678683, РС(Якутия), Чурапчинский улус, с. Толон, ул. Т.Егорова, 2/1
«Төрөөбүт тыл биһигэ” киин ыытар “Эбэ ааҕар ” диэн олус иһирэх, иитии-үөрэтии өттүнэн улахан суолталаах. Оҕолорго эбэ остуоруйа ааҕара — бу олох биир саамай истиҥ, сылаас түгэнэ. Эбэ остуоруйата — оҕо дьоллоох оҕо сааһын биир дьикти өйдөбүнньүгэ буолуоҕа. «Эбэ ааҕар” ыйга биирдэыытыллар былаан чэрчитинэн, бүгүн оҕо саадыгар иһирэх көрсүһүү буолла. Биһиги кырачааннарбытыгар олохтоох автор Жанна Барашкова “Куобахчаан кэпсээнэ”остуоруйаны ааҕан, оҕо саадыгар сылаас, дьиэ кэргэнии тыыны киллэрдилэр. Остуоруйа — көлүөнэлэри ситимниир улахан күүс.
