Муниципальное казенное учреждение культуры

Бахсытская библиотека

678683, РС(Якутия), Чурапчинский улус, с. Толон, ул. Т.Егорова, 2/1

ВАСИЛИЙ ЯКОВЛЕВ

В.В. Яковлев төрөөбүтэ 80 сыла

(«Чурапчы суруйааччылара» диэн сурулла сылдьар кинигэттэн)

Саха уус-уран литературатыгар солооһуннаах суолу-ииһи хаалларбыт бөдөҥ суруйааччынан туох да мөккүөрэ суох Василий Васильевич Яковлев буолар. Биһиги кэммит советскай кэмнээҕи эпохатын Саха сиригэр биллибит- көстүбүт сүдү уларыйыылардаах хардыыларын тиһилик-тиһилик суруйбута, уус-уран романнар кинигэлэринэн сырдаппыта. Ол курдук, Чурапчы көһөрүллүүтүгэр төрөппүттэрин кытта бииргэ 1942 сыллаахха Кэбээйигэ барсыбыт оҕо кэлин улаатан, өйүн- санаатын тутан, мелиоратор-инженер идэтин баһылаатар даҕаны суттан-кураантан хайдах, тугу тэринэн быыһаныахха сөбүй диэн санаа киниттэн арахпатаҕа. Кини көлүөнэ дьонунаан бу иһэр уу курдук тыын боппуруоһу наука көмөтүнэн быһаарарга турунуута, тус бэйэтинэн Чурапчы оройуонун нэһилиэктэригэр буор быһыттары бырайыактаан туттарыыта уонна олору Демьян Николаевич Слепцов курдук киһиэхэ («Өрүстэр кирбиилэригэр» Тугутов) температурнай режимнэрин быһаартаран научнай үлэ суруйарыгар күүс-көмө, тирэх буолуута өйү-сүрэҕи, практиканы уонна науканы тэҥҥэ дьүөрэлиир эрэ буоллахха олоҕу сайыннарар, сүдү проблемнай боппуруостары быһаарар кыах үөскүүр-тэнийэр кыахтааҕын дакаастыырга дьулуспута, онто, мин санаабар, «Өрүстэр кирбиилэригэр» диэн сүдү уус- уран айымньы суруллар-айыллар төрүтүнэн буолбута.

Василий Васильевич Яковлев иккис бөдөҥ суруйуутунан «Уот иитиллиитэ» диэн романа буолбута. Бары өйдүүбүт ээ Бүлүү өрүһү быһыттааһын репортажтара республика радиотынан өрөгөйдөөхтүк бэриллибитин, сорох биллэр улахан поэттар ону айхаллаан-уруйдаан поэма, хоһоон суруйбуттарын. Арай ол кэмҥэ мелиоратор-инженер Василий Яковлев туох да диэн тыл көтөхпөтөҕө, айылҕаҕа бу курдук күүстээхтик, алдьатыылаахтык орооһуу оҥоһуллуута дьон-сэргэ олоҕор-дьаһаҕар тугунан дьайан тахсыан сөбүй дии санаабыт буолуохтаах кини ол кэмҥэ. Сылык муҥутаан суруйааччы киһи кэтээн көрбүтэ. Событиелар өр күүтэрбэтэхтэрэ. Олохтоох нэһилиэнньэ үтүрүллүүтэ, ол курдук Туой Хайа бөһүөлэгин олохтоохторун төрүт сирдэрэ ГЭС быһыта тутуллан уу түгэҕэр киириитэ тахсыбыта, ол үлүгэрдээх иэдээн адьас ханан даҕаны бэчээккэ биллибэккэ-көстүбэккэ хаалбыта суруйааччы киһини төһөлөөхтүк санаарҕаппыта, уйулҕатын хамсаппыта буолуой?!

Промышленность үлтү хааман, тоҕу солоон киириитэ, олохтоох нэһилиэнньэ төрүт сирдэриттэн үүрүллүүтэ-үтүрүллүүтэ тыа сирин дьонугар-сэргэтигэр хайдахтаах ыар содулламмытын суруйааччы Василий Яковлев «Уот иитиллиитэ» диэн түгэҕэ түгэхтээх романыгар көрдөрүөн-көрдөрбүтэ. Тыа сирэ уонна промышленность адьас уун утары айылҕалаахтарын аан бастакынан саха литературатыгар ырылхайдык көрдөрбүт, аан бастакынан бу сүдү тиэмэни арыйбыт уонна ол туһунан кэмигэр хорсуннук суруйбут киһибит кини этэ диэхпин баҕарабын.

Суруйааччы Василий Яковлев киэҥ киэлилээх эпическэй айымньылары айарын саха норуота олорон, сайдан кэлбит эпохальнай эйгэтиттэн эт-хаан тардыһыннарара. Олоҕун былаһын тухары тыа сирин кыһалҕатын тула эргийбит буолан, колхозтааһын уонна бөдөҥ совхозтары үөскэтии норуот олоҕор- дьаһаҕар хайдах-туох дьайбытын уус-уран айымньы киэбинэн көрдөрөр туһуттан Василий Васильевич Яковлев «Кэрэхтээххэ» диэн бөдөҥ романы суруйбута, бу кини тиһэх суруйуута этэ. Бу кэмҥэ суруйааччы Василий Яковлев олоҕо-дьаһаҕа сатарыйбыт (кэргэттэриттэн уонтан тахса сыл устата тэйэ сылдьыбыттааҕа), совхозтар советскай держава судаарыстыбаннай тутула хамнаатын кытары ыһыллан-тоҕуллан эрэр кэмнэрэ буолан сүрдээх ыарахан, иэрэҥ-саараҥ сылларга «Кэрэхтээҕин» суруйбута. Биирдэ көрсөн киниттэн бу айымньытын суруйан төһөлөтөн эрэрин туһунан ыйыппытым, онуоха кини: «… хайдах түмүктүүрбүн билбэппин, совхозтарбыт ыһыллан, барыта күппүлүү баран эрэргэ дылы дии…» — диэхтээбитэ. Сотору кэминэн ыалдьыбыт, балыыһаҕа киирбит сураҕа иһиллибитэ.

Салгыы ырытыыбар ити санааларбын, кини эпохальнай айымньылардаах суруйааччы буоларын өйдөтөр-санатар баҕалаахпын. Василий Яковлев айар үлэтин бары хайысхатыгар бүгүҥҥү ааҕааччыны чугаһатар, эрдэ бэриллибит сыанабылларга тирэнэр туһуттан Софрон Данилов, Иван Федосеев уонна Эрчимэн бэлиэтээһиннэрин хото туһанным, ону ааҕааччы өйдүөҕэ, ылыныаҕа диэн эрэнэбин.

Софрон ДАНИЛОВ СААМАЙ КӨННӨРҮТТЭН ДЬИКТИНИ БУЛУОХХА!

(Василий Яковлев «Кыра хоһооннорун» туһунан)

Хоһоон уонна поэзия диэн өйдөбүллэр кумах уонна кыһыл көмүс диэн кэриэтэлэр. Кумах сир-дойду ахсын кэмэ суох элбэх, кыһыл көмүс дэҥҥэ көстөөччү. Хоһоону даҕаны ахсаанынан баһыйар, ама, аҕыйах ини. Күн ахсын хаһыаты тэниттэргин, сурунаалы арыйдаргын эрэ: хоһоон, хоһоон, хоһоон… Ити кэмэ суох үгүс хоһооннор быыстарыгар дьиҥнээх поэтическай айымньылар сэдэхтик көстөөччүлэр. Оннук буолуохтаах даҕаны. Дэлэҕэ да, улуу советскай поэт Владимир Маяковскай поэзия — радийы буларга тэҥнээх диэн этиэ дуо? Буору тарыйдаҕыҥ ахсын уран рудата көстөрө буоллар, радий күндү металл аатырыа суох этэ. Син ити кэриэтэ хоһоон барыта дьиҥнээх поэтическай айымньы эбитэ буоллар, поэзия бэрт судургу дьыала буолуох этэ.

Радийдаах уран рудата бэрт дэҥҥэ, улахан эрэйинэн көстөрүн курдук, дьиҥнээх поэтическай айымньы үгүс үлэнэн, өй уонна талаан үрдүк күүрээнинэн айыллар. Ол да иһин дьиҥ-чахчы поэзия айымньытын аахтаххына — билэр да, билбэт да киһиҥ суруйбут буоллун — истиҥ доҕору кытта кэпсэппит, дьикти кэрэ бэлэҕи ылбыт курдук сананаҕын, аан дойду кэрэтин саҥа хараҕынан бэйэҥ киэнинээҕэр ордук кыраҕы, ордук нарын-намчы хараҕынан көрбүт курдук буолаҕын.

Эдэр автор Василий Яковлев 1959 сыллаахха «Хотугу Сулус» сурунаал үһүс нүөмэригэр бэчээттэппит «Кыра хоһооннорун» ааҕан баран, мин ити курдук санаабытым. Бу хоһооннору биир эмэ критик, хайаан да таба көрөн, бэчээккэ бэлиэтээн суруйуоҕа диэн эрэммитим. Сылга чугаһыыр бириэмэ ааста да, ол эрэлим туолбата. Онон бу чахчы дьоҕурдаах эдэр автор, симик-сэмэй эрээри, дьиҥ сонун, тупсаҕай, дьэҥкэ куолаһа, атын дарбааннаах куоластарга баһыйтаран, иһиллибэккээ хаалыа диэн, бу кыра ыстатыйаны суруйан эрэбин.

Василий Яковлев хоһоонноро «Кыра хоһооннор» диэн уопсай төбөлөөхтөр. Дьэ, бу кырдьык да, кыракый хоһооннор. Саамай улаханнара уонча строкалаах. Ааҕааччы кинилэр кээмэйдэрин даҕаны көрөөт, интэриэһиргии түһэр. Ол түбэспиччэ буолбатах. Мөлтөх суруйуу, үгэс курдук, тоҕо эрэ хайаан да кээмэйэ улахан, унньуххай буолааччы. «Кылгастык суруйар дьоҕур — талаан балта» диэн нуучча улуу суруйааччыта, кылгастык суруйуу маастара А.П.Чехов мээнэҕэ эппэтэҕэ.

Туох туһунан сурулларый бу «Кыра хоһооннорго»?

Эдэр поэт бу хоһооннорун темалара поэзияҕа саҥа, урут көстүбэтэх темалар буолбатахтар. Манна сүрүннээн Саха сирин айылҕатын араас көстүүлэрэ ойууланаллар. «Кустук», «Киэһэ», «Хатыҥ», «Ардах», «Күөх халлаан…», «Хопто», «Ааһан иһэн», «Дьикти туһунан» — хоһооннор ааттара итинник. «Эмиэ кустук, эмиэ хатыҥ!.. Бу хаһан ылланан бүтэр хатыҥнарый, кустуктарый, доҕоор!» диэҕэ, баҕар, хатыҥ эҥин туһунан игирэ оҕолор курдук үүт-үкчү, мөлтөх хоһооннортон салгыбыт ааҕааччы. Кырдьык, хатыҥ туһунан, кустук туһунан былыр былыргыттан хоһоон бөҕө суруллан биэрдэ ини, онон саҥаны тугу эмэни булан этэргэ да күчүмэҕэйгэ дылы. Ол да иһин дьоҕура суох хоһоонньуттар урут хас эмэ сүүстэ этиллибити саҥалыы таҥыннаран, саҥалыы рифмалаан эрэ баран бэчээттэтээччилэр. Василий Яковлев хоһоонноро оннук буолбатахтар. Эдэр автор бу поэзия бастайааннай темалара буолбут суоллары да адьас саҥа, сонун, художник кыраҕы, нарын, мындыр хараҕынан көрөн киһини биһирэтэрдик ойуулуур.

Талааннаах художник илиитэ суруйбут хартыынатын көрдөххүнэ, кини лирата айбыт хоһоонун аахтаххына, үөһэ эппиппит курдук, хараҕыҥ өссө ордук аһыллыбыкка дылы буолар, уруккуттан бэркэ билэр да суолларыҥ адьас саҥа көстүүлэнэн, саҥа ис хоһооннонон кэлэргэ дылы буолаллар. «Кырдьык даҕаны! Урут хайдах маны өйдөөн көрбөтөх бэйэбиний?» дии санаан кэлэҕин. Мин, холобура, Василий Яковлевич «Кустук» диэн хоһоонун ааҕан баран, эмиэ оннук санаатым. Бу хоһоон баара-суоҕа аҕыс строкалаах:

Ыаҕастаах уунан

Ардах кутан ааста.

Хараҥа былыт сүүһүн анныттан

Күн чаҕылыйа тыкта.

Оттон илин

Күөх тыа, үрэх үрдүнэн

Күҥҥэ ыттар көмүс муоста буолан

Кустук дуҕата ыйанна.

Бу иккиэйэх строфаҕа икки бэртээхэй поэтическай образ баар. Дохсун ардах эмискэ астан, өссө да ыанньыйан турар уулаах былыттан быган, күн чаҕылыйа түһэрэ кырдьык да, үчүгэйэ бэрт буолааччы. Ону ити эдэр ырыаһыт «хараҥа былыт сүүһүн анныттан күн чаҕылыйа тыкта» диэн субу харахха көстөн турар гына бэргэнник ойуулаабыт. Оттон кустук дьэрэкээн өҥүн эҥин араастаан туойдулар аххан ини, ону ити хоһоон автора адьас саҥатын, «күҥҥэ ыттар көмүс муостаҕа» холуу көрбүт. Ардаан баран халлыбыт халлааны, халлааҥҥа иэҕиллибит кустугу айылҕаҕа да, искусствоҕа да, бука, үгүстүк көрдөҕүм буолуо. Ол эрээри, «хараҥа былыт сүүстээх» күнү, «күҥҥэ ыттар көмүс муоста буолбут» кустугу Василий Яковлев миэхэ аан бастаан көрдөрдө.

Эбэтэр ааҕан көрүөҕүҥ «Хатыҥ» диэн хоһоону. Ол хоһоон өссө кылгас — алта эрэ строкалаах: Айылҕа киэргэлэ —

Ыраас хатыҥ

Үүнэн дьулуруйан турар,

Нарын кыыс оҕолуу,

Үрүйэ уутугар

Таарыйтарбат ньуурун көрүҥэр.

Бу строкалары иҥэн-тоҥон өйдөөн көрүҥ эрэ: бэрт кэрэ, нарын образ ойууламмыт буолбат дуо? «Ыраас хатыҥ үүнэн дьулуруйан турар», — диир поэт. Манна биһиги баай лабаалаах лаглайбыт хатыҥы буолбатах, кулуһун курдук көбүс-көнө, дьылыгырас быһыылаах эдэр хатыҥ көҕөрө күлүмнүүр халлааҥҥа өрө дьулуруйан тахсыбытын көрөбүт. Саха киһи саныырыгар, үрүлүйэ устар үрүйэ дьэҥкир сүүрүгүттэн ордук ыраас туох да суохха дылы. Оттон бу эдэр хатыҥ кэрэ ньуурун, бэл, үрүйэ сүүрүгэр таарыйтарбат, ол курдук ыраас, ол курдук киргэ- хахха сыстыбатах, этиэхтэн эриэккэс эбит. Бу строкалары аахпыт киһи хараҕар эдэр хатыҥ кэтэҕиттэн нарын кыыс оҕо кэрэ мөссүөнэ көстөн кэлэр.

Ардах уонна духуу. Ити икки өйдөбүллэр тугунан хабааннаһыахтарын сөбүй? Ол эрээри, поэт кыраҕы хараҕынан көрдөххө, быһаччы ситимнээх буолуохтарын да сөп эбит. Ону Василий Яковлев «Ардах» диэн хоһоонун аахтаххына дьэҥкэтин өйдүүгүн. Ол хоһоон бүтүннүүтэ бу баар:

Күөх тыа көпсөркөй саҕынньаҕар

Духуу буолан ибиирдэ:

Салгын мутукча күөх сытынан

Аҥылыс гына түстэ.

Кырдьык даҕаны! Пульверизатор духуу быыкайкаан бырдаҥаларынан ибиирэр ардах түһэригэр маарынныыр ээ. Уонна сайыҥҥы ичигэс ардах кэнниттэн тыа иһэ мутукча минньигэс сытынан дыргыйа түһээччи ээ…

Василий Яковлев наар айылҕа араас көстүүтүн эрэ хоһуйар буолбатах, кини дьон, үлэ-хамнас туһунан эмиэ суруйар. Ол суруйуулара, айылҕаны ойуулуур хоһооннорун курдук, эмиэ бэрт кылгастар, бэргэн, тупсаҕай образтардаахтар.

Сорох эдэр хоһоонньуттар ким хайдах туттан- хаптан үлэлээбитин, нуорматын төһө бырыһыан толорбутун, отчуотун төһө эрдэ түһэрбитин сиһилии ойуулаан үлэ кыайыытын, үлэ үөрүүтүн көрдөрөргө дьулуһаллар. Ити курдук ойуулаан бастыҥ үлэһит обраһын айыахха, коллективнай үлэ кэрэтин көрдөрүөххэ сөп курдук саныыллар. Ол гынан баран ким хаста, хайдах дайбаабытын, нуорматын төһө бырыһыан аһара толорбутун, отчуотун хайа чыыһылаҕа киллэрбитин эридьиэстээһин искусствоҕа туох да сыһыана суох, хаһыат заметкатын да ити курдук суруйар сатаммата биллэр. Эдэр автордар үлэни хоһуйалларыгар ити чэпчэки суолу батыһаллара дэҥҥэ көстөр түбэлтэ буолбатах. Холобура, бу Василий Яковлев хоһоонноро бэчээттэммит нүөмэригэр атын эдэр автор «Биригэдьиир санаата» диэн хоһооно баар. Ол хоһооҥҥо ааҕабыт:

Ыһыы бэлэмин туһунан

Совекка отчуот түһэрэ,

Тураҕас ыҥыыр атынан

Биригэдьиир Сааба иһэр.

«Биригээдэм миэнэ бүтэрдэ

Массыына өрөмүөнүн барытын,

Ким эрэ бэриэт түһэрдэ

Ыһыы бэлэмин отчуотун?..»

«Аны ыһыыны ким да

Иннинэ бүтэрдэрбин

Ылыам этэ мин да,

Кыайыы аалай былааҕын».

Маннык суруйуу ааҕааччы хараҕар ханнык кэрэ хартыынаны ойуулуон, кини өйүгэр- сүрэҕэр ханнык сырдык санааны үөскэтиэн, туохха ыҥырыан, туохха умсугутуон сөбүй? Суох. Хомойуох иһин, маныаха маарынныыр суруйуулар биһиги бэчээппитигэр үгүстүк тахсаллар.

В. Яковлев итинник чэпчэки суолу батыспата киһини үөрдэр. Ааҕан көрүөҕүҥ кини «Ааһан иһэн» диэн хоһоонун:

Кыталык курдук кылбаҥнаһа,

Кыргыттар бугул бугуллууллар.

Ону көрөн күүскэ-күүскэ Мин сүрэҕим тэбэн ылар.

Оо, былыт курдук көтүтэн —

Массыынам

Тохтуу түспэт да буолан!

Көстөрүн курдук, манна автор хайа кыыс хайдах хамсаммытын, төһө бугулу бугуллаабытын, нуорматын хас бырыһыан толорбутун туһунан биир да тылы эппэт. Кини автомашинанан ааһан иһэн көрбүт лоскуй хартыынатын ойуулуур. Ол гынан баран ити сэттиэйэх строка били, «Биригэдьиир санаатын» курдук, сэттэ сүүс строкалаах да хоһооннордооҕор үксү этэр. Бу хоһоону аахтаххына, күөх уйгу быйаҥын хомуйан, сайыҥҥы сардаҥалаах күн көхтөөхтүк, көрдөөхтүк, хотуулаахтык үлэлии сылдьар колхозтаах кыргыттары көрө түһэҕин. Уонна бу «кыталык курдук кылбаҥнаһар кыргыттары» кытта бииргэ үлэлэһиэххин, бииргэ ыллыаххын- туойуоххун баҕаран кэлэҕин… «Ааһан иһэн» үлэ үөрүүтүн, үлэ кэрэтин хоһуйар дьиҥ-чахчы үчүгэй хоһоон!

Ити курдук Василий Яковлев кэмчи тылларынан чаҕылхай поэтическай образтары айар, кэрэ хартыыналары ойуулуур. Ол да иһин кини кыракый хоһоонноро үгүс атын хоһооннор быыстарыгар, күн сардаҥатын түһэрбит таас лоскуйун курдук, чаҕылыйан көстөллөр. Тыһыынчалыы строкалаах сыппах- мөлтөх, унньуххай поэмалары суруйардааҕар биэстии-алталыы строкалаах маннык кыра хоһооннору суруйар күчүмэҕэйэ чахчы. Онон Василий Яковлев бу хоһооннорун үгүс поэттар үтүө холобур оностуохтарын сөп этэ.

Рецензияларга, үгэс курдук, бастаан хайҕаан- хайҕаан баран, түмүгэр «ол эрээри…» диэн саҕалаан кыра критиканы кыбыта түһээччилэр. Мин бу сырыыга ол салгытыылаах үгэһи үтүктүбэккэ, үчүгэй хоһооннору ааҕан үөрбүт санаабын эрэ этэринэн муҥурданыахпын баҕарбытым да, хайаан да аҕыйах тылы эттэхпинэ сатаныыһы. Ол авторга да туһалаах буолуо дии саныыбын. Мин ордук тоһоҕолоон икки суолу этиэх тустаахпын.

Бастакыта, билиҥҥитэ Василий Яковлев чахчылар, событиелар тас көрүҥнэрин эрэ ойуулуур, кинилэр ис хоһооннорун дириҥник арыйан көрдөрбөт, оннук соругу бэйэтигэр туруоруммат даҕаны. Кини хоһоонноро, биирдии-биирдии аахтахха төһө да тупсаҕайдарын иннигэр, уопсайынан ыллахха, «маннык баар», «мин харахпар бу курдук көһүннэ» диэн кэпсээһининэн эрэ муҥурданаллар. Поэзияҕа саҥардыы кыттан эрэр киһи итинник суруйара дьиибэ буолбатах. Эдэр автор инникитин олоххо ордук дириҥник иҥэн-тоҥон киирэргэ, поэтическай айымньыларыгар олох сытыы, дьоһуннаах боппуруостарын көтөҕөргө кыһаллыахтаах.

Иккиһинэн, В. Яковлев хоһоону суруйуу техникатын баһылыырга, ахсаабакка үлэлиирэ наада. Билиҥҥитэ кини, үөһэ эппиппит курдук, ойуулуур чахчытын художник кыраҕы хараҕынан сонуннук көрөн, уус-уран обраһы айары сатыыр эрээри, онтукатын поэтическай формула оҥорон этэри өссө да кыайбат. Быһатын эттэххэ, кини хоһоону суруйуу техникатын билбэт, сатаабат. Ол иһин кини хоһоонноро чочуллубут формата суохтар, ыһыллаҕастар. Холобура, үөһэ ахтыллыбыт хоһооннорго барыларыгар биир даҕаны точнай рифма суоҕун кэриэтэ, бары строкалар «быһа тарыйан» рифмалаһаллар. Ити куһаҕан. Рифманы хоһоону киэргэтии эрэ курдук көрүөххэ сатаммат. «Рифмата суох хоһоон ыһыллан хаалар», — диэн эппитэ В.Маяковскай «Хоһоону хайдах оҥоруохха сөбүй?» диэн ыстатыйатыгар. — Рифма эһигини инники строкаҕа төнүннэрэр, ол строканы санатар, биир санааны этэр бары строкалары биир сомоҕо оҥорор». В. Яковлев хоһоону суруйуу техникатын, хоһоон теориятын үчүгэйдик үөрэттэҕинэ сатаныыһы. Ону билбэт, сатаабат буоллахха, дэгиттэр үчүгэй поэтическай айымньыны биэриэххэ сатаммат.

Василий Яковлев бэйэтэ туспа куоластаах, туспа суоллаах-иистээх суруйааччы быһыытынан саха советскай литературатыгар киириэ диэн эрэниэххэ сөп. Ити курдук эрэнэргэ кини уус- уран үлэҕэ дьоҕура уонна литература соругун дьэҥкэтик, табатык өйдүүрэ кыах биэрэр. Оттон уус-уран литература аналын сөпкө өйдүүрүн «Дьикти туһунан» диэн хоһооно көрдөрөр. Ол хоһоонугар кини этэр:

Дьиктилээххэ

Эн көрдүү сатаама

Дьиктини, —

Биллэн турар, булуоҥ

Кинини.

Эн суруйан көр

Саамай көннөрү туһунан

Көннөрү,

Арай дьон бэккиһээн:

«Дьикти!» — диир гына.

Бу олус туочунайдык, олус сөпкө этиллибит санаа! Дьикти-дьиибэ түбэлтэни булан биитэр

өйтөн оҥоро сатаан суруйуу реалистическай литература суола буолбатах. Василий Яковлев дьиктини көрдүү сатаамыахха, биһиги күннээҕи олохпут — коммунизмы тутар боростуой үлэһит дьоннор олохторо, үлэлэрэ — бу баар дьиҥнээх дьиктилээхэй дьикти диэн этэр. Уот харахха этэр! Советскай литература анала, соруга итинник. Эдэр поэт айар үлэтигэр мэлдьитин девиз оҥоһуннун ити эппит тылларын:

  • Саамай көннөрүттэн дьиктини булуохха!

1960 с.

***

Софрон Петрович Данилов саха литературатын историятыгар сонун поэтическай уобарастары, тэҥнэбиллэри уонна кылгас хоһоон афоричнай форматын олус сонуннук киллэрбит Василий Яковлев хоһооннорун хайҕыан хайҕаабыта уонна бу өтөрүнэн буолбатах көстүүнү саха литературатын историятыгар киллэриэн, литературоведтар болҕомтолорун тардыан баҕарбыта (көр: Василий Яковлев «Утары саһарҕа кыыһар» диэн Сэмэн Тумат хомуйан, түмэн таһаарыытын.)

1965 сыллар диэки Василий Васильевич Яковлев «Өрүстэр кирбиилэригэр» диэн романын суруйбут кэмин туһунан суруйааччы Иван Егорович Федосеев бу курдук бэлиэтээбитэ, онон эрэ биһиги сылыктыыбыт айымньы общественнай сэҥээриини ылбыт бастакы хардыыларын. Ол туһунан сиһилии соҕус билсиэҕиҥ:

«1965 с. мин «Хотугу сулус» сурунаалга эппиэттиир секретарынан үлэҕэ ананан кэлбитим. Мин иннибинэ ити дуоһунаска үлэлээбит Рафаэль Баҕатаайыскай үрдүкү партийнай оскуолаҕа үөрэххэ барбыта. Баһылай кэргэнэ Клара Трифоновна Томскайдааҕы университет иккис курсун бүтэрэн баран, кэргэн тахсан, СГУ медфагар үһүс курска көһөн кэлбитэ. Онон кэргэнин СГУ медицинскэй факультетыгар салгыы үөрэттэрээри, Дьокуускай куоракка көһөн киирэн, бэйэтэ СГУ техническэй факультетыгар ассистенынан үлэлээбитэ. Кини айымньытын библиотекаҕа олорон суруйар үгэстээҕэ. Ол кэмҥэ кини «Өрүстэр кирбиилэригэр» диэн романын суруйбут этэ.

Биирдэ издательство директора Семен Игнатьевич Неустроев:

– Уйбаан, эн биир дойдулааҕыҥ, быраатыҥ-Василий Яковлев улахан романы суруйбут. Софрон Петрович хайгыыр, ол гынан баран, уутун-хаарын ыгыахха, үчүгэйдик редакциялыахха диир. Кини бэйэтэ солото суох. Ону эһиги ылаҥҥыт маҥнай «Хотугу Сулуска» таһаарбаккыт ээ. Онтон биһиги туспа кинигэнэн таһаарыах этибит, — диэбитэ.

Мин кылаабынай редакторбын Дмитрий Васильевич Кириллини кытары сүбэлэһэн, ылан ааҕан көрөргө, үчүгэй буоллаҕына бэчээтииргэ дэһистибит. Рукопиһы издательствоттан аҕалан, оччотооҕу сурунаал прозаҕа отделын сэбиэдиссэйигэр Николай Максимович Заболоцкайга туттардым. Николай Максимович ааҕан баран: «Үчүгэй роман суруллубут. Ол гынан баран үчүгэйдик редакциялыахха, авторы кытары үлэлиэххэ наада быһыылаах», — диэбитэ. Онон Дмитрий Васильевич биһикки сүбэлэһэн бараммыт, Николай Максимовиһы Чурапчыга биир ыйдаах командировкаҕа ыыппыппыт. Кини онно Баһылайдаахха бэйэлэригэр олорон, бэрт тахсыылаахтык үлэлээбитэ. Ол түмүгэр «Өрүстэр кирбиилэригэр» роман 1967 сыллаахха «Хотугу Сулус» 1, 2, 3, 4, 5 нүөмэрдэригэр бэчээттэммитэ. Романы ааҕааччылар улахан астыныынан, биһирэбилинэн көрсүбүттэрэ.Роман прототиптара биллэ сылдьар, сэрэйиллэр буоланнар, автортан «Киирии тыл» суруйтарбыппыт. Кини онно маннык суруйбута:

«Бу айымньыны мин олоххо баар чахчыларга олоҕуран суруйдум. Ол гынан баран хайа эмэ кэмҥэ, хайа эмэ сиргэ буолбут чопчу түбэлтэлэри бу суруйууттан була сатыыр сыыһа буолуо этэ. Манна көстөр образтары айарбар олоххо баар дьону, уларыппакка-тэлэриппэккэ, хайдах баалларынан көрдөрөргө сорумматаҕым, уус-уран суруйууга оннук баар да буолуон сатаммат. Элбэх дьонтон сүүмэрдээн, сороҕун көҕүрэтэн, элбэҕи эбэн типичнэй образтар буолаайаллар диэн үлэлэстим. Ол да буоллар, санаабын астынар гына ситэ-хото суруйдаҕым дии санаабаппын. Ол, баҕар, мин литературнай маастарыстыбаны кыайан баһылыы иликпиттэн буолуо…»

Биһиги, редакция үлэһиттэрэ, «Өрүстэр кирбиилэрин» үөрэ-көтө аахпыппыт, бары биһирээбиппит. Ордук үөрүүлээҕэ, кэтэһиилээҕэ саха уус-уран литературатыгар улахан талааннаах, олоҕу мындырдык көрөр прозаик суруйааччы киирэн эрэр этэ.

Баһылай оччотооҕу саха тыатын сирин олоҕун, кини үлэһит дьонун кырдьыктаахтык, уустук- ураннык ойуулаан көрдөрбүтэ. Романы хайгыыр ыстатыйалары Эрчимэн, Христофор Ефремов, Егор Федоров, Роман Данилов сурунаалга, хаһыаттарга суруйбуттара. Ромаҥҥа үрдүк сыанабылы уус-уран тыл уһулуччулаах маастара, саха народнай суруйааччыта Н.Е.Мординов- Амма Аччыгыйа биэрбитэ. Философскай наука доктора, профессор А.Е.Мординов роман туһунан эмиэ иһирэх, истиҥ тыллары эппитэ.Баһылай санаата эрдийбитэ, олоҕун уус-уран литератураҕа аныырга быһаарыммыта.

— Мин Омскайга учууталым Сергей Залыгин суолунан барыам. Мелиорацияҕа кини курдук наука кандидата буолуом уонна наар айар үлэҕэ көһүөм, — диирэ. Баһылай уонна кини доҕотторо Демьян Николаевич Слепцов, Николай Иванович Ефимов хайдах гынан мэлдьи кураанныыр Чурапчыларыгар ууну аҕалар, нүөлсүтэр туһунан кэскиллээх санаанан өрүкүйэ сылдьаллара. Д.Н. Слепцов да, Н.И. Ефимов да мелиорацияҕа диссертация көмүскээннэр, техническэй наука кандидаттара буолбуттара. Баһылай 1958 сыллаахха С.М. Киров аатынан Омскайдааҕы тыа хаһаайыстыбатын институтун гидромелиоративнай факультетын бүтэриэҕиттэн ыла идэтинэн төрөөбүт-үөскээбит Чурапчытыгар үлэлээн барбыта. Онно үлэлээбит дуоһунастара манныктар: тыа хаһаайыстыбатын инспекциятын инженер- мелиоратора, Чурапчы райисполкомун тутууга уонна суол-коммунальнай хаһаайыстыбаҕа отделын сэбиэдиссэйэ, РТС директора, ССКП XXII съеһин аатынан колхоз правлениетын председателин солбуйааччы. Ол саҕана кадрдары түптээн, биир үлэҕэ сырытыннарбаттар этэ.

-1962-1964 сс. — СГУ техническэй факультетыгар ассистенынан үлэлээбитэ. Ол кэмҥэ «Өрүстэр кирбиилэрин» суруйбута. Онтон эмиэ Чурапчытыгар Ленин аатынан колхозка инженер-мелиораторынан үлэлии тахсыбыта.

-1969 сыллаахха «Өрүстэр кирбиилэрин» Саха сиринээҕи кинигэ издательствота туспа кинигэнэн бэчээттээн таһаарбыта. Ол ааҕааччыларга күндү бэлэх буолбута.

-Баһылай инженер киһи быһыытынан космофизиктар үлэлэрин интэриэһиргээбэтэ. Кэлин Ленинскэй бириэмийэ лауреаттара буолбут Дмитрий Данилович Красильниковы, Никодим Николаевич Ефимовы кытары доҕордоспут, кинилэр үлэлэрин иҥэн-тоҥон билсиспитэ. Ол түмүгэр «Сардаҥа ардаҕа» диэн сэһэни суруйан, республиканскай конкурска иккис бириэмийэни ылбыта. Сэһэн 1970 сыллаахха туспа кинигэнэн тахсыбыта. Ити сыл Баһылай ССРС Суруйааччыларын союһун чилиэнинэн ылыллыбыта», — диэн олус наадалаах уонна Василий Яковлев «Өрүстэр кирбиилэригэр» романа саха обществотын бары араҥатын хабарынан дьоҥҥо-сэргэҕэ биһирэппитин кэтээн көрөрбүтүгэр бары өттүнэн кыаҕы биэрэр ахтыыны оҥорбута.

– Мин бу ахтыыга суруйааччы-мелиоратор Сергей Залыгин туһунан этиллибиккэ тохтоон ааһыах этим. Сергей Залыгын элбэҕи айбыт, бэйэтин кэмигэр биһирэппит суруйааччы этэ. Кини «Трубка снайпера» диэн бэртээхэй сэһэнин ааҕар турардаахпын, онно Семен Номоконов диэн албан аатырбыт, сэриигэ снайперынан сылдьан Гитлер ставкатыттан улахан сорудахтаах кэлбит немец аармыйатын улахан чыыннаах тойонун өлөрбүт, ол түмүгэр Ленин уордьанынан наҕараадаламмыт киһи этэ. Бу Семен Номоконовка туһаайбыт немец дьахтарын суруга 1975 сыллаахха «Литературнай газета» диэн хаһыакка бэчээттэммитин аахпытым. Онно: «Эн, Семен Номоконов киһи бөҕөнү өлөрбүтүҥ, мин Ганспын баҕардар эн өлөрбүтүҥ буолуо», — диэн эппит этэ.

Семен Номоконов онуоха: «Мин сэриинэн киирбэтэҕим, эһигини ыҥырбатаҕым. Өйдөө, мин сэрии кэмигэр биир да буулдьаны кураанахха ыппатаҕым. Ыппыт буоллахпына, Эн, да Гансыҥ куоппатаҕа буолуо. Мин сэриини тохтотоору ытарым», — диэн дьоһуннаах харданы биэрбитэ.

Итинэн мин Василий Яковлев олоҕу дириҥник билэр нуучча ньургун киһитиниин, Сергей Залыгинныын доҕордоспута, кинилиин биир идэлээх дьон сиэринэн санааларын дириҥник билсибиттэрэ суола-ииһэ суох хаалбатаҕа буолуо диэн санааҕа кэлэбин. Олоҕу дириҥник хорутан өйдүүр биһиги Василий Яковлеппыт: «Мин Омскайга учууталым Сергей Залыгин суолунан барыам…», — диэн мээнэҕэ эппэтэх буолуохтаах.

1969 сыллаахха «Өрүстэр кирбиилэригэр» романы Саха сиринээҕи кинигэ издательствота туспа кинигэнэн бэчээттээн таһаараатын кытары ааҕааччылар конференцияларын ыытыылар буолуталаабыттара. Эрчимэн ыстатыйа-ырытыытыгар «үөлээннээх» диэн тылы тоҕо туттубутун уонна бу тыл нөҥүө айымньы ис тыынын хайдах өйдүөххэ сөбүн туһунан профессиональнай быһаарыыны биэрбитин болҕомтоҕо ыларбыт наада, тоҕо диэтэххэ, критик «Өрүстэр кирбиилэригэр» ойууланар эйгэни аһар күлүүспүт онуоха сытарын ыйар:

– «Үөлээннээх! Бу тыл айах кэпсэтиитигэр төһө да элбэхтик: туттулуннар, биһиги литературоведениебытыгар бэйэтэ туспа, киэҥ өйдөбүл быһыытынан өссө киирэ илик. Ол оннугар «биһиги кэммит киһитэ», «биһигини кытта биир кэмҥэ олорор, үлэлиир киһи», «эт саастаахпыт» эҥин диэн төһө эмэ төгүрүтэн этээччибит. Э. Пекарскай тылдьытыгар «үөлээннээх» диэн тыл нууччалыы «сверстник», «ровесник», «современник» диэн, тылларынан бэриллибит. Оттон биһиэхэ — литературоведтарга дьэ ити «современник» диэн тылга тэҥ суолталаах суос- соҕотох чиҥ тыл хайдахха дылы нааданый!Советскай литератураҕа, ол иһигэр саха литературатыгар, үөлээннээхтэрбит образтарын айыы аан бастакы соругунан турбута уонна турар. Бу туспа аналлаах чинчийиини эрэйэр научнай боппуруос, биһиэхэ саха советскай литературатын төрүттээччибит П. Ойуунускай «Кыһыл Ойууна» ханнык уус-уран ньыманан суруллубутун быһаара сатааһынтан саҕаламмыта түбэһиэхчэ буолбатаҕа. Үөлээннээхпит, ол аата советскай киһи, обраһын айыы историята, биһиги литературабыт тыын проблематын — социалистическай реализм проблематын кытта быстыспат ситимнээх.

«Өрүстэр кирбиилэригэр» диэн роман — биһиги үөлээннээхтэрбит тустарынан роман. Киниэхэ тыа хаһаайыстыбатын билиҥҥи тирээн турар сүрүн боппуруостарыттан итэҕэһэ суох суолталаах, быһаарар суолталаах да диэххэ сөп, советскай дьоннор, коммунистар майгыларыгар-сигилилэригэр сыһыаннаах принципиальнай, быстах да боппуруостар аһара сытыытык уонна эмиэ бэйэтин кэмигэр сөпкө көтөҕүллэллэр. Айымньыга биһиги коммунистическай идеалларбытыгар чугасаһар аһара ыраас дууһалаах үрдүк дьулуурдаах геройдары сэргэ, бэл бүгүҥҥү даҕаны моральнай-этическэй нуормаларбытыттан хаалбыт, халыйбыт дьоннор эмиэ бииргэ үтүрүһэ-хабырыһа, хатыһа-соһулла сылдьаллар. Кинилэр мөккүөрдэрэ «Өрүстэр кирбиилэригэр» ааҕааччыны тардар, долгутар күүһүнэн буолар», — диэн. Критик Эрчимэн «Өрүстэр кирбиилэригэр» романы ырытарыгар суруйааччы Василий Яковлевайымньы психологаческай түгэннэригэр болҕомтотун уурар, саха литературатыгар урукку өттүгэр суох, түгэхтээх түмүктээһиннэрдээх санааҕа-онооҕо аҕалар, дьиҥ реалистическай суруйууну саҥа көстүү быһыытынан литература историятыгар олохсутуон баҕарар: «Өрүстэр кирбиилэригэр» роман кэмэ суох элбэх персонажтарыттан, эбэтэр, үс кини геройдарыттан ким ордук уһугулаан айымньы идеятын, философиятын арыйарый?

Аркадий Тугутов, эбэтэр Ирбитин диэххит. Кырдьык, бу икки персонаж биһиги коммунистическай идеалларбытыгар чугасаһар, ол диэки хабааннаах типическэй образтар буолаллар. Кинилэргэ биһиги бүгүҥҥү тыабыт хаһаайыстыбатын специалистарын саамай бастыҥ хаачыстыбалара түмүллэн бэриллибиттэр. Бу икки эдэр дьон Тит Бардасов антиподтара. В.Яковлев оннук күүһүрдэн оҥоро сатаабыт. Сороҕор ол наһаа биллэр автор эдэрин, мастерствота өссө ситэ-хото илигин эрэ туоһулуур.

Суруйааччы бэйэтин идеятын — саамай ыалдьар боппуруоһун этэригэр хайаан да сүрэҕэ сөбүлүүр персонаһын туһанар буолбатах. «Өрүстэр кирбиилэригэр» үс үөлээннээхтэртэн иккитэ төһө да биһирэбиллээх геройдар буолбуттарын иһин, роман сюжетын дьиҥнээхтик хамсатар, кини идеятын толору арыйар обраһынан Тит Бардасов буолар. В. Яковлев төһөнөн кинини психологическай өттүнэн ситэн туран иһигэр: «Маннык буолумаҥ!» — диэн хаһыытыы олорорун истэргэ дылыгын. Кини икки үөлээннээхтэрэ эмиэ роман саҕаланыаҕыттан ону ситиһэ сатыыллар. Били күөл кытыытыгар, «Триумвират» туругурарын туһугар «көмүс санаалар, көмүс тыллар, көмүс кэмҥэ» этиллэр киэһэлэригэр, бэл онно Тит: «Суох, арааһа, эһиги миигин мөрөйдүөх быһыылааххыт», —диэн сөпкө түүйбүт эбит.

Бардасовы, уус-уран образ быһыытынан чопчу ыллахха, бу биһиги общественнай олохпут эйгэтигэр оннук түбэһиэх көстүү буолбатах. Кырдьык, Артур Иоганцев уонна кини курдук бэйэмсэх биирдиилээн дьоннор бэйэлэрин эрэ иннигэр үчүгэйи оҥорон биһиги ортобутугар сүөдэҥнэһэн сылдьаллара үчүгэйэ суох. Оннооҕор хас эмэ сүүһүнэн дьоннор коллективнай хаһаайыстыбаларын экономическай дьылҕаларын дьаһайар дьон кими да билиммэт буолуулара, волюнтаризмҥа охтуулара ордук охсуулаах, алдьатыылаах. Ол туһунан этээри В. Яковлев илиитигэр бөрүөнү ылбыт.

Бардасов бэйэтэ эрэ билбитин бырааптаан талбытынан дьаһайарыгар киирсибэт дьоҥҥо хайдахха дылы кырыктааҕый, баттыгастааҕый? Ыанньыксыт Балбаара Седалищева тылынан эттэххэ, туох да буруйа суох Байбал ууһу «кыыллыыр-саһыллыыр». Эрэ биирдэ кини бэйэлээҕи өрө көрөн саҥарбытын иһин өһүөннээн, Таня диэн эдэр ыанньыксыты ыарахан кэмигэр киһи булан солбуйтарбакка ыарыһах оҥорор — «үйэтин сарбыйар». «Тит Миитэрэпээнэбис холкуоһу тупсарда, байытта, эти-аһы дэлэттэ дииллэр. Кини аны, баҕар, сүүс да төгүл тупсардын, баҕар, биһигини кини наар сыаҕа-арыыга да сөтүөлэттин, кини дьону олус үүрэр-түрүйэр, баттыыр-атаҕастыыр, дьону сэниир, дьону дьон курдук көрбөт буоллаҕына, ол аата дьиҥнээх салайааччы буолбатах». Бу Түгэх Алаас ыанньыксытын Балбаара Седалищева тыла», — диэн быһаарыыларынан.

Эрчимэн итинтэн салгыы биир суол олус наадалаах, суруйааччы Василий Яковлев саха инники көлүөнэ суруйааччыларыттан уратытын сөпкө быһаарбыта, инники чинчийээччилэр ону өйдүүллэрэ уонна критик Эрчимэн даҕаны, автор даҕаны үөскээн-олорон ааспыт кэмнэрин бары ымпыгын-чымпыгын билэллэрэ бу ромаҥҥа ойууланар кэм кэнниттэн кэлиэхтээх ситими сатаан бэрийэллэригэр туһалаах буолуо диэммин холобурдуубун.

* * *

«Как прежде о романисте говорили: «У него богатое воображение». Так я хочу, чтобы нынче говорили: у него есть чувство реального»…

Дар видеть правду — явление еще более редкое, чем дар творчества».

Э. Золя.

Бу цитатаны литературнай критик Е.П. Шестаков-Эрчимэн «Үөлээннээхтэрбитин өтө көрөн» диэн Василий Яковлев «Өрүстэр кирбиилэригэр» диэн романын туһунан дириҥник эҥсэн суруйбут ыстатыйатыгар туттубута. Эрчимэн «Өрүстэр кирбиилэригэр» элбэх персонажтаах улахан социальнай- психологическай роман диэн сыанабылы биэрбитэ уонна: «Манна республика дьылҕатыгар сыһыаннаах дьоһуннаах боппуруостары быһаарар обком секретара Саламатовтан, министр Бугуловтан (саха прозата ити тэрилтэлэр кабинеттарын хаһан эмэ өҥөйбүтэ дуу, суоҕа дуу?..), кыараҕас, «кирдээх хараҥа хоско» үлэлиир ЗАГСа бюротун, оннук биллибэт-көстүбэт сэмэй инспекторыгар Гриша Тугутовка тиийэ, оройуон, колхоз салайар үлэһиттэриттэн, специалистарыттан эти, үүтү бэйэлэрин чэрдээх илиилэринэн оҥорор ыанньыксыттарга Балбаара Седалищеваҕа, Аргуноваҕа, уо.д.а. тиийэ кимнээх-кимнээх суохтарый! Олору барыларын характеристикалыах диэтэххэ биир бачча суруллуон сөп.

В. Яковлев дьону дуоһунастарынан, үөрэхтэринэн, үөрэҕэ суохтарынан араартаан «омсолоох», «биһирэбиллээх» герой оҥортообот. Кини кими даҕаны, туох-ханнык иннинэ киһи быһыытынан санаан, сыаналаан олорон сирэй көрбөҕө суох ойуулуур. Эдэр суруйааччы талаанын, ити демократическай хайысхатын хайдах да бэлиэтээбэт буолуохха сатаммат.

«Өрүстэр кирбиилэригэр» дьахталлар эмиэ аҕыйаҕа суохтар. Олортон Валя Снегирева обраһын көрдөрүү Липаттан итэҕэһэ суох дьоһуннаах миэстэни ылар. Тугутовка уонна Ирбитиҥҥэ холоонноох үтүөкэннээх дьоннор син оройуон, нэһилиэк ахсын кэриэтэ бааллара чахчы. Оттон Валя Снегирева курдук тапталыгар уһулуччу бэриниилээх, субу өлөөрү сытар киһиэхэ кэргэн тахсаары ЗАГСаҕа тэбинэн тиийэр кыыс баарын итэҕэйиэххин эрэ баҕараҕын…

Тит Бардасов бэйэтэ эрэ буолбакка, кини кэргэнэ Настя Бардасова эмиэ өйгө-санааҕа хатанардык чаҕылхайдык кэпсэнэр. Бу олохтоох тыллаах-өстөөх, сайаҕас майгылаах, кэргэн быһыытынан аһара ис киирбэх, тулуурдаах, дьоһун дьахтар. Кини дьиэтин түбүгүнэн эрэ муҥурдаммакка общественнай олоххо, үлэҕэ-хамнаска бэйэтин миэстэтин булуох, үгүс дьоҥҥо үтүөнү оҥоруох киһи. Кини Тит Бардасовы ардыгар сэмэлиир, үөрэтэр тыллара ааҕааччыга кэрэхсэтэллэр.

Стендаль, романы улахан суол устун айаннаан истэххэ, туох баары барытын түһэрэн, көрдөрөн иһэр сиэркилэҕэ холообуттааҕа. Ол дьикти сиэркилэҕэ «киһи-аймах историческай суола- ииһэ эрэ буолбакка, туһааннаах эпохаларга, ол баран иһэр суолгун-иискин хайдах өйдөөһүнүҥ кытта тыктарыллар» диэбиттээх, — диэн олус сөпкө эппитэ.

     Сахалыы прозаҕа В.Яковлев бэйэтин новатор курдук туттан-хаптан киирбэтэр даҕаны тыл-өс, стиль өттүнэн кини Амма Аччыгыйын, Эрилик Эристиини, кими даҕаны хатылаабат, үтүктүбэт.

    Хаһан эрэ биһиги суруйааччыларбыт кылаассабай эрэ хатыһыы көмөтүнэн чаҕылхай характердары, тыҥааһыннаах сюжеттары оҥорор эбит буоллахтарына, бүгүҥҥү биһиги даҕаны чуумпу олохпут чахчыта оннук драматическай матырыйаалы биэрэрин «Өрүстэр кирбиилэригэр» үчүгэйдик көрдөрдө.

    «Меня         страшит          измельчавший, противоречивый, пассивный антигерой, разрушенная, двойственная личность, которая уже не в силах бороться со своим «минусом», — диэн суруйбута Э. Межелайтис. — Человек, разумеется, сложен и противоречив. В свое время мы его упрощали. Это отнюдь не «винтик» и не сказочный, всегда побеждающий герой, которому все дается легко и просто. Человек сложнее, чем мы иногда полагаем. Однако пессимистический взгляд менее всего способен проникнуть в эту сложность. Такой взгляд на человека — это ложь, беспомощная капитуляция перед злом. Есть реальный человек с его реальной борьбой, с его реальными достоинствами и недостатками».* (*Э. Межелайтис. Автобиографические фрагменты. «Вопросы литературы», 1964, №1 — с.83).

«Өрүстэр кирбиилэригэр» роман геройдара бука бары дьиҥнээх дьоннор. Кинилэр үчүгэйдэрэ, итэҕэстэрэ даҕаны биһиги үөлээннээхтэрбитигэр баар суоллар.

«Сарыал» уонна «Коммунизм» колхозтар колхозтаахтарын олохторо, кинилэр өйдөрө- санаалара, культурнай таһымнара хаһан эрэ Уйбаан Миитэрэйэбис тэрийбит Кыра Хабырыыс аатынан колхоһун чилиэттэрин олохторуттан,           материальнай-культурнай таһымнарыттан төһөлөөх уларыйбытын, тупсубутуй, уустугурбутуй! Ол үрдүнэн билигин даҕаны кыайтарбатах, сиппэтэх элбэх. Мөккүөр, хатыһыы төрүөтүнэн өссө да ол туоратылла илик итэҕэс, өссө да үрдүктэн үрдүккэ, ордуктан ордукка тардыһыы буолаллар. Хатыһыыта суох олох, салгыы сайдыы суох. Кини ис хоһооно, формата эрэ уларыйар», — диэн быһаарбытын.

Эрчимэн «Өрүстэр кирбиилэригэр» романы үөлээннээхтэрбит олох түллэр үөһүгэр дьэ эбии кииллийэн, буһан-хатан, сыыһаларын- алҕастарын өйдөөн тахсар кирбиилэрин курдук өйдөбүлүнэн бу ыстатыйатын түмүктүүр, улахан ыйытыыны туруорар:

«Триумвират» ити курдук үрэллибитэ»,

  • диэн түмүктүүр В. Яковлев романын. — Кырдьаҕастар киһини биир хонук өйдөтөр баҕайы диэччилэр. Баҕар, Бардасов оҥорбут сыыһаларын-халтыларын аахсан, кырдьык да, таба суолга үктэниэ. Баҕар, олох тыйыс анала билигин ити өрүстэр кирбиилэрэ дойдуга хаалбыт икки ыга доҕордуу дьону эмиэ атырдьах салаатын курдук араартаан кэбиһиэ. Баҕар, бу урукку үс доҕордуу дьон, хаттаан биир тылы булан «триумвираттарын» саҥа туругурдуохтара
  • бу сырыыга олох баай үөрүйэҕэр олоҕуран, бигэтик, аны халбаҥнаабат гына. Баҕар… элбэх буоллаҕа эбээт «баҕар» диэн…»

Оннук! Ол гынан баран биһиги айымньыга туох суруллубутун эрэ көрөбүт. Бардасов, баҕар, «таба суолга үктэниэ». Дьэ ол кини дьыалата. Ол гынан баран, Бардасов «Коммунизм» колхозтан уһуллубутуттан бардасовщина уурайда дуо? — диэн.

Бу Эрчимэн ити эппитин урутаан маннык түмүгү оҥорбута:

«В. Яковлев бэйэтэ туспа санаалаах, көрүүлээх художник-мыслитель быһыытынан олоххо орооһуон, быһаарсыан баҕата бу ордук күндү. Ону кэлин суруйбут «Сардаҥа ардаҕа» диэн сэһэнинэн эмиэ бигэргэттэ. Колхозтаах, партийнай үлэһит, ученай, саха, нуучча, өссө атын ханнык эрэ омук киһитэ эҥин диэн кини иҥнэн-толлон турбат. Элбэх өрүттээх, киэҥ далааһыннаах, үрдүк сайдыылаах, биһиги кэммитигэр чахчы сөптөөх, үөлээннээхтэрбитин өтө көрөн, наадалааҕынан аахтаҕына үйэтитэр да кыахтаах өссө биир дьиҥнээх реалист суруйааччыламмыппыт биһигини үөрдэр, кэтэһиннэрэр», — диэн.

Ити курдук литературнай критик Егор Петрович Шестаков-Эрчимэн суруйааччы Василий Васильевич Яковлев «Өрүстэр кирбиилэригэр» диэн бөдөҥ айымньытын сиһилии ырытан, саха литературатын киниэхэ диэри айан-сайдан кэлбит суолун литературнай критика историятыгар олохсутардыы суруйбут «Үөлээннээхтэрбитин өтө көрөн» диэн монографическай ыстатыйатын Эрчимэн кинигэтин түмэн «Аһаҕас санаалар» диэн аатынан таһаартарарбар (1999) уонна Василий Яковлев «Утары саһарҕа кыыһар» (хоһооннор, рецензиялар, ахтыылар, 1998) хомуйан, киирии тылы суруйан таһаартарбыт кинигэлэрбэр анаан-минэн киллэртээбитим, кэлиҥҥи таһаарыыбар «Өрүстэр кирбиилэригэр» роман уонна кини персонажтарын туһунан санаабын бэлиэтээн суруйбутум.

Ол бэлиэтээһиннэрбиттэн «Өрүстэр кирбиилэригэр» роман туһунан маннык түмүк санааны эппиттээх эбиппин: «Арай кини «Өрүстэр кирбиилэригэр» романын суруйбатах буоллун, оччотугар билиэ- өйдүө этибит дуо Чурапчы сиригэр-уотугар хайдахтаах курдук сырдык санаалаах, үрдүк идеялаах Аҕа дойду Улуу сэриитин аргыардаах, эстиилээх-быстыылаах сылларын туораспыт эдэркээн дьоннор научнай-техническэй өйү- санааны Тыа сиригэр олохсутан, айан тутан курааны утары охсуһуу эпопеятынан буолбут чахчы даҕаны күүрээннээх олоҕу олорбуттарын, бары ыараханы кыайан-хотон хоһуун санааларын олоххо-дьаһахха киллэрбиттэрин?!

«Өрүстэр кирбиилэригэр» күөрэтиллибит проблемалар, арааһа, Тыа сирэ баарын тухары чулуу романист сүрүн, идеяларын олох устун илдьэ бара тураллара буолуо дии саныыбын», — диэн.

«Бу балар «Өрүстэр кирбиилэригэр» диэн романым суруллубут тэтэрээттэрэ… Бу манна суруллубут строкалары сыныйан-атытан көрдөххө киһи санаата тохтуура, арааһа, элбэх буолуо…» — диэбитэ уонна ол халыҥ киппэлэри ыйан көрдөрбүтэ. Ити кэмҥэ кини «Уот иитиитэ» диэн иккис улахан романын суруйбут кэмэ этэ.

Мин Василий Васильевичка ол кэмҥэ туох наадалаах тиийдим этэй? Ол маннык. Ийэм балта Аксинья Никитична Ногнорутова (Сиссина) балыыһаҕа операцияҕа киириэн иннинэ: «Оҕом, сылгы этинэ булан сиэт, сэниэ киллэриниэм этэ», — диэбитэ. Суруйааччылартан хас да киһиттэн ыйыталаһан мэлийбитим. Василийга тиийбитим.

Онно ити курдук эппитин өйдөөн хаалбыппын. Дьолго Василий Васильевич холодильнигар убаһа этин кырылаччы анньан турар эбит. Онтон эт ылан биэрэн абыраан турардаах.

Күн-дьыл ааспытын кэннэ, Туой Хайа олохтоохторо Бүлүү ГЭҺин тутар кэмнэригэр сирдэриттэн-уоттарыттан үүрүллэн-үтүрүллэн Мирнэй куоракка кэлбиттэрин, онно көрсүбүт эрэйдэрин-муҥнарын,     атаҕастабылларын, билиҥҥэ диэри 25 метрэ дириҥҥэ турар бөһүөлэктэрэ тимирбитин суохтуулларын «Туой Хайаны ахтабыт-суохтуубут» диэн кинигэни редакцияталларыгар-оҥортороллоругар биирдэ бабат диэбитим, биһиги Василий Яковлевпыт чопчу бу Туох Хайа олохтоохторун иэдээнин «Уот иитиитэ» диэн романыгар ыар-нүһэр тылынан-өһүнэн суруйан киллэрбитин.

Чурапчы оройуонун күүс өттүнэн көһөрүллүүтүн, Аҕа дойду Улуу сэриитин сылларын кэннинээҕи олох саҥа күүһүнэн түллүүтүн Василий Яковлев түмэ тардан «Өрүстэр кирбиилэригэр» романын суруйдаҕа, дьиҥэр, бу айымньы хабар кэмэ саха норуотун олоҕун икки сүһүөҕүн кытары туох да диэбит иһин ыкса сибээстээх, бу сүдү проблемалары көтөхпүт айымньы биһиэхэ бүтэйдии нүөлүтэн тиэрдэрэ итинник, ону, арааһа, эпическэй суруйуу үрдүк таһымыгар тахсыбыт эрэ суруйааччы история быстыбат ситимин кытары сибээстээн эрдэҕэ буолуо.

Василий Яковлев общество, тутул, өй- санаа уларыйыытын тутулун илдьэ сылдьар тиэмэлэри олох бэйэтин үөһүттэн ураты көрүүлээхтик арааран ылан уус-уран айымньы, буолаары буолан роман жанрынан биэрэн эрдэҕэ (мин билигин даҕаны кинини баарын курдук саныыбын). Сэрии иннинээҕи олох- дьаһах, ааспыт үйэ 60-70-с сыллара — сайдыы саҥа хайысхатыгар тахсыы кэмэ этэ буоллаҕа. Ол модун сайдыыны, хотугу кыраайга алмаас, көмүс промышленноһын электрическэй уоту ылбаккаҕын эрэ өрө көтөхпөккүн. Аны олор түргэн тэтимнээхтик олоххо киирдэхтэринэ эрэ судаарыстыба кыаҕырар-күүһүрэр, үүнүү- сайдыы улаатар. Ол инниттэн ГЭҺи тутуу курдук дьаһаллар суһаллык, тугу, кими да аахсыбакка туран Партия Киин Комитетын (Коммунистическай партияны этэбин) быһаарыыта бары утарсыыны хам баттаан туран олоххо киирэрэ. Ол иэдээнин уу анныгар барбыт Туох Хайа олохтоохторун сордоруттан көрөбүт- билэбит.

Биллэрин курдук, Бүлүү ГЭҺин бастакы электрическэй уотун биэрии хайдахтаах курдук норуот героизмын курдук өрө тутулунна ахан этэй? Радионан, хаһыатынан уруйдааһыны оччотооҕу кэм дьоно истибиппит ахан, чахчы үйэ модун ситиһиитэ диэн этиини итэҕэйбиппит, онтубут үйэбит оспот-сүппэт иэдээнэ буолан аҕыйах сылынан эргийэн кэлиэхтээҕин билбэт да, сэрэйбэт да этибит.

«Уот иитиллиитэ» Василий Яковлев иккис улахан романа. Научнай-техническай прогресс уонна олохтоох норуот дьылҕата хайдах курдук киэҥ далааһыннаахтык, эмиэ да трагическайдык арыллыбыттарай бу сүдү айымньыга. Бүлүү Гэһин тутуу стратегията уонна олохтоох норуот научнай-техническэй тосту тутуулаах, алдьатыылаах өрүттэригэр түбэһиитин аны санаатахха Василий Васильевич Яковлев олүс да хорсуннук көтөхпүт, суруйбут эбит ээ. Бүлүү Гэһин тутуу туһунан ити кэннэ дуоспуруннаах айымньы айыллыбытын тоҕо эрэ өйдөөбөппүн. Урут наар уруйдааһын-айхаллааһын өттө поэтическай, публицистическай суруйууларга оччолорго баһыйбыт эбит буоллаҕына, суос соҕотох «Уот иитиллиитэ» роман техническай сайдыы үчүгэй да, омсуолаах да өрүттэрдээҕин биир бастакынан уус-уран айымньы киэбинэн арыйан көрдөрбүтэ. Билигин бу ГЭС тутуллан Бүлүү өрүһэ сүһүрдэ диэн аҕыс айдаан. Оттон бу сөҕүмэр экологическай охсуулары аҕалбыт техническай хардыы олохтоох дьону, холобурга ыллахха, Туой Хайа олохтоохторун төһөлөөх эрэйгэ-кыһалҕаҕа тэппитин туһунан этии- суруйуу күүскэ оҥоһулла илик. Ол көлүөнэ дьон иэдээннэрин, бэйэтэ техническэй эйгэ үөрэхтээҕэ буолан Василий Васильевич Яковлев ким хайа иннинэ «Уот иитиллиитэ» хайдах курдук алдьатыылаах өрүттэрдээхтик киирбитин биир бастакынан эппит-өйдөппүт, санаппыт киһинэн буолар. Итиниэхэ сытар суруйааччы Василий Яковлев үйэлэргэ умнуллубат үтүөтэ- өҥөтө», — диэн суруйааччы туһунан (В.В. Яковлев төрөөбүтэ 70 сылынан) «Олохтон тахсыбыт» диэн суруйааччы ыстатыйабар ити санаабын быктарбыт эбиппин.

Тоҕо ити курдук сыанабыллары, түмүүлэри биэрэ сатыыбыный?! Кэлиҥҥи саха литературатын «Очеркаларыгар» Василий Яковлев бу икки улахан романын туһунан ситэ-хото сырдатыллыбата, ситимнээхтик- утумнаахтык, туох кыһалҕаттан суруйааччы эпохальнай тиэмэлэргэ ылсан үлэлээбитигэр литературнай-критическэй   анализтааһын,

ырытыы оҥоһуллубата. Саха литературатын күөннээх    айымньыларын          ситимин

кэспэккэ, сайдыы тахсар өрүттэрин көрөн сырдатыллыахтаах, оччоҕуна эрэ саха литературатын эпохальнай сайдыытын уонна олоҕу, обществоны дириҥник хорутан өйдөөһүнү, онуоха наадалаах хайысханы биһиги ааҕааччыга үөскэтиэх тустаахпыт. Ити кыаллар эрэ буоллаҕына, саха уус-уран литературата кэлэр көлүөнэ дьоҥҥо убаастабылы, сэҥээриини, санааны-оноону киэҥник-куоҥнук этэр кыахтаах эйгэ быһыытынан ыллыан сөп дии саныыбын.

Василий Яковлев үһүс романа — «Кэрэхтээххэ» диэн. Кини бу айымньытын Тааттаҕа Ытык Күөлгэ олорон суруйбута, кэлиҥҥи хоһооннорун эмиэ онно айбыта. Таатталар Баһылай биһиэхэ үчүгэйдик олорбута дииллэрин мин итэҕэйэбин. 90-нус сылларга Чурапчыга кэлбитэ. Онно даҕаны чурапчылар киниэхэ үчүгэйдик, аһынан- харыһыйан туран сыһыаннаспыттара. Ол үтүө сыһыаммыт көстүүтүнэн Василий Васильевич Яковлев төрөөбүтэ 50 сааһын бэлиэтээһиммит буолбута.

Ол түгэни дневникпэр маннык бэлиэтэммит эбиппин:

«Кэрэхтээххэ» диэн романын суруйа сылдьар кэмигэр Василий Васильевич Яковлевы үгүстүк көрсөрүм. Дьиэбэр-уоппар хонон- өрөөн барара да баара. Биир күн көрсөн саҥа айымньытын хайаһан эрэрин ыйыталаспытым. «Чугаһаттым эрээри бу совхознай тутулум суох буолан эрэр дии… Онон ромаммын хайдах туох түмүктүүрбүн бу диэн билбэккэ сылдьабын», — диэбитэ Василий Васильевич.

Кини биһиги төрүт да үчүгэйдик санаһарбыт. Өйдөһөрбүт даҕаны. 50 сааһын туолуутун Иван Петрович Оконешников-Хочуон, Алексей Спиридонович Шадрин уо.д.а. буоламмыт тэрийсэн, киһибитин үөрдэн-көтүтэн турардаахпын. Ол түгэн хайдах этэй? Оччолорго биир дойдулааҕа Анотолий Васильевич Ефремов (Болтоҥоттон төрүттээх) Субуруускай аатынан совхоз директорынан үлэлиирэ. Этиибитин киһибит үөрүүнэн ылынна, сөп буоллаҕа диэтэ. Совхоз үлэһитигэр Петр Сергеевич Соловьевка суруйааччы Василий Яковлев үбүлүөйүгэр туттарга биир убаһаны биэрэргэ диэн ис хоһоонноох суругу биэрдэ. Анотолий Васильевич 100 кг ыйааһыннаах убаһаны диэбитин биирдэрэ тоҕо эрэ ыйааһынын куччатан дьаһал кумааҕытын суруйда уонна Кындалга баар сылгы үөрүттэн Константин Павлуцкай тутан биэрэригэр, астыырыгар диэн быһаарда. Суругу туппутунан Болтоҥо Кындалыгар тиийдибит. «Ол кини билэн тутуохтаах үһү дуо, хонууга-сыһыыга сылдьар убаһа төһө ыйааһыннаммытын. Бэйэбит билэрбитинэн тутар дьон буолуохпут ээ», — диэтэ Константин Павлуцкай уонна эбэн эппитэ: «Баһылайга тиэрдиҥ, эдьиийдээх убайыҥ (эдьиий диэн кэргэнин Татьянаны ааттаабыта) астаан-үөллээн, буһаран-хатаран биэриэхпит. Санаарҕыы хайыы сылдьыбатын. Этэрбитин тиэрдиҥ».

Василий Яковлев үбүлүөйэ киинэ түспүт Кындалтан чугас Ураһалаах диэн алааска түөлбэлээбитэ. Убаһаны астаан буһара сырыттахпытына Анатолий Васильевич Ефремов тиийэн кэлбитэ. Ону көрөөт, кини:

—Доҕоттоор, сайыҥҥы убаһа диэтэххэ үчүгэй соҕус эбит ээ, — диэн үөрбүтүн биллэрбитэ.

Биһиги болтоҥолор сааспытыгар куһаҕан убаһаны сиэбэтэх бэйэбит, —диэт Константин Павлуцкай убаһа эмис ойоҕосторун ырылыччы тардан көрдөрбүтэ.

Үбүлүөйдээх киһибит иннигэр былыргылыы бүтэйдии буһарыллыбыт убаһа баһын күтүр улахан кытыйаҕа лөглөччү ууран уонна саха быһаҕынан астаан-үөллээн, илиигинэн- атаххынан тутан аһаа диэн иннигэр ууран кэбиспиттэрэ. Василий Васильевич Яковлев онно сүрдээҕин үөрбүтэ, уйарҕаабыта, астыммыта да быһыылааҕа. Кини олус үчүгэйдик үөрэрэ-көтөрө, киһи өтөрүнэн умнубат сылаас- сымнаҕас, истиҥ-иһирэх мичээрдээҕэ», — диэн бэлиэтэммит этим, ону кэлин ыстатыйабар киллэрбитим.

Бу чахчы буолбут түгэн өссө биир өрүтэ баар: «Чугаһаттым эрээри бу совхознай тутулум суох буолан эрэр дии… Онон ромаммын хайдах туох түмүктүүрбүн бу диэн билбэккэ сылдьабын», — диэбитэ Баһылай суолга көрсөн кэпсэтиибитигэр. Ити 1991 сыл күһүҥҥү күннэриттэн биирдэстэригэр этэ.

Василий Яковлев «Өрүстэр кирбиилэригэр» романын корректуратын аахпыт суруйааччы Василий Архипович Тарабукин «Дэгиттэр кыахтаах суруйааччы этэ» диэн ахтыытыгар кини кэлиҥҥи олоҕор сыһыаннааҕы манныгы этэр:

«Кэлин мин да, кини да үлэлэрбит сүнньүлэринэн көрсөн кэпсэтэр, ону-маны ыйыталаһар этибит. Ол курдук биир түбэлтэни умнубаттык өйдүүбүн. Үлэлии олордохпутуна Василий Яковлев киирэн кэлбитигэр дорооболоһон баран:

— Октябрьскай революция 50 сылыгар аналлаах ыытыллыбыт итературнай конкурска иккис миэстэни ылбыт «Сардаҥа ардаҕа»диэн сэһэммэр сорох учуонайдар өһүргэнэн үҥсүбүттэр үһү, — диэн бэркэ кыһыйан- абаран кэпсээн ааспыта. Ол гынан баран сэһэн ааҕааччы биһирэбилин ылбыта. Саха уус-уран литературатыгар аан бастакъшан научнай-чинчийэр институт учуонайдарын уобарастарын арыйбыт суруйааччы быһыытынан сыаналыыбын. Ол иһин даҕаны өйдөспөт быһыы тахса сырыттаҕа.

Кэлин дойдубар тахса сырыттахпына көрсөн балачча уһуннук кэпсэппиппит. Онно кини Григорий Бочуров диэн дьоҕурдаах автор үүнэн эрэрин эппитэ. Кини кэпсээннэрэ кэлин хомуурунньуктарга тахсыбыта. Аны сэһэнэ «Кэриим абааһыта» диэнэ «Чолбоҥҥо» тахсан, кырдьык да, Григорий Бочуров дьоҕурдааҕын ааҕааччылар сыаналаатылар.

1984 сыллаахха «Тыа салгына» диэн балачча эттээх кинигэтин редакциялаан таһаарбыппар олус диэн үөрбүтэ, махтаммыга. Кырдьыга даҕаны кинигэҕэ киирбит кэпсээннэрэ бииртэн биир уратылаахтара, сонуннара. Ол кэмҥэ этэн турардаах: «Улахан айымньыны суруйарга сананабын. Тиэмэтэ билиҥҥи тыа сирин олохтоохторун тустарынан», — диэбитэ. Онтуката «Хотон» диэн аатынан сурунаалга тахсыбыта. Онтон кинигэ кыһатыгар киирэн кинигэ буолан тахсарыгар аата уларыйан «Кэрэхтээххэ» диэн аатынан романа бэчээттэммитэ», — диэн.

Василий Архипович «Кэрэхтээххэ» романы редактордаан таһаарарыгар миэхэ биир күн телефонунан айымньы ситэ түмүктэммэтэҕин, суруйааччы Василий Яковлев ыараханнык ыалдьыбытын туһунан эппитэ уонна хайдах бу үлэтин салайарга сүбэлээҥ диэн көрдөспүтэ. Онуоха туран мин: «Улахан суруйааччыбыт этэ буоллаҕа… Бөдөҥ суруйуута, хас да сыл суруйда… Суруйааччы киһи айымньыта хаалыа суох тустаах. Доруобуйата мөлтөөн ситэрбэккэ хаалбытын ыйан туран бэчээттииргит дуу… бэрт кыра хаалбыта буолуо ситэри суруйбатаҕа. Улахан эпопеялары суруйбут киһи бүтэн эрээхтээтэҕэ… Баһылай, кэлин литература историятын үөрэтээччилэргэ  наада буолуоҕа, суруйбутун курдук таһааран кэбис… Баһылай барахсаны…», — диэбитим.

Василий Тарабукин ылыммыта. «Кэрэхтээххэ» диэн Василий Яковлев тиһэх романа күн сирин сырдыгын көрбүтэ… Ону кытта тэҥҥэ саха улахан талааннаах сүдү суруйааччыга Василий Яковлев өтөҕүн быспыта. Кинини бары тэҥинэн аһыйбыппыт. Чурапчы дьоно харыыта суох

кэлэн таптыыр уолларыныын үйэ-саас тухары бырастыыласпыттара.

«Сымнаҕас-сымнаҕастык үктэнэн, уоһугар мичээр оонньообутунан суруйааччы Василий Васильевич Яковлев сибилигин ааны сэгэччи баттаан киирэн кэлиэх курдук…

Быйыл тохсунньу 25 күнүгэр Дьокуускайга Дьуон Дьаҥылы туһунан радиоочерк бэлэмнии киирбитим. Нөҥүө күнүгэр дьэ соло булан, онно-манна сылдьыах санааны ылынан, Саха сирин Суруйааччыларын союһун телефоннаатым.

— Киирбиккин истибиппит… Доҕоор, сатаммакка олоробут.., — диэтэ онуоха Савва Иванович Тарасов.

Ити курдук иһиттим убайым кэриэтэ саныыр биир дойдулаахпын, таптыыр суруйааччыбын Василий Васильевич Яковлевы бу күн сириттэн сүтэрбит хомолтобун. Биирдэспит ириэнэх, иккиспит тоҥ эрэ аргыстаһан дойдубутугар Чурапчыга тиийиэхпит диэн хайабыт даҕаны санаабатах буолуохтаах. Хайыахпытый, дьылҕабыт ол оннук дьаһайбытын кэннэ?!

Олус ыарахана өйгө-санааҕа: «Хайа, доҕоор, Баһылайбыт тугу үлэлиир, суруйар үһү дуо?» — диэн Чурапчы дьоно-сэргэтэ өрүүтүн сураһар киһилэрин оҕолоро, кэргэнэ Клара Трифоновна уонна биир дойдулааҕа, эдэр сааһын доҕоро Николай Михайлович Адамов буоламмыт массыынанан илдьэ иһэрбит. Чурапчы буоругар бокуонньугу тохсунньу 29 күнүгэр туттарбыппыт. Кутурҕаннаах митиҥҥэ киһи элбэх кэлбитэ. 1942 сыллаахха райсовет үлэһитэ буолан, күүс өттүнэн көһөрүллүүгэ барбыт    чурапчылары дойдуларыгар төннөрүү туһунан туруорсан, правительственнай комиссиялары тэрийтэрэри ситиспит Василий Петрович Харитонов уҥуоҕун ыксатыгар, Кэбээйигэ  көһөрүллүү эрэйин көрсүбүт, Василий муҥнаах ити курдук кэккэлэспитэ…

Уо, олох, эмиэ даҕаны дэлэгэйгин, эмиэ даҕаный кэрэгэйгин?!» — диэн дневникпэр бэлиэтэммитим баар, ону кэлин «Утары саһарҕа кыыһар» диэн кинигэни оҥорорбор ахтыы быһыытынан  киллэрбитим.

Ити курдук Василий Васильевич Яковлев Чурапчыга уҥуоҕун туттарбыта. Ол нөҥүө сылыгар быһыылааҕа биир күн Сайсардааҕы автобус тохтобулугар аан аһыллыбытыгар көрбүтүм биир холуочук саха оҕонньоро турара, илиитинэн миигин түс диир. Кырбыаҕа диэн куттанабын. Киһим түс дии-дии аны туран үөхсэр. Туох ааттаах киһитэ буулаата, быһаарыстахха сатаныыһы, итирик киһиэхэ соччо баһыйтарбат инибин диэн харсаах санаам киирдэ. Таҕыстым. Киһим утары кэллэ, били, суоһурҕаммыта ааһа охсубут.

  • Доҕоор, Сэмэн Тумаккын буолбат дуо…
  • Ээ, мин… тугу этээри гынаҕыный?
  • Баһылай Дьаакыбылап доҕорум этэ. Ол мин кимим эйиэхэ наадата суох… Доҕоор, «Биирдэспит ириэнэх, иккиспит тоҥ эрэ аргыстаһан дойдутугар Чурапчыга тиийиэхпит диэн хайабыт даҕаны санаабатах буолуохтаах» диэн күүскэ да суруйбуккун. Ааҕан баран ытаатым ээ… Баһылай улахан доҕорум этэ, — диэтэ уонна салгыы байааттаҥныы-байааттаҥныы бара турда.

Норуот бары араҥата Василий Яковлевы тэҥинэн аһыйбыта диэрибин бу түгэни холобурдаатым.

Тыа сиригэр ууну-хаары олохсутуу, суту- курааны кытары охсуһуу күөнүгэр саха норуотун саҥа көлүөнэ дьонун олоххо дьулуурдарын, мөккүөрдэрин, кинилэр сыыһаларын-алҕастарын, ону тэҥэ дьиҥ чахчы героическай олохторун «Өрүстэр кирбиилэригэр», промышленность Саха сиригэр хайдах-туох өрүттээхтик киирэн эрэрин тускуллаабыт «Уот иитиитэ» уонна колхознай тутул, ону тэҥэ совхознай тутуллар алтыһыыларын «Кэрэхтээххэ» романнарынан көрдөрбүт, советскай кэм эпопеятын саамай бэлиэ кэмнэрин уус-уран айымньыларынан сиһилээбит, олоҕу олох курдук көрдөрбүт атааннаах-мөҥүөннээх сүүрбэһис үйэбит чулуу суруйааччытын Василий Яковлев туһунан кылгас сиһилээһиммин:

Ол да буоллар сырдык ыраттан

Сырам, дьулуурум, айаным

Син биир тэйбэтэҕэ.

Ол буолуоҕа олоҕум, аналым —

Сир-ийэм, бар дьонум

Соруктаан анаабыт бэлэҕэ, — диэн суруйааччы бэйэтэ суруйан хаалларбыт тылларынан түмүктүүбүн.

Ааспыт үйэ 60-с сылларын ортолоруттан 80-90- с сылларга диэри Василий Васильевич Яковлев саха литературатын аатын-суолун көтөхпүт чулууканнаах бөдөҥ айымньыларын биэрбит сүүрбэһис үйэ чулуу суруйааччыларыттан биир баараҕайдара буолар. Советскай эпоха ааста, ол кэм трагедията, соро-муҥа, эрэйэ-кыһалҕата, үөрүүтэ-көтүүтэ, тугу ыраламмыта туолбут- туолбатах өрүттэрэ биир ситим тардыыта буолан Василий Яковлев суруйааччы айымньыларыгар хаалар дьылҕаланнылар, кини эрэ айымньытын нөҥүө кэлэр кэм сахалара 20-с үйэ сахатын өҥүн-дьүһүнүн, олоххо дьайыытын билиэхтэрэ турдаҕа.

Сэмэн ТУМАТ,

саха норуодунай суруйааччыта.

ВАСИЛИЙ ЯКОВЛЕВ | Журнал «Чолбон» Чолбон. – 2014. – атырдьах ыйа

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *