Кыайыы күнүгэр аналлаах
онлайн-викторина
«Уруйдан Улуу Кыайыы»

Сүгүрүйэбит
Сир — халлаан силбэһэр уотунан
Силбиэтэнэр кырыктаах сэриигэ,
Төрөөбүт түөлбэтиттэн тэйэн
Төннүбэт түстэммит буойуҥҥа,
Ыччатын кэскилин туһугар
Ыар ыйааҕы ындыыланан
Этин — сиинин сэймэктэппит
Эдэркээн саха уоланыгар.