ТОРДОХТОН КҮӨДЬҮЙБҮТ КЫЫМ
(эбээн классик суруйааччыта Н.С. Тарабукин төрөөбүтэ 110 сылыгар)
Норуот сүрэҕэ – хатан укулаат.
Норуот дьулуурун тууйуо дуу тымныы,
Ол дьуоҕа үөһүттэн, Ньукулай,
Үөдүйэн тахсыбытыҥ өһөс кыымныы,
Үйэҕэ суулунна өй-сүрэх кыаһыта,
Өбүгэ сэһэнин сурукка тиһэммит,
Эбээннии тойук уучаҕын сыһытан,
Эн тыырбыт ыыргынан эдэрдэр иһэбит.
П. Ламутскай
Эһэлээх (Муома улууһун Улахан Чыыстай нэһилиэгин сирэ) – Халыма уонна Индигиир өрүстэр быысаһар кирбиилэригэр сытар, кэлиитэ-барыыта суох, түҥкэтэх, кырыы сир. Бу сир арҕаа өттүгэр хаһан да ууллубат хаар, муус өргөстөрдөөх, дохсун сүүрүктээх, аата- ахсаана биллибэт элбэх үрэхтэринэн туора-маары быһыта охсуллубут, эбээннэр ааттыылларынан, Илин Таас көстөр. Тумул үрдүгэр тахсан көрдөххө, хоту дойду тыйыс айылҕатын самаан сайынын өҥүрүк куйаас күннэригэр да ууллубат муус халҕаһа толооннор (тарыҥнар) киирэн эрэр күн уотун саһарҕатыгар күөх толбонунан туналыһаллар. Муус халҕаһа толооннору тула утум-ситим сиэннэринэн, үрүйэлэринэн силбэспит кыра, улахан күөллэр көҕөрүмтүйэ сыталлар. Балартан саамай улахаттара, алталыы-сэттэлии биэрэстэ усталаах, үстүү-түөртүү биэрэстэ туоралаах Куока уонна Намыы күөллэр буолаллар.
Манна киһи силэ сиргэ тиийбэккэ тоҥон «топ» гына түһэр, көтөн иһэр чыычаах өлөн сууллар бытарҕан тымныытыгар да тоҥмокко итии туманынан өрүкүйэ, буруолуу сытар, сир анныттан тахсар итии сыккыстар, маннааҕылар ааттыылларынан «өйүмүлэр», сылаас уунан угуттуу сыталлар. Бу сир үүнээйитин, хамсыыр- харамайын силиһэ-төрдө, бигэнэр биһигэ буолбут арҕаа эҥээргэ сытар Бадьырыаха, Камчатка Индигииргэ, илиҥҥи Бурҕанньа, Сулукчаан, Оһооҕун Халымаҕа түһэллэр. Өрүстэр хайа сымара таастарын тоҕо солоон киирэр сирдэригэр элбэх хапчааннардаах. Олортон саамай улаханнара уонунан биэрэстэ усталаах, алта уонча хаамыы туоралаах Сулукчаан хапчаана. Хапчаан икки өттүнэн үрдүк сымара таастар субу аҕай өрүһү бүөлүү түһүөхчэ айылаах, биирдэ эмэ манан быһа охсон ааһар айанньыты кутун-сүрүн баттаан үөһэттэн барыһан, күлүгүрэн тураллар. Аллара өрүс тыына-быара хаайтарбыттыы үллэҥниир- түллэҥниир, уордайбыттыы күрүлүүр-харылыыр, сымара тааска охсулла-охсулла төттөрү тэйэр, уунан ыһыахтанар, таас быыһынан дэҥҥэ тыгар күн уотугар кустук сүүс өҥүнэн тула күлүмүрдүүр. Дьэ көрүөххэ кэрэ да, ынырык да. Аллараа, намыһах сиргэ киирдэххэ, устата-туората көстүбэт, аттаах киһи бүтүннүү түһэн хаалар кутаҥнас куталардаах, уонунан биэрэстэ туоралаах алыылар, маардар. Аны онно күлүмэн түһүүтэ, киһи саҥатын иһитиннэрбэт, сылгы тумнастан өлөр бырдаҕын, лүҥкүнэһин, кыымаайытын эбэн кэбис. Дьэ айылҕа барахсан бу сири киһи-сүөһү тэпсилгэниттэн дьалты, кистии тутаары анаан айбыт быһыылаах. Ол иһин манна билиҥҥээҥҥэ диэри ким да олохсуйбат, арай кыһынын хам-түм булчуттар, кыылдьыттар онон- манан уһаты-туора, быһыта охсон эрэ ааһаллар.
Эһэлээххэ олохсуйбут дьалыҥкырдар уонна Улахан Чыыстай кукуиннара тыллара-өстөрө туох да уратыта суох. Бэйэ-бэйэлэрин үчүгэйдик өйдөһөллөр. Ол эрээри киһи дьиибэргиэх дьүһүннэрэ-бодолоро, таҥастара-саптара, майгылара-сигилилэрэ улахан уратылаахтар. Холобур, кукуиннар чараас тириилээхтэр, ыраас хааннаахтар, сырдык, сымнаҕас баттахтаахтар, майгылара чэпчэки – кыраттан үөрэллэр, түргэнник хомо- йоллор. Үҥэр-сүктэр ытык көтөрдөрө – кукаакы. Билиҥҥээҥҥэ диэри кырдьаҕастар «биһиги кукаакы курдук үөрүнньэҥнэрбит» дэһэллэр, оттон таҥастара-саптара – бороҥ таба тириитэ.
Дьалыҥкырдар халыҥ, хара тириилээхтэр, кыл курдук хара баттахтаахтар, майгылара-сигилилэрэ ыарахан, таҥастара-саптара – элэмэс таба тириитэ. Кырдьаҕастар кэпсииллэринэн, Николай Тарабукин элэмэс таба тириититтэн тигиллибит таҥаһы кэтэрэ уонна оннук дьүһүннээх табалары көлүнэрэ үһү. Бу аҕа ууһун ытык көтөрө – хара суор. Бу тотем көтөр туһунан биир маннык дьиктини кукуин аҕатын
ууһун удьуора Иннокентий Егорович Слепцов бу курдук кэпсээбитэ: «1998 с. “Сахабулт” тэрилтэ сорудаҕынан кини дьалыҥкырдар сирдэригэр кыыл табаны бултуу, түүлээхтии сылдьыбыт. Ол кыһыныгар кини булдун, түүлээҕин суор эккирэтэ сылдьан тоҥсуйар, буорту оҥорор идэлэммит. Булчут, саанан бултаһыан аньыырҕаан, сымнаҕас кирсилээх хапкааны ииппитигэр суор иҥнибит. Ону: “Мин эйигин бултаспатаҕым, эн бэйэҥ буруй- дааххын. Аны итинник буолбат буол”, – дии-дии талаҕынан таһыйбыт уонна тыҥыраҕын кырыйан баран ыыппыт». Кырдьык, кэлин суор кини булдун быртахтаабат буолбут. Бу кэпсээни истэ олорон биһиги тотем көтөрү да талыы мээнэҕэ буолбатах, туора киһи сатаан өйдөөбөт, туох эрэ ис хоһоонноох диэн өйгө-санааҕа кэллибит.
Биһиги бу икки ыаллыы аҕа уустара тоҕо, туохтан маннык улахан уратыламмыттарын кыайан быһаарбатыбыт. Бэйэбит кыахпытын билинэн оннук сыалы, соругу туруорумматыбыт. Ол эбээннэр түҥ былыр Киин Азия хайа эрэ уорҕатыттан бу кыыдааннаах тымныылаах хоту сири булуохтарыгар диэри төһөлөөх элбэх омугу кытта алтыһан сылдьыбыттарыттан тутулуктаах буолуо диэн судургутук сабаҕалыырга эрэ тиийэбит.
Маннык сирдээх-дойдулаах, төрүттээх-уустаах дьалыҥкыр аҕа ууһуттан Элгэс улууһун Муома нэһилиэгин Эһэлээҕэр (1931 с. диэри Муома, Абый, Аллайыаха нэһилиэктэрэ Элгэс улууһугар киирсэллэрэ), Бадьырыаха өрүс баһыгар 1910 сыллаахха алтынньы 24 күнүгэр эбээн литературатын төрүттээбит Николай Саввич Тарабукин төрөөбүтэ. Аҕата Савва Карпович Тарабукин кыра уҥуохтаах, бэйэтигэр сөп эттээх-сииннээх, бытаан да буоллар хотоойу тутуулаах үлэһит, көрүдьүөс тыллаах-өстөөх, байанайдаах булчут эбит. Чугас эргин киниэхэ тиийэр хайыһардьыт, кыылдьыт суоҕа дииллэр. Кыыл табаны эккирэттэҕинэ аһа-үөлэ суох, хастыы эмэ көһү түһэрэ. Санаабыт санаатын хайаан да ситиһэрэ, дьиэтигэр «өттүк харалаах, илии тутуурдаах» кэлэрэ. Ийэтэ Елена Ивановна Слепцова – Абый Сутуруохатыттан төрүттээх, ыраас хааннаах, сырдык, сымнаҕас баттахтаах, киэҥ харахтаах, сытыы-хотуу, саҥарбыт-иҥэрбит эбээн кыыһа. Оччолорго чугас буолан (Эһэлээхтэн Сутуруоха 12 көс) ылса-бэрсэ, билсэ-көрсө олороллоро. Биир аҕа ууһуттан төрүттээх буолан «хаан атастаһыннаран» Эһэлээх дьалыҥкырдара кэргэннэрин туора сиртэн Абыйтан, Халыматтан, Дьааҥыттан сүгүннэрэллэрэ, оттон кыргыттарын ити эргин олохтоох уолаттарга кэргэн биэрэллэрэ.
Николай кыра эрдэҕинэ аҕатын батан ой-бото эттээх-сииннээх, кытыгырас, хара бараан дьүһүннээх оҕо этэ. Атахха киирэн, көтөрү-сүүрэри батыһан, иннин хоту мээнэ баран хаалара. Ол иһин, айаҕалыы сатаан, төрөппүттэрэ уолларын сонун сиэҕэр кыра чуорааны баайаллара. Биирдэ сүппүтүгэр убайа чуораан тыаһынан хойуу талах быыһыттан булан ылбыта үһү. Эбээннэр, сахалар курдук, оҕолорун хаһан да күрүөҕэ-хаһааҕа туппаттара, онон «айылҕа оҕолоро» ыт, тугут, таба ортотугар көҥүллүк сылдьаллара. Төрөппүттэр оҕолоро куһаҕаны оҥороллорун, ыраах баралларын эрэ хааччахтыыллара. Ол туһунан кэлин суруйааччы бэйэтин кинигэтигэр маннык холобуру аҕалар: «…Мин үрүйэ уҥуор туораары тыс этэрбэспин уһуллум. Онно көрдөхпүнэ, арай ытым оҕото эмиэ тыс этэрбэстээх эбит. Мин ытым оҕотун этэрбэһин уһулаары гынным да, хайдах да кыайан уһулуо суохпун». Уол биирдэ эмэ сыыстардаҕына, буруйу оҥордоҕуна дьоно улаханнык мөхпөттөрө. Эгэ, таһыйыахтара дуо? Эйэ дэмнээхтик кэпсэтиинэн муҥурданаллара. Эрэйдээхтэр биирдэ да кырыы харахтарынан кынчарыйбакка бу дойдуттан бараахтаабыттара. Дьэ ити курдук суруйааччы оҕо сааһа ыт-кус, көтөр-сүүрэр ортотугар, туох да кыһалҕата суох ааспыта.
Улаатан истэҕин ахсын быһыыта-таһаата, туттара-хаптара, дьүһүнэ-бодото, бэл, саҥарардыын аҕатын курдук буолан испитэ. Көс дьон оҕотун сиэринэн тордох иһигэр-таһыгар илии-атах буолан дьонугар көмөлөһөрө. Эһэтэ хаппыт кыл туһахтарынан чугастааҕы талахтарга хабдьылыыра. Биирдэ бөлкөй талахха ииппит туһаҕар туох эрэ улахан, хап-хара баҕайы иҥнэн өлө сытара. Булчут, куттанан сүүрэн кэлэн, тордох сабыытын тэлэйэ баттыыр: «Эһэккэ! Туһахпар туох эрэ хара иҥнибит!» – диэт, төттөрү ыстанар. Оҕонньор иһигэр «туох хаппытын этэрэ буолла…» – диэн таайа сатыы-сатыы сиэнин батыста. Тиийэн көрөөт үөрэн саҥа аллайар: «Оо, хара тыа маанылаах баайа – хара улар эбит дии!». Булчуттар үөрэн- көтөн тордохторугар төннөллөр. Өлөөнө хап-сабар уотун күөдьүтэр, кэмчи бурдугуттан алаадьы буһара охсор. Оҕонньор, уотун иннигэр сөһүргэстээн олорон, хара тыа иччитин Баай Барыылаах Байанайы аһатар, алгыс тылын этэр:
Эриэн дъэрэкээн таҥастаах
Тоҕус Чордоот тумул уолаттара,
Аҕыс Кыйдаат кытыл кыргыттара,
Бу курдук үүрэн, үтүрүйэн аҕалан,
Аһатар-сиэтэр буолуҥ!
Халарыгы хааннаабыт,
Осхору уулаабыт,
Баай Барыылаах Байанай,
Аһыы-сии тур эрэ!
Уот үөрбүт-көппүт курдук умайан өрө күүдэпчилэнэ түһэр – ити аата Байанай оҕонньор үөрдэҕэ. Киэһэ ыаллар тото-хана эрдэҕэс миинин иһэллэр.
Ол сыл кыһыныгар Суланньа үрэҕинэн айаннаан истэхтэринэ, ийэлэрэ Өлөөнө: «Доҕоор, Саабаа, табаларгын тохтотуоҥ дуо? Арааһа…» – ситэ саҥарбатаҕа. Кини иккис оҕотугар ыарахан сылдьара. Кэргэнэ итинник түгэннэргэ үөрэхтээх буолан, табаларын хорҕо сиргэ туора тарта. Бы- таан, наҕыл бэйэтэ, ыксаабыт, туттара-хаптара сүрдэммит этэ. Көрүөх бэтэрээ өттүгэр тордох тарда охсор. Оҕонньор таба сыарҕатыттан эрдэттэн бэлэмнэниллибит хаппыт маһы киллэрэн уот оттор, улахан олгуйга хаар ууллара охсор. Сааба сэрэнэн кэргэнин көтөҕөн киллэрэн, таба тэллэҕэр сытыарар. Уол, күнү быһа таба сыарҕатыгар сахсыллан, сылайан, утуйан хаалбыт. Арай, сарсыарда оҕо ытаан бэбээрэр саҥатыттан уһуктан кэлбит. Аҕата мичээрдии-мичээрдии: «Тоойуом, балтыланныҥ, баран көр», – диэбитигэр, кукуултан оронон туран, сарыы быыс кэннигэр ийэтигэр киирбитэ, кып-кыһыл сирэйдээх кыра киһи ийэтин эмиийин иҥсэлээхтик эмэн чобурҕата сытара. Ийэтэ: «Оҕом балтаулааттаҕына, эйигин батыһа сылдъыаҕа, бииргэ ооннъуоххут», – илиитинэн уолун төбөтүн эйэҕэстик имэрийэ-имэрийэ этэр. Будичаан (Н.С. Тарабукин оҕо эрдэҕинээҕи аата, «Элэмэсчээн» диэн өйдөбүллээх) тугу да саҥарбакка төттөрү кэлэн кукуулугар сытта. Кини оҕону хайдах эрэ атыҥырыы, ийэтигэр күнүүлүү санаабыта.
Саҥа төрөөбүт кыыһы Өкүлүүнэ диэн ааттаабыттара. Бу курдук этэҥҥэ икки сыл ааспыта. Кыысчаан улаатан онно-манна барытыгар тиийэрэ. Будичаан үлэтэ-хамнаһа элбээбитэ: балтын маныыра, оонньоторо, таҥаһын-сабын уларытара, аһатара. Кыыс үс сааһын туолуутугар биир күн аҕалара хантан эрэ бултаан кэлбитэ. Тордоххо киирэн саҥата-иҥэтэ суох таҥаһын уһулбута уонна уот иннигэр олбоххо олорбута. Сирэйэ-хараҕа күлүгүрбүт, ыалдьыбыт быһыылааҕа.
- Хайа, доҕоор, ыарыйдыҥ дуо? – Өлөөнө кэргэнигэр чэйин кута туран.
- Ээ, бэйэм. Арааһа, урукку ыарыым көптө быһыылаах. Сотору ааһар ини, – диэтэ Сааба аат харата. Ити курдук кини сылы быһа дьаакыраабыта.
- Турар-олорор икки ардынан тордох иһигэр-таһыгар нэһиилэ сүөдэҥнээн сылдьара. Эһиилгитигэр өлөөхтөөбүтэ.
Кэлин сиппит-хоппут суруйааччы буолан баран Николай аҕатыгар анаан маннык хоһоону суруйбута:
Тайҕа устун табалары үүрэбин.
Тыал утары аччык, сылайан иһэбин,
Күн эрэ мин диэки бу көрөр сылаастык,
Киһиттэн үтүөнү көрөрбүн мин аастым.
Тордоххо тиийиэм, киэһэ тоҥон-хатан,
Тойонум онно олорор тотон-ханан.
Ханнык да тыалга маныыбын кини баайын,
Ол үтүөбэр аччыктыыбын күн аайы.
Сырдык күн, эн этиэҥ буолаарай, бу тоҕо
Маннык ыарый дьадаҥы киһи олоҕо?
Аҕалара быстыбыт күнүгэр хайдах, тугу гыналларын билбэккэ ытаһа олордохторуна, чугастааҕы Намыы күөлгэ олохтоох, оҕото-уруута, кэргэнэ суох, Тарабукиннар ырааҕынан аймахтара Тулаайах Сэмэн диэн оҕонньор түбэһэ кэлэн, аҕаларын кистииллэригэр көмөлөһөр. Өлөөнө кэргэнин таҥаһын-сабын уоттаан, аны бу сиргэ хаһан да эргиллибэттии сананан, айаҥҥа турунар. Кэннилэригэр булгунньах үрдүгэр саҥа оҥоһуллубут аҕаларын кириэс маһа тулаайахсыйбыттыы туран хаалбыта. Өлөөнө халыйан түспүт хараҕын уутун сотунна уонна, кытаанах санааны ылынан, табаларын үүрэн биэрдэ.
Кэргэнэ өлүөҕүттэн Өлөөнө бэрт кыһалҕалаахтык олорбута. Биирдэ да тото-хана аһаабатахтара. Чэй, табах дэҥ кэриэтэ көстөрө. Ол-бу үүнээйини хомуйан ас оҥостоллоро. Ийэлэрэ, ыалы кэрийэн, дьоҥҥо иистэнэн, тыс, тирии имитэн айахтарын булуналлара. Аны эбиитин били «туохха эрэ тэп» диэбиккэ дылы, аҕыйах ыйынан быысаһан, тыаһа-ууһа, сүпсүлгэнэ суох, утуйа сытан эһэлэрэ өлбүтэ. Сарсыарда чэйин бэлэмнээн, кыыһа идэтинэн «аҕаа, туран чэйдээ» диэтэҕинэ «тоойуом, сип-сибилигин» диир бэйэтэ бу сарсыарда тугу да саҥарбатаҕа. Тиийэн тардан көрбүтэ, хайыы-үйэ көһүйэн хаалбыт этэ. Оҕонньор эрэйдээх төһө да кырдьаҕаһын иһин, кыыһа табаларын маныы, ыалларга иистэнэ бардаҕына, сиэннэрин көрөрө, чэйин оргутара, дэҥҥэ эт көһүннэҕинэ күөһүн буһарара, бэлэм маһы мастыыра. Өлөөнө туох да санаата-оноото суох сылдьара. Аны бу икки кыра оҕолорунаан сир-халлаан икки ардыгар соҕотоҕун хааллаҕа. Ону барытын эргитэ санаан, оҕолорунаан куустуһан олорон ытаспыттара.
Аҕата өлбүтүн кэннэ, кыһалҕа кыпчыйан, Өлөөнө иккистээн Степан Николаевич Тарабукин диэн
киһиэхэ кэргэн тахсар. Киниттэн Степан диэн уол оҕону төрөппүтэ, кэлин улаатан баран, 1990 сыллаахха Муома улууһун Сааһыыр бөһүөлэгэр өлбүтэ.
Ньукулай 12 саастааҕар Догдо үрэх баһыгар сайылаан олордохторуна, эмискэ ыалдьан, ийэлэрэ өлөр. Тулаайах хаалбыт кыыс оҕону Семен Иванович Лебедевтээх диэн оҕото-уруута суох ыал иитэ ылаллар. Кыыс сүүрбэ саастааҕар Иннокентий Егорович Коркин диэн Усуйаана киһитигэр кэргэн тахсар. Киниттэн икки уоллаах кыыс төрөөннөр кыра саастарыгар суорума суолламмыттара. Акулина Саввична 1987 сыллаахха ыалдьан өлбүт.
Уолу ийэтин аймаҕа В.И. Шадрин-Дьукааҕыр Уйбаан иитэ ылар. Уйбаан эмиэ кылгас үйэлэммит. Кини кэргэнин Елена Петровнаны (Н.С. Тарабукин саҥаһа) М.В. Никулин-Суумаһыт Мэхээлэ (аны- гынан элбэх табалаах диэн өйдөбүллээх) кэргэн ылбыт. Киниттэн Миитэрэй (Холчоһо), Көстөкүүн (Ноктокоон) уонна Таанньа диэн ааттаах оҕолор төрөөбүттэр. Суруйааччы Николай Васильевич Слепцов-Абыйчанин ахтыытыгар бу туһунан маннык суруйбут: «Николай Саввич аҕата өлбүтүн кэннэ Суумаһыт Мэхээлэҕэ (Михаил Василъевич Никулин) табаһытынан сылдъыбыта. Оччотооҕу кэмин суруйааччы ”Оҕо сааһым” сэһэнигэр ахтар».
Оччотооҕу айымньылар, ол иһигэр Николай Тарабукин сэһэнэ, баай уонна дьадаҥы диэн араар- сыы сытыырхайбыт кэмигэр суруллубут буолан, «хамначчытынан», «табаһытынан» диэн тыллар үгүстүк туттуллаллара. Оннуга суох айымньы- лар бэчээккэ тахсыбаттара. Абыйчанин бэйэтин ахтыытыгар Николай Тарабукины «табаһытынан үлэлээбитэ» диэн суруйбут. Дьиҥэр, Суумаһыт Мэхээлэ биир да хамначчыта суоҕа, табаларын чугас аймахтарыныын бэйэтэ көрөрө. Оттон Николай Саввич кини элбэх оҕолорунуун аска- таҥаска кыһалҕата суох, ини-бии курдук бииргэ иитиллибит.
Саҥаһа Елена Петровна ахтарынан, кинилэр олорор сирдэринэн Дьааҥыттан Муомаҕа дьаам суола ааһара, онон кэлии-барыы элбэҕэ, сонуну, саҥаны билэ олороллоро. Уол онно олорон кинигэ, кумааҕы диэни аан бастаан көрбүтэ. Ааҕыан, суруйуон баҕарара бэрт буолан, кэлэр-барар үөрэхтээх дьонтон ыйыталаһан, буукубалары билбитэ. Кэлин ааҕар, суруйар буолбута. Бу олордохторуна, Дьааҥыттан Семен Николаевич Слепцов диэн киһи, Абыйга ааһан иһэн, үөрэххэ баҕалаах эбээн уолун таба көрөн, Верхоянскай куоратыгар үөрэттэрэ илдьэ барар. Сорох ахтыыларга кинини Старостин,
Стручков диэн ааттыыллара алҕаһын Верхоянскай куорат музейын докумуоннара бигэргэтэллэр. Семен Николаевич Слепцов – Верхоянскай уеһын сахаларын уонна казактарын сэбиэтин исполкомун бастакы бэрэссэдээтэлэ, Саха сиригэр Гражданскай сэрии көхтөөх кыттыылааҕа. Кыратык инники түһэн эттэххэ, 1937 сыллаахха Николай Саввич соҕурууттан кэлэн иһэн, кинини көрсөөрү Верхоянскайга таарыйан ааспыт эрээри, Семен Николаевич атын улууска командировкаҕа барбыт кэмэ буолан кыайан көрсүбэтэхтэр.
Дьэ ити курдук үтүө киһи көмөтүнэн 16 саастаах эбээн уолун иннигэр үөрэх, билии сырдык аартыга арыллыбыт. Кини Верхоянскай куоратын 7 группалаах бастакы сүһүөх оскуолатыгар киирэр. Оччолорго билиҥҥи курдук электричество сырдык уота түүннэри-күннэри сандаарбата. Чүмэчи, бэркэ табылыннаҕына, кыраһыын лаампа сырдыгар үөрэнэллэрэ. Оскуола тимир оһоҕунан ититиллэр буолан, учууталлар, үөрэнээччилэр үгүстүк тоҥоллоро-хаталлара, ыалдьаллара. Кылаас биир-икки учебнигынан уларса сылдьан үөрэнэрэ, тэтэрээт, харандаас дэҥҥэ көстөрө. Үксүгэр быраҕыллыбыт кинигэ, хаһыат лиистэригэр суруйаллара. Ол да буоллар оҕолор билиигэ-көрүүгэ дьулуурдара баһыйан, ыарахаттары, тоҥору-хатары аахсыбакка үөрэхтэрин кичэйэллэрэ. Ол кэмҥэ оскуола дириэктэринэн Григорий Николаевич Охлопков, учууталларынан Берденников, Н. Казанцев, Анастасия Ивановна Шишлянникова, Ксения Петровна Аммосова – бэйэлэрин үлэлэригэр муҥура суох бэриниилээх, үтүө суобастаах дьон – үлэлээбиттэрэ.
Үөрэнэрин бастакы сылыгар Николай нууччалыы, сахалыы билбэтэ улаханнык мэһэйдээбитэ эрээри, бэйэтин дьулуурунан уонна олорор ыала Слепцовтар көмөлөрүнэн кылгас кэм иһигэр сахалыы, кэлин олуонатык да буоллар нууччалыы бэйэтин наадатын кэпсэтэр буолбута. 1927 сыллаахха Верхоянскайга «Якутпушнина» диэн тэрилтэ тэриллэр. Семен Николаевич онно салайааччынан ананар. Кини бэйэтин үлэтин сүнньүнэн ыраах көс эбээннэригэр түүлээҕи хомуйара, атыыны тэрийэрэ – сайыҥҥы ыйдарга Николай кинини кытта сылдьыһара, илии-атах буолан көмөлөһөрө.
Ити курдук, 1930 сыллаахха 7 группалаах бастакы сүһүөх оскуоланы түөрт сыл үөрэнэн бүтэрэр уонна эмиэ Семен Николаевич көмөтүнэн салгыы Дьокуускайга үөрэххэ барар. Улахан куоракка уол бастаан тэһийбэтэҕэ: «Оо, бу дьалхаан дойдутугар тоҕо кээлтим буолла? Дойдубар барбаккабын», – диэн иһигэр кэмсинэ саныыра. Олус сытыы, кэлбит-барбыт, киирбит-тахсыбыт уолаттартан, күлэн-салан саһыгыраспыт, эҥин-эҥинник хамсаммыт-имсэммит мааны таҥастаах кыргыттартан наһаа толлоро, дьалты туттара. Дойдутун ахтан түүнүн аанньа утуйбата. Ол бука, ыраах, үрэх баһын оҕото муҥкугуттан, бэйэтин сэнэнэриттэн эбитэ буолуо. Санаатыгар рабфакка үөрэнэр оҕолортон барыларыттан мара таҥастаахтара, уҥуоҕунан кыралара, дьүһүнүнэн бүрэлэрэ кини эрэ этэ. «Сыыһа саҥардахпына күлүөхтэрэ», – диэн кыбыстан иһиттэн саҥата да кыайан тахсыбата. Дьэ эрэй диэтэҕиҥ!
Сотору кэминэн ол оҕолорунаан бодоруһан барбыта. Улам-улам сайдан, туохха барытыгар сыстан испитэ – кимтэн да итэҕэс санаммата, туттум- мата, кини кыттыыта суох биир да общественнай үлэ, түмсүү, көр-нар барбат буолбута. Ити курдук икки сыл биллибэккэ ааһар. 1932 сыл сайыныгар Николай Ленинградка үөрэххэ барар буолбута. Бу кэмҥэ Дьокуускайтан Уус Кукка диэри дьону таһар анал, тупсаҕай оҥоһуулаах «Вячеслав Молотов» борохуот барыахтааҕа. Биэрэккэ киирэн барар, атаарар дьон ортотугар төттөрү-таары аалыҥнаһа сылдьан, хайдах эрэ хараҕа таптыы, бэйэтитэр ханыылыы көрбүт биир уолуттан:
- Дорообо, хайа диэкиттэн сылдьаҕын? Ханна баран иһэҕин?
- Аҕыйах хонуктааҕыта Халыматтан кэлбитим. Володя Слепцов диэммин. Ленинградка үөрэххэ баран иһэбин, – диир анарааҥҥыта. Иккиэн, хаһааҥҥыттан эрэ билсэр дьон курдук, үөрэ түһэллэр. Тэйэ хааман, бүөм сиргэ дуоһуйуохтарыгар диэри дойдуларын туһунан кэпсэтэн, хайдах эрэ төрөөбүт төрүт буордарыгар сылдьыбыт, дьоннорун-сэргэлэрин көрсүбүт курдук сананнылар.
Барааччылар борохуокка киирбиттэрин кэннэ, борохуот, үс төгүл үөгүлээт, биэрэктэн тэйдэр тэйэн барар. Элбэх арыылары эргийэн, сүрүн үөскэ киирдэ уонна салбахтара күөччэхтии ытыллан, өрүһү өксөйөн бидилиттэ. Кэннилэригэр куорат улам-улам арыы кэтэҕэр көстүбэт буолар. Арай ыраатыахтарыгар диэри телеграф үрдүк таас дьиэтэ күн уотугар кылбаҥныыра. Кэлин ол да сүппүтэ. Палубаҕа турааччылар сыыйа миэстэлэрин булунан, уһун сындалҕаннаах айаҥҥа бэлэмнэнэллэр. Уолаттар түбэһиэх биир иллэҥ ыскамыайкаҕа олорон малларын-салларын бэрийэллэр, ыһык өйүөлэриттэн саҥата-иҥэтэ суох үссэммитэ буолаллар.
Борохуот маһынан оттуллара, онон сотору-сотору биэрэккэ тиксэн, эрдэттэн бэлэмнэниллибит саһаан маһы тиэнэрэ. Бу үлэҕэ кыралартан уоннакырдьаҕастартан ураты киһи барыта кыттара. Уолаттар дьэ онно көхтөөхтүк, тиритэ-хорута үлэлэһэллэрэ. Оннук түгэннэргэ сылайаллара да, уһун сыламталаах, салгымтыалаах айантан сэргэхсийэллэрэ, аралдьыйаллара.
Уус Кукка халлаан суһуктуйа быһыытыйыыта тиийэллэр. Бу кыра, эргэ, күн уота харааччы сиэ- бит мас дьиэлэрдээх аҕыйах сүүсчэкэ киһилээх дэриэбинэ этэ. Мантан таһаҕас массыынатынан Ангара өрүс үрдүгэр турар Заярскай диэн эмиэ кыра дэриэбинэҕэ айанныыллар. Заярскайтан катерга соһуллар таһаҕас баржатынан көспүттэрэ, наһаа бытаан, салгымтыалаах айан саҕаламмыта. Уолаттар, саҥата суох баржа перилатыгар өйөнөн туран, өрүс сүүрүгүн одууласпыттара. Ити кэмҥэ ыраас уулаах, түргэн сүүрүктээх Индигиир, Халыма эбэлэрин санаан, ахтан ааспыттара чахчы…
Иркутскайтан поеһынан айан уунан устууга тэҥнээтэххэ, тиҥкинээн-таҥкынаан, олох атын буолан биэрдэ. Бастакы күннэригэр уолаттар утуйбакка эрэй бөҕөнү көрдүлэр. Онтон сыыйа үөрэнэн, оннооҕор олорон иһэн утуйар буоллулар. Ити курдук аата-ахсаана биллибэт Сибиир кыра, улахан станцияларын, дэриэбинэлэрин, куораттарын нөҥүөлээн күнүс Москваҕа тиийдилэр. Сибиир куораттарыгар тэҥнээтэххэ, Москва дьиэтэ-уота элбэҕэ, таас дыбарыастара килэйэн- халайан, көмүс солотуулаах таҥара собордарын куполлара күлүмүрдэһэн бастаан кэлбит киһиэхэ дьиҥнээх остуоруйаҕа кэпсэнэр ырай дойдутугар тэҥнээҕэ.
Уолаттар Ленинградка аттанар вокзалы булбакка уулуссаҕа мээнэ хаамса сырыттахтарына, биир боростуой, үлэҕэ кэтэр таҥастаах аҕамсыйа барбыт нуучча киһитэ чугаһаан:
- Молодые люди, заблудились что ли? Куда идете? – диэн ыйытар.
- Мы в Ленинград, но не знаем от какого вокзала отправляется поезд, – арыычча түргэн саҥалаах Володя хоруйдуур.
- Тогда идите за мной, – диэт, били киһилэрэ уонна уулусса устун хаама турда. Уолаттар кэн- ниттэн батыстылар. Сотору «Ленинградский вокзал» диэн улахан суруктаах үрдүк таас дьиэҕэ кэтиллэ түһэллэр. Сирдьиттэрэ хантан, хайдах билиэти ылары сүбэлиир. «Ну, ребята, счастливого пути», – диэт, кэлбит суолун устун хаама турар. Уолаттар, умнан, баһыыбалаабакка да хаалаллар. Бу да түбэлтэттэн көрдөххө, оччотооҕу кэмҥэ «киһи киһиэхэ – атас-доҕор» диэн тыыҥҥа иитиллибит сэбиэскэй дьон ыраас дууһалаахтара, амарах сүрэхтээхтэрэ. Маннык үтүө санаа холобурдарын уһун айан устатыгар уолаттар элбэхтик көрбүттэрэ- билбиттэрэ.
Ыраахтааҕылаах Россия саҕана хотугу омуктар бэрэстэбиитэллэрэ дэҥҥэ Сибииргэ сылдьар наука экспедицияларыгар сирдьит, көлө маныыһытын кыттыһаллара. Холобура, Толя Каплин уонна Петр Увачан Өлөөнү чинчийбит А.Л. Чекановскай; юкагирдар Николай Энкачан уонна Егор Воронин К.А. Волосович; сахалар И.Ф. Слепцов, Н.О. Кривошапкин И.Д. Черскэй экспедицияларыгар сирдьитинэн сылдьыбыттара, аһынан-таҥаһынан көмөлөспүттэрэ биллэр. Оттон кинилэр наука эйгэтигэр дьиҥнээхтик сыстан барыыларыгар уонна идэтийбит кадрдар үөскүүллэригэр 1930 сыллаахха тэриллибит А.И. Герцен аатынан Хотугу норуоттар институттара улахан суолталаах. Институт бастакы дириэктэринэн Гражданскай сэрии кыттыылааҕа, хотугу сир культуратыгар уонна экономикатыгар идэтийбит практик учуонай К.Я. Лукс анаммыта. Кини сыралаах үлэтин түмүгэр кылгас кэмҥэ дьоҕус, үлэлиир кыахтаах педагогтар коллективтара үөскээбитэ. Манна Хоту дойду, Уһук Илин уонна Сибиир 26 норуотун 379 ыччата үөрэммитэ. Устудьуоннар үс мэндиэмэннээх таас дьиэҕэ үрдүттэн олорон үөрэнэллэрэ, сынньаналлара, аһыыллара уонна институт иһинэн тэриллибит наука-чинчийии ассоциациятын араас секцияларыгар дьарыктаналлара.
Институт бастаан алта салаалааҕа, кэлин үс салаа – сэбиэскэй-партийнай, педагогика уонна холкуос-кооперация (экономика) эбиллибиттэрэ. Николай Саввич институт сэбиэскэй-партийнай, онтон Володя Слепцов холкуос-кооперация салаатыгар киирэллэр. Кинилэри кытта биир кэмҥэ эбэҥки литературатын төрүттэспит поэт Алексей Салаткин-Лонтогир, Сталинград көмүскэлигэр геройдуу охтубут нанай литературатын төрүттээччи Аким Самар, чукча бастакы поэта Федор Тынэтэгин, Аҕа дойду Улуу сэриитин хонуутугар өлбүт чукча аатырбыт муосчута Михаил Вухвол, коряк литературатын төрүттээччи Кецай Кеккетын, юкагир литературатын төрүттээччитэ уонна бастакы учуонайа Николай Спиридонов-Тэкки Одулок уо.д.а. үөрэммиттэрэ.
Николай Саввич тыл уонна литература секциятыгар киирэн В.И. Цинциус, В.И. Левин, Л.Д. Ришес быһаччы көмөлөрүнэн айар-суруйар үлэтин саҕалаабыт. «Тайҕа ырыалара» диэн бастакы кинигэтэ 1936 сыллаахха, иккис «Кыһыл көмүс кыыс көтүүтэ» диэн кинигэтэ 1937 сыллаахха
бэчээттэнэн тахсаллар. Суруйааччы айар үлэтигэр сүрүн миэстэни «Оҕо эрдэхтээҕим» диэн 1938 сыллаахха тахсыбыт сэһэнэ ылар. Сэһэн суруллубут таһымынан, ис хоһоонунан, кээмэйинэн чахчы да сонун уонна дьоһун айымньы. Бу кини тыыннааҕар тахсыбыт бастакы уонна тиһэх айымньылара этилэр. Суруйааччы туһунан журналист С. Черемкин комсомол Ленинградтааҕы обкомун уонна горкомун уоргана «Смена» хаһыат 1936 сыллаахха тахсыбыт нүөмэрдэриттэн «Тайҕа ырыалара», «Олоххо төннүбүт народность» диэн ыстатыйаларга Николай Тарабукин туһунан үрдүк сыанабыллары булбута кэрэхсэбиллээх:
«Националъностъ эвенов объединяет всего 11000 человек. Эвены живут в таежных районах Колымы, Индигирки, Якутии и по берегам Охотского моря. У эвенов нет постоянных домов, они селятся во временных юртах и ведут кочевой образ жизни, ловят рыбу, разводят оленей и охотятся на диких пушных зверей.
Всего четыре года назад эвены получили писъменностъ. Сейчас у эвенов около 30 началъных школ – на националъном языке, 6 клубов и десятки красных чумов. В Ленинградском отделении издателъства художественной литературы готовится к выпуску книга индигирских стихов “Песни тайги” комсомолъца Николая Тарабукина. Это первая книга стихов, написанная на эвенском языке. Николай Тарабукин родился в 1910 г. в маленъком Индигирском селении. С раннего детства работал батраком. Еще недавно он не мог записыватъ свои стихи. Сейчас он кончает курсы советского строителъства при Ленинградском институте Народов Севера. В его стихах рассказывается о тяжелой жизни эвенов до Советской власти и о социалистическом строителъстве в тайге. Для иллюстрации своих стихов поэт нарисовал около 70 рисунков» («Песня тайги», «Смена», 1936 с. муус устар 6 к.).
«Ламуты, одулы, эвенки, чуванцы в Бутай- танском наслеге в царское время быстро вымирали. Вымирало когда-то доволъно болъшое племя ламутов. Условия невероятной колониалъной эксплуатации грозили уничтожитъ не толъко представителей этой националъности. Толъко 396 одулов представляли все племя, в XVIII веке насчитывавшее около 20000 человек. Чуванцев оставалосъ 17 человек. Коряков и представителей других националъностей – немногим болъше. После установления Советской власти в Якутии начался рост этих националъностей. Возникла писъменностъ. Например, в Ленинграде сейчас выпускается на эвенкийском и ламутском языках художественная литература. Ламутский писателъ Николай Тарабукин выпустил три книги. И их естъ кому читатъ! Еслиранъше среди эвенков, одулов и ламут не было ни одного грамотного, то теперъ в северных националъных районах Якутии около 80школ с количеством учащихся 5100 человек. Многие из молодых людей и девушек учатся в Москве и Ленинграде» («Народности, возвращенные к жизни», «Смена», 1936 с. бэс ыйын 14 к.).
Онтон 1937 сыллаахха олунньу 8 күнүгэр «Правда» хаһыакка бэчээттэммит «Пушкин на языках народов Севера» диэн ыстатыйатыгар поэт бу курдук хоһоону кыбыппыт:
В серединной земле
Великий Пушкин был.
В небесной стране
Герой сказок жил…
За красным столом
Он много бумаг разложил,
Он писать задумал –
Далеко он задумал,
Серебряным голосом,
Распевая он пишет.
По всей стране
Лентой стелются его стихи.
Суруйарын таһынан Николай Саввич уруһуйдуурун эмиэ сөбүлүүрүн туһунан ахталлар. Ол курдук, учуутала профессор В.И. Цинциус «Тарабукин олус үчүгэй уруһуйдьут этэ. Ордук булт, таба, айылҕа тематыгар бэртээхэй ойуулары оҥортуура» диэн суруйбут. Ол курдук, кини «Тайҕа ырыалара», «Кыһыл көмүс кыыс көтүүтэ» диэн кинигэлэрин бэйэтэ уруһуйдаабыта биллэр. Ону таһынан уруһуйдара 1936 сыллаахха Москваҕа «Творчество» сурунаал 12-с нүөмэригэр бэчээттэмиттэр. 1939 сыллаахха ССРС Суруйааччыларын сойууһун Ленинградтааҕы салаатыгар Хотугу норуоттар искусстволарын быыстапката тэриллибитигэр Тарабукин уруһуйдара эмиэ туруоруллубуттар.
Маны таһынан поэт сүрдээх үчүгэй нарын куоластааҕа, хоһоонноругар матыыптары айара. Кини хас да ырыатын Е.В. Гиппиус 1936 сыллаахха граммофоҥҥа устубута Санкт-Петербург А.С. Пушкин аатынан библиотекатыгар харалла сытарын онно олорор саха учуонайа А.А. Петров биһиэхэ биллэрэн турар. Ону сэргэ, устудьуоннуур сылларыгар төрөөбүт тылын чинчийиигэ көмөлөспүтүн туһунан эбээннии-нууччалыы тылдьыт ааптара В.И. Левин бу курдук суруйбут: «Тылдьыты көрүүгэ уонна бэрэбиэркэлээһиҥҥэ мин үөрэнээччилэрим: эбээннэр Индигииртэн Николай Тарабукин, Халыматтан Владимир Слепцов кыт тыыны ыллылар, кинилэргэ мин улахан махталбын тиэрдэбин».
Николай Саввич институкка үөрэнэр бастакы сылыгар, 1932 сыллаахха, комсомол чилиэнэ буолар уонна көхтөөх устудьуон быһыытынан «Планер» куруһуокка суруттарар. Биирдэ куруһуокка киир- бит уолаттары, кыргыттары мунньан аэродромҥа аҕалан кыра самолекка олордон халлааҥҥа көтүппүттэр. Аэродромтан самолет көтөн тахсан уҥа диэки халыйан, үрдээтэр үрдээн испит. Аллара биэстии-алталыы мэндиэмэннээх дьиэлэр испиискэ хааларын туруортаан кэбиспиттии көһүннүлэр. Николай самолетунан бу бастакы көтүүтэ буолан, хайдах эрэ дьиксинэ, куттана санаабыт. Ордук тыһыынчанан метр үөһэнэн сиртэн туох да тирэҕэ суох көтөн куугунаан иһэбит диэн санаатаҕына, сүрэҕэ ытырбахтыыр. Сотору аэродромҥа түһээри самолет умса куоҕайбытыгар хараҕын быһа симпит, олорор кириэһилэтин илиилэрэ кубарыйан тахсыахтарыгар диэри ыкса кымаахтаабыт, агдатын анныгар тымныйан өҕүйүөх курдук буолуталаабыт. Дьолго, самолет соҕотохто бетон суолга охсуллан өгдөҥнүү-өгдөҥнүү сүүрэн үөһэ-таҥнары сахсыйан барбыт. Онно эрэ уоскуйан үөһэ тыынан ылбыт. Самолеттан тахсаары туран иһэн өйдөөн көрбүтэ кинини кытта кэккэлэһэ, сирэйиттэн- хараҕыттан көрдөххө, эмиэ ыксаллаах түгэҥҥэ киирэ сылдьыбыт, сырдык кугас баттахтаах, кыра уҥуохтаах нуучча кыыһа олорор эбит. Уол көтөн иһэн кыыһы өйдөөн көрбөккө хаалбыт. Дьиэлэригэр барар суоллара биир буолан, саҥата-иҥэтэ суох сэргэстэһэ хаамсан иһэн кыыстан ыйытта:
- Вы испугались?
- Да, очень. Думал, что вот-вот упадет самолет, – кыыс күлэн маҥан тиистэрэ кэчигирэстилэр. Онтон эр ылан уол:
- Как Вас зовут?
- Валя.
- А меня Коля, – дьэ ити курдук аҕыйах тылынан бырахсан уоллаах кыыс билсиһиилэрэ саҕаланар. Кинилэр, сыл кэриҥэ «эн-мин» дэсиһэн, бэйэ-бэйэлэрин үчүгэйдик санаһан кэпсэтэр, көрсөр буолаллар. Кыыс куорат төрүт олохтоохторун соҕотох оҕолоро эбит. Аҕата рабочай, ийэтэ ханнык эрэ тэрилтэҕэ дьиэ хомуйааччы. Валя – педтехникум III куурсун устудьуона.
Николай үөрэҕин бүтэрэн дойдутугар барар күнэ тирээн кэлэр. Ол тиһэх киэһэлэригэр иккиэн кэри- куру көрсүбүттэр. Уол кыыһы «миигин кытта Саха сиригэр барыс» диэн ыҥырар, онтон кыыс «Ленинградка хаал» диэн угуйар. Ити курдук тыл-тылларыгар киирсибэтэхтэр. Дьылҕалара уоллаах кыыһы ыал оҥорор санаата суох быһыылааҕа – кинилэр суоллара икки аҥы арахсыбыт. Уол кыыс ытыы-ытыы уулусса устун бара турбутун дьоннор быыстарыгар киирэн сүтэн хаалыар диэри көрөн хаалбыт.
«Куһаҕан үчүгэйдээх, үчүгэй куһаҕаннаах буолар» диэн саха өс хоһооно этэринии, бу табыллыбатах бастакы таптал Николай Саввич биир бастыҥ «Кыһыл көмүс кыыстыын көтүү» диэн хоһоонун айарыгар төрүөт буолбута:
…Кыраһыабай кэрэ кыысчаан,
Дьылыгырас көнө уҥуохтаах,
Тырыбынас уоттаах харахтаах,
Тэтэркэй ыраас хааннаах,
Эйэҕэс эриэккэс майгыннаах!
Кинилиин, ол көмүс кыыстыын,
Күөх хонуунан хаамтым…
Үчүгэй да күн буолбут,
Хонуу да тупсубут!
Быраһаай, күн кыыһа,
Бардыҥ, сүттүҥ эн дьон быыһыгар…
Кэлин кини Василий Дмитриевич Старостин диэн киһи иккис кэргэниттэн төрөөбүт Өкүйэ диэн кыыһы аҥаардастыы таптыы сылдьыбыт. Кыыс суруйааччы кинини таптыырын Суон Тиит сэлиэнньэтин олохтооҕо Д.Л. Уваровскай диэн киһиэхэ кэргэн тахсан эрэ баран билбит. Суруйааччы Өкүйэҕэ анаан дириҥ лирикэлии ис хоһоонноох «Эйиэхэ» диэн хоһоону суруйбута:
…Эйиэхэ мин дууһам дьулуһар,
Эн саҕа күндү суох бу күн анныгар.
Мин тугу өссө этиэм баарай?
Миигин өйдүүрүҥ буолаарай?
Биисэр курдук тылы тиспэккэ
Биири мин чопчу этэбин эйиэхэ:
Эйигинэ суох мин сатаммаппын,
Эн ону дьэ туох дии саныыгын?
Поэт таптала бу да сырыыга табыллыбатаҕа. Итиэннэ Өкүйэтэ кэргэн тахсыаҕыттан өлүөр диэри кини дьахтар, кыыс диэки биирдэ да хараҕын хатаабыта биллибэт.
Суруйааччы буолбут Николай Тарабукин Ленинградтан 1937 сыллаахха Саха сиригэр төннөр. 1940 сыл сааһыгар Эһэлээххэ ааҕар балаҕан сэбиэдиссэйинэн анаммыт. Муомаҕа айаннаан иһэн Абый Кириэс Майыарыгар тохтоон ааспыт. Ол түгэни үлэ ветерана К.Н. Никулин бу курдук ахтыбыт:
«1940 сыллаахха мин Майыарга начальнай оскуолаҕа үөрэнэрим. Сааскы ыраас күн нассовет уонна колхоз салалтата үлэлиир “Орто дьиэ” диэн ааттанар уһун синньигэс сугулааҥҥа, ийэтин
кытта көрүдүөргэ дьиэлэнэн олорор табаарыспар Коля Хабаровка (билигин геолог дипломнаах пенсионер) киирээри кэллим. Ийэтэ Өлөксөөндөрө (Ньээччи) бу дьиэҕэ остуораһынан үлэлиирэ. Арай биир көрбөтөх, дьикти таҥастаах-саптаах киһим кэлэн, дьиэҕэ киирээри атаҕын сотто турара. Чэмэлкэй күн буолан, суол хаара кыратык ирэн эрэрэ. Хантайан көрбүтүм – эбээн эбит. Билбэт киһим онон-манан дьэрэкээннээх, оҕуруолардаах быыһык сонун итииргээн нэлэкэйдэнэн кэбиспит, хара көстүүмүн эҥэригэр туспа – төгүрүччү кырыллан сыһыарыллыбыт кыһыл таҥастарга – элбэх араас значоктар килбэчиһэн көстөллөр. Тобугун үөһээ өттүгэр диэри тардынар хара тыс этэрбэһин билэтэ саахымат ойуулаах. Эбээннии тигиллибит тугут малахаай бэргэһэтин сыҥааҕын кэтэҕэр баайбыт, онтуката бүүрүгэ суох, ол оннугар дьарҕаалаах ат суларын курдук төгүрүччү, кириэстии араас сукунанан хаймыыламмыт. Аҥаар санныгар иилэ быраҕа сылдьар эмиэ киэргэллээх- мандардаах таба тыһа мэҥкэрэлээх (кыра матаҕа курдук суумка).
Мин ити дьикти таҥастаах киһи хонноҕун аннынан дьиэҕэ дьылыс гынан хааллым. Киһим тута батыспытынан көтөн түстэ. Коля оонньуур чаачар саа оҥосто олорон, ыалдьыт киһини чугастан көрөөрү, утары аан диэки кэллэ. Бу сүрдээх сайаҕас, турбут-олорбут, күлэ-үөрэ сылдьар элбэх саҥалаах, көрүдьүөстээх омун уол. Биһиги, харахпыт ойуччу кини значоктарыгар буолан, тэпсэҥнэһэн хааллыбыт. Киирбит киһи, уруккуттан билэр дьонун көрбүттүү, бэргэһэтин устан: “Ыаллар, дорооболоруҥ, туох кэпсээн- нуомас баарый, хайдах-туох олордугут?” – дии- дии мичээрдээтэ. Хардары дорооболоһон, саха үгэһинэн “кэпсээн суох” диэн буолла. Киһи олоппос биэрбиттэригэр: “һуу, итии да буолар эбит”, – диэн баран сирэйин-хараҕын ньухханна, чараас баттаҕын өрүтэ анньыммахтаата. “Кыратыйа- кыратыйа үчүгэйкээн да дэриэбинэчээн оҕото эбит ээ”, – диэн улахан дьоннуун билсиһиитин саҕалаата.
Барбытын кэннэ истибитим итиН.С. Тарабукин диэн киһи Дьааҥыттан Муома Эһэлээҕэр ааҕар балаҕан сэбиэдиссэйинэн ананан айаннаан иһэр эбит» («Чолбон», 1990 с., 10 нүөмэрэ).
Кини кэлэн иһэрэ Муомаҕа биллэ охсон: «Эбээн поэта айар үлэтин сүнньүнэн Силээннээхтэн Догдо-Чыбааҕылааҕынан Хонууга ааһар үһү», – диэн сурах тарҕанар.
Догдоҕо тэриллибит эбээн начальнай оскуолатын учууталлара П.А. Степанов-Ламутскай уонна
Р.П. Харлампьев поэты көрсөөрү бэлэмнэнии үлэтин ыыталлар. Оскуоланы ыраастааһыҥҥа, киэргэтиигэ туруналлар. Николай Саввичка анаан кыра дьоҕус быыстапканы оҥороллор. Биир киэһэ күүтүүлээх киһилэрэ кэлбитин истэн Степанов оскуола дьиэҕэ тахсар. Онно көмүлүөк оһоххо иттэ турар кыра уҥуохтаах, бэйэтигэр сөп эттээх-сииннээх, билбэт эбээн киһитэ эйэҕэстик мичээрдии- мичээрдии утары хааман кэлэн дорооболоһор.
- Николай Саввич Тарабукин диэммин.
Онтон Платон Афанасьевич бэйэтин билиһиннэрэр уонна:
- Эйигин кытта бу курдук утары көрсөр чиэстэммиппиттэн наһаа үөрэбин, – диир.
- Платон Афанасьевич, эбээн учуутала үөрэтэр оскуолатыгар эйигин көрсүбүппүттэн наһаа үөрдүм. Дьэ тугу кэпсиигин? Бу диэки хайдах олор- дугут? – диэн ыйыталаһан барбытыгар, Платон Афанасьевич кыбыстан, мух-мах буола сыспыта.
Онуоха Николай Саввич:
- Мин уруккута Петроградтан, билиҥҥитэ Ленинградтан кэлбитим. Урут бэйэм үөрэнэрим. Билигин бэйэм үөрэтэр буоллум. Оҕо хаҥыл табатааҕар бытааннык сыһыйар эбит. Эмис табаларынан сиэллэрэн дэгдэтэн истэххэ, араас санаалар киирэллэр. Суруйар киһиэхэ уһун айан туһалаах эбит, – диэн сэһэргээбитэ. Кинилэр 6 чааска диэри кэпсэппиттэрэ. 7 чаастан оскуола үөрэнээччилэрэ кэнсиэр көрдөрбүттэрэ. Онно ос- куола 4-с кылааһын үөрэнээччитэ Вася Лебедев (кэлин эбээн бастакы учуонайа, поэт буолбут
В.Д. Лебедев) Пушкин суруйбут «Зимний вечер» диэн хоһоонун аахпыта. Николай Саввич бу ааҕыыны наһаа сөбүлээбитэ уонна сыанаҕа тахсан Васяҕа махтаммыта, төбөтүн имэрийбитэ уонна тэтэрээт, харандаас бэлэхтээбитэ. Оччолорго бу наһаа күндү бэлэхтэр этилэр. Кэлин улаатан баран Василий ол бэлэҕи: «Мин литератураҕа ылбыт бастакы бириэмийэм», – диирин туһунан бииргэ төрөөбүт убайа И.Д. Лебедев ахтара.
Бу көрсүһүүгэ Николай Саввич бэйэтэ суруй- бут хоһооннорун аахпыта. Хоһооннорун ааҕарыгар бастаан бытааннык, холкутук, онтон улам түргэ- тээн, ыллыы-ыллыы, үҥкүүлүү-үҥкүүлүү ааҕарын мустубут дьон наһаа сэргээбиттэрэ. Сарсыныгар Иннокентий Иванович Слепцов диэн киһилиин Хонууга барбыта. Халлаан итийэн, суол алдьанан эрэр кэмэ буолан, ыксаан, Хонууга уһаабатаҕа. Ааҕар балаҕан сэбиэдиссэйинэн ананаат, үргүлдьү дойдутугар Эһэлээххэ ааһар. Эһэлээххэ чугаһаатаҕын аайы дойдутун, дьонун-сэргэтин ахтара ордук күүһүрэн иһэрэ. Айаннаабыта иккис күнүгэр Суланньа үрэҕэр тиийэр. Мантан уҥа диэки үрдүк булгунньах аннынан төрөөбүт-үөскээбит Бурганньатын үрэҕэ көстөр буолуохтаах:
Тугутчаан муоһуттан тардыһан,
Сандал күн тахсарын көрбүтэ,
Буур таба муоһугар иилиллэн,
Хоту сир хоһууна буолбута.
Сотору Эһэлээх нэһилиэгин киинэ Хабдьылаах көһүннэ. Бу сылтан саҕалаан кини төрөөбүт оройуонугар үөрэҕи, культураны тарҕатыыга туох баар күүһүн-күдэҕин харыстаабакка үлэлээн барар. Ааҕар балаҕан үлэтэ дьиэҕэ олорон эрэ үлэлээһин буолбатаҕа – ыраах ыстаадалары хабан агитацияны ыыппыта, үөрэҕэ суохтары үөрэппитэ.
1940 сыллаахха уһук хоту улуустарга холкуостары тэрийии саҕаланан, 1938 сыллаахха көс эбээннэри түмэн тэриллибит «Чыскы» табаарыстыба оннугар Ворошилов аатынан холкуос буолаллар. Бастакы бэрэссэдээтэлинэн 1957 сыллаахха Саха АССР Үрдүкү Сэбиэтин депутата буолбут Николай Иванович Слепцов талыллар. Кини: «Николай Саввич колхозтары тэрийсиигэ, эбээннэри колхозка киллэриигэ бэрт элбэхтик сүүрбүтэ-көппүтэ. Ону сэргэ оскуоланы аһыыга эмиэ кини түүннэри- күннэри түбүгүрбүтэ», – диэн ахтара.
Суруйааччы бэйэтин үлэтин сүнньүнэн Хонууга элбэхтик барар-кэлэр эбит. Ол сырыыларыгар сороҕор элбэх оҕолоох эбээн кэргэнигэр төрөөбүт, эдэр сааһыгар комсомолга, кэлин партияҕа киирэн, төрөөбүт нэһилиэгэр партия олохтоох тэрилтэтин сэкирэтээринэн үтүө суобастаахтык үлэлээбит, олоххо көхтөөх позициялаах киһинэн биллибит Михаил Петрович Слепцовы (1910-1965) кытта аргыстаһара. Уһун, сылаалаах айаҥҥа Николай Саввич хоһоон ааҕа-ааҕа эбэтэр ыллыы-ыллыы айанныыр идэлээҕэ үһү. Ол сиэринэн Киҥикич үрэҕин өрө баран иһэн тохтоон хоһоон ааҕан барбыт:
Күтүр ыраах сирдэри саныы,
Күүстээх тыалы утары ыллыы,
Киҥикич үрэҕин өксөйө,
Тимэхпит, тиэрбэспит тыалтан иһиирэ
Биһиги айаннаан иһэбит.
Күндү доҕорум, аргыс Мэхээлэм,
«Бананньаҕын» үүрэн биэрдэ,
Иччитэ ыксыырын экчи билбиттии
Көрсүө уучах хамсанан-имсэнэн
Айанын эбэн биэрдэ.
Мин да хаалбат санаанан
«һудьэнэбин» кэйэ түстүм,
Ааттаах таба буолуох бэйэҥ
Тардыгынаан күүспүн эстэ…
Маннык кини «Киҥикич» диэн ырыа-хоһооно айыллыбыт. Онтон Сахынньа үрэҕэр күүстээх тыалтан хааттара сытан, дьиэ өһүөтүгэр бу курдук суруйбут: Нарыма дохсун уучаҕы миинэн Улуу буурҕа көтүтэр,
Адаар таас сытыы төбөтүн Быһыта тэптэрэн ааһар.
Мин таптыыбын буурҕа күүһүн,
Ийэ дойду үүнэр күүһүн,
Доҕоруом, биһиги дьолбут буолара.
Бу хоһооннорун ааптар бииргэ сылдьар, бултуур доҕоругар Михаил Петровичка анаабыт.
Оччотооҕуга кэлии-барыы, сибээс мөлтөҕүнэн, аан дойдуну атыйахтыы аймаабыт Аҕа дойду Улуу сэриитэ саҕаламмытын Эһэлээх нэһилиэгин олохтоохторо үс хонон эрэ баран истибиттэр. Саха сирин хотугу оройуоннарыгар армияҕа ыҥырыы ыытыллыбатаҕа эрээри киһи соччо-бачча ордугурҕаабат олоҕо бүрүүкээбитэ. Бу туһунан оччолорго Улахан Чыыстай нэһилиэгин сэбиэтин бэрэссэдээтэлинэн үлэлээбит Мария Васильевна Корякина маннык суруйар: «Сэрии кэмигэр ханна барытыгар курдук ас-танас нуормата наһаа кырата. Ыйдааҕы нуорма сулууспалаахтарга: чэй 50 грамм, бурдук 2-3, куруппа 1 киилэ этэ. Бачча кыра аһы аһаатарбыт да, күҥҥэ 10-12 чаас үлэлиирбит. Бэйэҥ үлэҥ таһынан ыалдьыбыт ыанньыксыттарга көмөлөһөҕүн, онтон киэһэ сэриилэһэ сылдьар кыһыл армеецтарга ичигэс таҥаһы тигэҕин. Ол да буоллар биир да киһи ыарахан эҥин диэн үҥсэргии сылдьыбата. Күүспүт кыайарынан бары үлэлии сатыырбыт». Оттон Николай Саввич ыҥырыллан кыттыбыт 1941 сыл алтынньы 29 күнүнээҕи Ворошилов аатынан холкуос чилиэннэрин уопсай мунньаҕа бу курдук уурааҕы ылыммыт: «Бары үлэни кыайар колхозтаахтар 2-4 көлөһүн күнүн фроҥҥа аныырга. Оборона фондатыгар заемунан көмөлөһөргө уонна бэриллибит 1,22 киилэ кыһыл көмүс хомуурун балаҕан ыйын 20 күнүгэр толорорго».
Байыаннай кэм тыйыс тыынын кытта репрессия ытарчата сап-саҕаттан салҕанан олорор дьону кы- таанахтык хабарҕалаабыттара. Манна сыһыаннаах оччотооҕу кэм биир холобурун аҕалабыт. Николай Саввич тастыҥ эдьиийэ элбэх оҕолоох Евдокия Петровна Корякина хоргуйан өлөөрү ыксаан кэтэх табатын өлөрбүт. Ону тута кэлбиттэригэр: «Бастаан оҕолорум, аймахтарым аһаатыннар. Ол кэнниттэн хайааҥ даҕаны», – диэбит. Бу дьахтар сууттанан 5 сылга хаайыыга түбэспит уонна онтон эргиллибэтэх. Маннык быстах дьыалаҕа эриллэн аҕыйах дьонноох Эһэлээх нэһилиэгиттэн 25 киһи сор суолламмыт.
Суруйааччы олоҕо даҕаны бу дьонтон ордуга суоҕа. Ол эрээри санаатын түһэрбэтэҕин дьонугар- сэргэтигэр эппит тыллара кэрэһилииллэр: «Эбээн литературатын сайдар суола сарбылынна. Биһиэхэ чугас Ленинград өстөөҕү утары хааннаах хапсыһыыга киирдэ. Ол эрээри, санааны түһэрбэккэ суруйан, үлэлээн иһиэххэ. Биһиги кырдьыктаах дьыала иһин охсуһабыт, онон хайаан да хааннаах өстөөҕүкыайыахпыт! Биһиги эмиэ сайдан, олохпут тупсан барыаҕа». Кини ийэ дойду инники дьылҕата быһаарыллар кэмэ тирээн кэлбитигэр партия Муо- матааҕы райкомун сэкирэтээрэ И.Н. Колосовка киирэн таба ыстаадатыгар үлэҕэ ыыталларыгар көрдөспүт: «Маннык алдьархайдаах Ийэ дойдуну көмүскүүр сэрии бара турдаҕына, ааҕар балаҕан курдук ким баҕарар толорор үлэтигэр үлэлиэхпин санаам буолбат. Үлэ кытаанаҕар ытык эбээ- һинэспин толороору кэллим. Маны таһынан ыстаадаҕа үлэлээн баран, бөдөҥ соҕус айымньы суруйар баҕа санаалаахпын». Николай Саввич бу баҕатын толорон, «Калинин» холкуос Иннокентий Иванович Слепцов-Дайдыкаан биригэдьиирдээх ыстаадатын маныыһыта буолар:
Таһырдьа тыал ыйылыыр,
Тордох иһэ хараҥа,
Сыл аайы олох ыарыыр,
Бу табаһыт олоҕо.
Хастыы эмэ көһүнэн
Уһаты-туора хаамабын.
Таба көрдүү ыйынан,
Сиргэ, тааска хонобун.
Ууга-хаарга сахсыллан,
Тоҥон-хатан ылабын.
Эһэ-бөрө түбэһэн,
Сыыһа-халты куотабын.
Чугас бөрө улуйар,
Эмиэ таба куоттаҕа.
Сорум-муҥум эбиллэр,
Туруох бэйэм буоллаҕа.
Николай Саввич тыаһа-ууһа суох таҥнан, оргууй тордох сабыытын арыйан тахсан үөрэҕи кыайбакка оскуолаттан уурайбыт Бүөтүр уолу солбуйа барда, ыта Моойторук кэнниттэн батыста. Бу иннинэ үс хонуктааҕыта кини маныыр түүнүгэр, былырыыҥҥы оҕолорун батыһыннара сылдьар, тыһылаах атыыр бөрө табалары улаханнык аймаабыттара. Хата, Моойторук эрдэ биллэрэн, тула кутаа оттон, саанан ытыалаан биир да табаны энчирэппэтэҕэ. Тиийбитэ уола чэйдии олороро. «Хайа, бөрөлөр биллибэтилэр дуо? – диэн ыйыппытыгар: «Ээ, суох. Биллибэтилэр», – диэн хардарбыта. Ол эрээри, уол уонча таба быстан хаалбытын билбэккэ хаалбыт этэ.
Уонча хонугунан, квартал түмүгэр, нэһилиэк сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ үһүө буолан таба ахсаанын
чуолкайдыы тиийэн кэллилэр. Ааҕыы түмүгүнэн 12 таба итэҕэс буолар. Онуоха бэрэссэдээтэл Иннокентий Слепцов-Дайдыкааҥҥа уонна Николай Саввичка туһаайан:
- Табаларгыт ханналарый? Көрбөккө, манаабакка арыгылыы сыппыккыт буолуо! – диэн уордайан бобуллаҥнаата. Кыыһырбыт омунугар тыына хаайтаран, субу уҥан түһүөх курдук кэбилэннэ.
- Арыгылаабатахпыт. Түүнү быһа утуйбакка манаабыппыт, – диэн этэн көрдүлэр да, ону ылыныах бэйэлээхтэр буолуо дуо?
- Сымыйаҕыт! Соруйан немецтэргэ көмөлөһөө- рү куорҕаллыыр үлэни ыытаҕыт! Мин байыаннай балаһыанньа сокуонунан эһиэхэ дьыала оҥоруом! – диэн суоһурҕанна уонна кыайбыт-хоппут киһи быһыытынан бөһүөлэккэ төннүннэ…
Ол кэннэ үҥсүү оҥоһуллан оройуон прокуроругар Кривошапкиҥҥа түһэр. Кини сорудаҕынан милиция үлэһиттэрэ тахсан Слепцовы уонна Тарабукины тутан Хонууга киллэрэн хаайан кэбиһэллэр. Сүппүт 12 таба көстүбүтүн да үрдүнэн Николай Саввиһы хаайыыттан таһаарбатахтар. Кэлин биллиилээх эбээн суруйааччыта буолбут учуутал Платон Степанов-Ламутскай следователь Семеновка, судьуйа Софроновка суруйааччы сыыһа буруйдаммытын этэн көрбүтүн ылымматахтар. Хаайыыга тиийэн көҥүллэтэн дьыала хайдаҕын туһунан кэпсээн биэрбитигэр суруйааччы төбөтүн тобугар төҥкөтөн хараҕын уутун тохпутуттан, кырдьык да улахан сыыһа тахсыбытын, кини буруйа суоҕун бигэтик өйдөөбүт. Ламутскай партия райкомун бастакы сэкирэтээрэ И.Н. Колосовка киирэн, эбээн суруйааччыта сымыйа дьыалаҕа буруйданан, хаайыыга сытарын туһунан кэпсээбитин, саатар силиэстийэ кэмигэр көҥүл сылдьарыгар көҥүллүүргэ көрдөспүтүн этойон ылымматах. Онтон обкомҥа, өрөспүүбүлүкэ прокуроругар үҥсээри сырыттаҕына, Тарабукиннаах үһүө буолан хаайыыттан күрээбиттэрин туһунан сурах кэлэн, үҥсүүтүн онуоха-маныаха диэри тохтотон, дьыала туох-ханнык буоларын кэтэһэр.
Николай Саввич Дайдыкаанныын оройуон хаайыытыгар бастаан иккиэ буолан сыппыттар. Сотору түөрт киһини кыыллыы сэймэктээн өлөрбүт Петр Соркомов-Муустуйа диэн киһини тутан киллэрбиттэр. Бу кэрээниттэн тахсыбыт киһи: «Миигин син биир өлөрөллөр, аны саатар биир киһини анныбар баттаан, аҕыйах хонукка көҥүлгэ көччүйэн сылдьыбыт киһи», – диэн быһымах санаалааҕа. Хаайыыга киирбитин иккис хонугуттан муоста аннынан хаһан күрүүргэ тэриммитинэн барбыт. Дайдыкаан киниэхэ көмөлөспүт. Николай Саввич хаһалларын билэрэ да, болҕомтоҕо ылбатах. «Мин тугум дьыалатай? Күрээтэхтэринэ син биир тутуллуохтара» диэн толкуйдуура, куотар туһунан санаан да көрбөтө үһү. Биир түүн утуйа сыттаҕына, Соркомов кытаанах куолаһынан соруйбут:
- Таҕыс, күрүөх!
- Эһиги бэйэҕит күрээҥ, мин хаалыым, – диэн этэн көрбүтүгэр:
- Эн тахсаҕын дуу? Эбэтэр манна тыыҥҥын быһабын дуу? Тал! – диэн киһитэ кырдьык да субу дьууктаан кэбиһиэхтии суоһурҕаммыт.
Онон күрүүр санаата суох киһини куттаан, бэйэлэригэр сөрөөн илдьэ бараллар. Интернат остолобуойуттан арыы, чэй, саахар, килиэп ылаллар уонна Тарабукиннаах Эһэлээх диэки, Соркомов Төбүлэххэ күрүүллэр. Дайдыкаан Соркомовка: «Эһэлээххэ барыах», – диэбитин анарааҥҥыта «бырдаҕа бэрт» диэн аккаастаабыт. Сотору Соркомовы тутан ылан куоракка утаараллар. Кэлин кини ытыллыбытын туһунан биллэрии кэлэр. Николай Саввичтааҕы Эһэлээх аттыттан туталлар уонна кэлгийэн, сүөһү курдук быалаан акка баайан, сатыы Хонууга аҕалан хаайаллар. Дайдыкаан хаайыыттан иккистээн күрүүр уонна ууга тааһы бырахпыттыы сүтэн хаалар. Кинини хас эмэ сылы быһа көрдүүллэр да булбаттар. Иннокентий Слепцов-Дайдыкаан 1953 сыллаахха хаайыылаахтарга улахан амнистия биллэриллибитин кэннэ, түөрт оҕолоох, кэргэннээх Хонуу сэлиэнньэтигэр биирдэ баар буола түһэр уонна ханна, хайдах сылдьыбытын кэпсээбэккэ эрэ 1962 сыллаахха ыалдьан өлөр.
Сарсыарда 8 чаас бадахтаах. Хаайыы күлүүһэ аһыллан «халыр» гына түһэр, харабыл ааны арыйан туран: «Тарабукин, тахсар үһүгүн», – диир. Дьиксинэ санаата. Иннигэр-кэннигэр милиция арыаллаан «Следователь Петров Г.И.» диэн суруктаах хоско киллэрэллэр. Харабыллар көрүдүөргэ хааллылар, Петров нууччалыы кытархай хааннаах, доруобай, отутуттан эрэ тахсан эрэр киһи быһыылааҕа. Хаайыылаах киирбитигэр остуолга умса түһэн, харалҕан хараҕынан тугу эрэ суруйа олороро, онтон көнөн, сымнаҕас өйөбүллээх кириэһилэтигэр тиэрэ түспүтэ, кыһыл сукуна сабыылаах остуолуттан бөппүрүөскэ ылан тардан унаарыппыта уонна хос ортотугар тугу да гыныан билбэккэ, мух-мах буола турар киһини чинчийэрдии атаҕыттан төбөтүгэр диэри өрө көрөн таһаарбыта:
- Ити олоппоско олор, – уонна остуол тардыытыттан «Дело» диэн суруктаах чараас паапканы ылан остуол үрдүгэр уурбута:
- Гражданин Т арабукин, туох буруйдаах-сэмэлээх манна киирбиккин билэн олордоҕуҥ буолуо? – диэн саҥарбыта бытааннык хас биирдии тылын чиҥэтэ- чиҥэтэ.
- Билэбин, ол гынан баран табалары соруйан сүтэрбэтэҕим – бөрөлөр кыйдаабыттара, онтон Соркомовы кытта куомуннаспатаҕым. «Өлөрүөм» диэн куттаабытыгар барсыбытым.
- Өссө сымыйалыы олороҕун! Соркомов этэринэн, бэйэҥ барсыбыт үһүгүн буолбат дуо?! Өссө «Эһэлээххэ барыахха, онно ким да биһигини булуо суоҕа» диэн кучуйбут үһүгүн. Ол кырдьык дуо?
- Кырдьык… Эһэлээххэ барыахха диэбитим. Ону кини «ырааҕа, бырдаҕа бэрт» диэн барсыбатаҕа, – хаһан да сымыйалаабатах, албыны, үөнү-күрдьэҕэни билбэтэх киһи кырдьыгынан билиннэ.
- Арҕаа немец фашистарын утары хааннаах сэрии бара турарын билэҕин дуо?
- Билэбин…
- Билэр буоллаххына, эн тыылга немецтэргэ көмөлөһөөрү куорҕаллыыр үлэни ыыта олороҕун!
Маннык ньүдьү-балай балыырга урут түбэспэтэх киһи туох да диэн булбакка саҥата суох барбыта. Арай иһин түгэҕэр иһиллэр-иһиллибэттик:
- Мин соруйан буолбатах… – эрэ диэхтээтэ.
Следователь суруйбут кумааҕытын Николай Саввич диэки ууммута:
- Манна «буруйбун барытын билинэбин» диэн илиигин баттаа.
Николай Саввич кумааҕыны ылан аахта. «Н.С. Тарабукин эрдэттэн сүбэлэһэн, И.И. Слепцов-Дайдыкааны кытта колхоз 12 табатын уоран сиэбиттэрин уонна хаайыыга сытан П. Соркомов-Муустуйа диэн өлөрүөхсүтү кытта куомуннаһан, тыылга куорҕаллыыр үлэни ыытаары күрээбит. Буруйбун барытын толору билинэбин» диэн суруллубут этэ.
- Мин… мин… баттаабаппын, – суруйааччы иһиллэр-иһиллибэттик көхсүн иһигэр ботугуруур уонна кумааҕыны төттөрү остуолга уурар.
Дьэ онуоха били киһитэ өрө бардьыгыныы түстэ:
- «Баттаабаппын» диэбит буола-буола! 12 табаны сиэбитиҥ? Сиэбитиҥ! Соркомовы кытта күрээбитиҥ? Күрээбитиҥ! Билиммэт, баттаабат буоллаххына, тым- ныы умуһахха хонноххуна билиэҕиҥ! – диэбитигэр Николай Саввич улаханнык ыксаан «ол тымныы умуһахха хоннохпуна, киһи буолуом дуо? Баҕар, суут буруйа суохпун дакаастыа» дии санаата уонна илии баттыырга күһэлиннэ. Хаайыылаах буруйун түргэн- ник билиммититтэн улаханнык астыммыт следователь остуолга турар чуорааны тыаһаппытыгар, ааҥҥа турар милиционер киирбитигэр:
– Бу киһини илдьэ бар, – диэн соруйда.
Ити курдук Тарабукин оҥорботох буруйугар илии баттыырга күһэллэр. Хоһугар киирэн, оронугар сытан арыый да уоскуйан баран аата-ахсаана суох алдьархайга, иэмэ-дьаама биллибэт иэдээҥҥэ түбэспитин өйдөөбүтэ да, «барар сирэ баҕана үүтэ, кэлэр сирэ кэлии үүтэ» буолбут этэ. Бэл, киэһээҥҥи хаппыт икки быһыы килиэбин сиэбэккэ, биир куһуок саахардаах чэйин испэккэ суорҕанын бүрүнэн сыппыта. Төһө өр ол курдук сыппыта эбитэ буолла, устунан утуйан хаалбыт. Арай түһээтэҕинэ, Эһэлээххэ баар буолбут. Ыраах тумул үрдүгэр сытар ийэтин уҥуоҕар баран эрэр быһыылааҕа. Чугаһаан көрбүтэ, арай иин үрдүгэр маҥан сарыы сонноох, оҕуруолаах сарыы этэрбэстээх, кыһыл хаймыы киэргэллээх хара нэлэкилээх ийэтэ турар. Кинини бэйэтигэр ыҥырар курдуга. Ийэтигэр баран истэҕинэ кэнниттэн туох эрэ күүс сиэтэн илдьэ барар. Кэннин хайыһан көрбүтэ – ийэтэ ол курдук ыраах туран хаалар. Уһуктан кэлбитэ хаайыы кыараҕас түннүгэ суһуктуйа сырдаан эрэрэ. Түүлүн тойоннуу сатаан тугун-ханныгын тобулбакка бэрт уһуннук сытта, «арааһа, сирбиттэн, дойдубуттан ыраатар, тэйэр киһи буоллум быһыылаах» диэн судургу түмүккэ кэлэр.
Аҕыйах хонугунан суут буолар. Николай Саввиһы биэс сылга уопсай режимнээх үлэнэн көннөрүнэр Уус Ньара колониятыгар ыытарга уураллар. Ол эрээри, бириигэбэр тахсыбытын да кэннэ, сырыы суох буолан, Хонуу хаайыытыгар сыппыт. Хаайыылаахтары Үллэр Өтөҕө диэн сиргэ үүрэн аҕалан, мас кэртэрэллэр эбит. Оччолорго бу сиргэ Софрон Григорьевич Слепцовтаах диэн ыал олорбуттар. Николай Саввич бу дьону уруккуттан билэр буолан, харабыллартан көҥүллэтэн кэлэр уонна суорат сиир эбитэ үһү. Кини киирдэҕинэ, ыал ийэтэ Сөдүөччүйэ: «Хайа, Саабыс, хайдах сылдьаахтыыгын, олорон сынньана түс, билигин суорат киллэриэм», – диирэ уонна омуһаҕар тахсара. Сотору мас кытыйаны толору суорат киллэрэн ыалдьытын иннигэр уурара. Кини аһаан, арыый да санаата көнньүөрэн, табаахтыы- табаахтыы дьиэлээхтэри кытта кэпсэтэрэ. Хайдах сылдьарын ыйыттахтарына, «үчүгэй» диир, хаһан даҕаны куһаҕаннык сылдьабын диэбэт эбит.
Босхолонон баран, кумааҕы көрдөһө эмиэ Слепцовтарга таарыйбыт. Онуоха кыра уоллара Аммос (кэлин «Кировскай» совхоз дириэктэрэ буолбута) ампаартан «Ырыа-хоһоон» диэн Ойуу- нускай кинигэтиттэн 3-4 лииһи быһа тардан кил- лэрбитигэр Николай Саввич:
- Бу кинигэни хантан ыллыҥ? – диэн ыйыппыт.
- Ити тороскуус кинигэтэ. Биһиги урут маннык ааттаах элбэх кинигэни оскуола олбуоругар уот- таабыппыт. Онтон биир кинигэни аҕалан ампаарга кистээбитим, – диэн уол кырдьыгынан билиммит.
- Бу улуу киһи кинигэтэ. Алдьатыма, хата, миэхэ аҕал, – диэн Николай Саввич уолтан көрдөһөр.
Уол харыһыйан биэримээри гыммытын аҕата Софрон соруйбут:
- Нохоо, ол тороскуус кинигэтин тоҕо харыһыйаҕын? Киллэрэн биэр.
Кинигэни ылан кини хонноҕун анныгар кистээбит.
Кэлин биирдэ эмиэ манан таарыйан ааспыт. «Бу кинигэҥ иэһин аҕаллым», – диэбит уонна бэйэтэ суруйбут «Оҕо эрдэхтээҕим» диэн кинигэтин Аммос Слепцовка бэлэхтээбит. Оттон ол Аммостан ылбыт П.А. Ойуунускай кинигэтин суруйааччы өлбүтүн кэннэ булан уоттаабыттарын туһунан биһиэхэ П.И. Атласов диэн Эһэлээх олохтооҕо кэпсээн турардаах.
Платон Афанасьевич санаабыт санаатын тиһэҕэр тиэрдээри партия обкомугар уонна өрөспүүбүлүкэ прокуроругар үҥсүү түһэрэр. Биир күн оройуон прокурора Кривошапкин кинини ыҥыттаран ылар:
- Эн үҥсүүгэр өрөспүүбүлүкэ прокуроруттан эппиэт кэллэ.
- Дьэ ол туох ис хоһоонноох эппиэтий? – диир Ламутскай эмиэ да үөрбүт, эмиэ да дьиксиммит куолаһынан.
- Дьыала иккистээн көрүллэр буолла. Саха АССР прокурорун сорудаҕынан Тарабукины Уус Ньара колониятыттан ыҥыттардым. Эйиэхэ, Платон Афанасьевич, Тарабукин суруйууларын үчүгэйдик ырытан, рецензия суруйаргар сорудахтыыбын, – диир Кривошапкин.
Ол кэнниттэн Платон Афанасьевич тута уталыппакка эрэ маннык ис хоһоонноох рецензияны суруйар:
«Муома оройуонун прокуроругар т. Кривошапкиҥҥа Муома оройуонун учууталыттан Степанов Платон Афанасьевичтан Мин поэт Тарабукин Николай Саввиһы 1935 сылтан ыла эвен норуотун арҕааҥҥы диалегын литературатын облаһыгар аан маҥнайгы киллэрээччиуонна арыйааччы быһыытынан истибитим.
Поэт Николай Тарабукин эвен норуотун союз үрдүнэн биллэр үс поэттарыттан биир бастыҥнарынан буолар.
Кини айымньылара эвен норуотун бары учебниктарыгар киирэн туран киэҥник биллибит
талааннаах суруйааччы уонна литература обла һыгар чаҕылхайдык көстүбүтүнэн эвен норуотун историятыгар киирэр инники акылааты ууруммут поэтынан буолар.
Кини айымньыларыттан:
- Хиги икэлки (Песни тайги).
- Кунгарапу (Детство).
- Мэнгэн асаткан дэгэддэкэнъ (Полет золотой девушки).
- Кунга икэлни (Детские песни).
- Индигир икэлни (Индигирские песни).
Бу айымнъыларынан учебниктарга поэт Тарабукин киэҥник киирдэ:
Хупнуттэкун (Будем учитъся). Улахан дъон оскуолатыгар туттуллар проф. Левин кинигэтигэр.
Эвенко-русский словаръ (1936 г. изд-во Ленин- град). Левин таһаарбыт словарыгар участие ылан проф. Левинтэн махталы ылан турар.
Проф. Беспаленко «Танганмайду тангалдивун» (Книга для чтения) II кл. үөрэнээччилэрин кинигэтигэр поэт Тарабукин айымнъылара үгүс миэстэни ылаллар.
Онон поэт Тарабукин Н.С. инники өттүгэр үүнэр уонна эвен норуотугар саҥа айымнъылары биэрэр кыахтааҕын дъөксө бигэргэтэр сөп.
Муома с/с орто оскуолатынучуутала/П.А. Степанов/.
Секретаръ Момского РИК /А. Слепцов/».
Биир ый буолан баран, Дьокуускайтан сири- нэн айаннаан, улахан хамыыһыйа кэлэр. Ол састаабыгар бааллара: обкомтан С.И. Неустроев, Үрдүкү сэбиэттэн Павлова, Үрдүкү сууттан Платонов. Хамыыһыйаны кытта тэҥҥэ кэриэтэ ындыыһыттардыын Уус Ньараттан сирэйэ-хараҕа сырдаабыт Николай Саввич кэлэр.
Сарсыҥҥытыгар Платон Афанасьевич оскуолаҕа үлэлии сырыттаҕына Үрдүкү суут чилиэнэ Платонов ыҥыртаран ылан: «Биһиги Н. Тарабукин дъыалатын бигэргэтэрбит саҕана, кини поэт,
суруйааччы буоларын туһунан туохдаэтиллибэтэх этэ. Ол иһин дъыаланы ыараҥнатыы, чинчийии ыытыллыбатаҕа. Бириигэбэри биэрбиппит. Ол дъыала билигин Москваҕа тиийдэ. Онтон ирдээн бириигэбэри көтүртэриэххэ диэри Н. Тарабукин көҥүлгэ сылдъыаҕа», – диэн этэр.
Итинтэн ыла Николай Саввич күнүс көҥүл сылдьар, түүн хаайыыга хонор буолар. Кини үксүгэр Платон Афанасьевичка киирэрэ, ол сылдьан биирдэ бу курдук эппит: «Дъиҥнээхтик сиппит поэт курдук суруйаҕын, барытын лоп курдук чочуйаҕын, ис киирбэхтикуобарастыыгын. Ситэн- хотон истэххинэ, төрөөбүт норуоккар өссө үчүгэй хоһооннору, ырыалары биэрииһигин. Дъэ кытаат, түһэн биэримиэх. Уруучуканан туундара хаарын оймуох». Платон Ламутскай Николай Тарабукинтан суруйар ньымаҕа элбэх сүбэлэри ылбыт. Биллэр суруйааччы буолан баран кини ол туһунан бу курдук этэн турардаах: «Кини көмөтө суох ССРС Суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ буолуохпар диэри үүммэтэх буолуом этим».
Сотору Москваттан бириигэбэр көтүллэн кэлэр уонна Дьокуускайтан кэлбит хамыыһыйа үлэтинэн райком бүрүөтэ ыытыллан: «Кытаанах миэрэҕэ тардыллыа суох киһини кыайан көмүскээбэтэххит. Оройуон нэһилиэннъэтин 6 % сууттаммыт, буруйдуур-сэмэлиир миэрэни олус элбэхтик туттубуккут. Ону партия райкома сөптөөх болҕомтоҕо ылбатах», – диэн түмүк оҥоһуллар.
Бу кэнниттэн Платон Ламутскай Усуйаанаҕа саҥа оскуоланы аһа, оттон Николай Тарабукин төрөөбүт Эһэлээҕэр төттөрү ааҕар балаҕан сэбиэдиссэйинэн үлэлии бараллар. Бу икки эбээн суруйааччытын тиһэх көрсүһүүлэрэ этэ.
Р.Г. ДЕГТЯРЕВА, А.М. ДЕГТЯРЕВ
(«Тордохтон күөдъүйбүт кыым» кинигэттэн быһа тардыы, 2002)