кырдьык да ыарахан балаһыанньа үөскээбитэ. Сааскы ыйадарга сиппэтэҕин мэччирэҥ кэмигэр көҥү түстэҕинэ эрэ ситиһэр кыахтаах этэ. Сайылык кэлэктиибэ ыанньыктары мэччитии кытаанах эрэсиимин олохтообута. Эбии аһатыыны күүстэрэ тиийэринэн тэрийбиттэрэ. Онуоха лабыктаны хайа да сыллааҕар дэлэччи туттубуттара. Итинник дьаныардаах үлэ түмүгэр, сайыҥҥы түөрт ыйга Василий Филиппович ынаҕын ахсыттан 1343-түү киилэни ыабыта. Онон графигар бигэтик киирбитэ.
Күһүн, ыанньыксыкка саамай эппиэттээх кэм. Василий Филиппович балтыныын Екатерина Филипповналыын уонна Анастасия Семеновна Окоемова ыанньыктарын Лэбийэҕэ кыстатар буолбуттара. Итинтэн улаханнык үөрбүттэрэ. Манна мэччирэҥ үчүгэй этэ. Ол эрээри ферма старшайа эбии аһылык кыстыкка көһөн кэлбит маҥнайгы күнтэн тэриллэригэр улахан кыһамньытын уурбута. Хачыгаардар, хочуол үлэҕэ киирэрин кэтэспэккэ, таһырдьа уот оттон, күөлтэн бэйэлэрэ баһан уу сылыппытынан барбыттара. Ол уунан ыанньыксыттар көөнньөрбөнү бэйэлэрэ оҥороллоро. Биирдии ынахха 4-түү киилэ комбикорм тиксэрэ. Онуоха бурдугу, тууһу эбэллэрэ.
Кыстыкка итинник тэрээһиннээхтик киирии астык түмүктэрдээх буолбута. Кыстык үс бастакы ыйдарынааҕы сорудахтарын ферма старшайа бэйэтэ 327,7, Анастасия Окоемова – 213,3, Екатерина Слепцова – 170,7 бырыһыан толорбуттара. Пятилетка тутаах сылын Василий Филиппович көрөр-истэр 18 ынаҕыттан хас биирдиилэриттэн 1981-дии киилэ үүтү ылан түмүктээбитэ. Ити эрээри сыллааҕы түмүк ахсынньы 24 күнүнэн таһаарыллыбыта олус кыһыылаах этэ. Бу чулуу ыанньыксыт ынахтара ити кэмҥэ бары ыата, күҥҥэ ортотунан 3-түү киилэни биэрэ тураллар этэ эбээт. Итинэн суоттаатахха, сыл бүтүөр диэри дьиҥэ 2 тыһыынчалаах кирбиини уҥуордаабыт этэ.
“Быйыл да ынахтарым ороһулар. Онон бу күннэргэ сүрүн кыһамньыбын ыам таҥнары түһүүтүн, ынах уолуутун таһаарбат туһугар уурабын. Пятилетка түмүктээһиннээх сылыгар ССКП Киин Кэмитиэтэ партияҕа, сэбиэскэй норуокка Ыҥырыытынан салайтаран өссө үрдүк көрдөрүүнү ситиһэргэ соруктанан үлэлиэҕим”, — диэн Бахсы хоһуун ыанньыксыта Василий Филиппович Слепцов 1975 сыллаахха кытаанахтык эппитэ.
Сэмэн ЖЕНДРИНСКЭЙ
Бахсы хоһуун ыанньыксыта (Үчүгэй дьон туһунан кэпсиибит) — Улус Медиа