Муниципальное казенное учреждение культуры

Бахсытская библиотека

678683, РС(Якутия), Чурапчинский улус, с. Толон, ул. Т.Егорова, 2/1

Олимп чыпчаалыгар сирдьит

Көҥүл тустуунан саханы аан дойдуга аатырдыбыт, Олимпиада чемпионнарын иитэн таһаарбыт, энтузиаст, новатор тренер, ССРС, РСФСР уонна Саха АССР үтүөлээх тренерэ, Саха АССР үтүөлээх учуутала, Өктөөп революцията уонна «Бочуот знага» уордьаннар кавалердара Дмитрий Петрович Коркин 1928 сыллаахха балаҕан ыйын 5 күнүгэр Боотуруускай улууһун Кытаанах нэһилиэгэр төрөөбүт.

Алта саастааҕар төгүрүк тулаайах хаалан Лазаревтар диэн ырааҕынан аймахтарыгар иитиллибит. Аҕа дойду Улуу сэриитин кэмигэр көһөрүллүүгэ түбэһэн Булуҥҥа тиийэн, Бороҕон сэттэ кылаастаах оскуолатыгар үөрэнэ сылдьан спорка дьоҕура арыллыбыт. Гимнастиканан дьарыктанан кэнсиэрдэргэ спорт нүөмэрдэрин көрдөрүүгэ кыттара. Борбуйун көтөҕүүтэ иитэр дьонунаан Дьокуускай куоракка көһөн кэлэн, 2-с нүөмэрдээх оскуолаҕа үөрэммит, гимнастика уонна бокс секцияларыгар дьарыктаммыт. Многоборьеҕа үс төгүлүн куорат үөрэ­нэээччилэригэр чемпион буо­лары ситис­пит. Оскуолаҕа үөрэммит кэмигэр нуучча тылын ыарырҕаппыт буолан, чопчу бу идэни баһылыыр сыал-сорук туруоруммут. 1952 сыллаахха А.И. Герцен аатынан Ленинградтааҕы педагогика институтугар үөрэнэ киирбит. Үөрэнэр сылларыгар самбонан умсугуйан туран дьарыктанан, Ленинград куорат чемпиона, Бүтүн Сойуустааҕы устудьуоннар турнирдарын призерэ буолбут.

Үөрэҕин бүтэрэн нуучча тылын уонна литературатын учуутала идэтин ылан, Чурапчы оройуонун Одьулуун аҕыс кылаастаах оскуолатын учууталынан уонна завуһунан үлэлээн саҕалыыр. Маны таһынан сүрэҕин баҕатынан оҕолору уонна үлэһит ыччаты көҥүл тустууга дьарыктаан барар. Оройуон киинигэр оҕолору эрчийэргэ көрдөһөннөр түөрт сыл устатын тухары нэдиэлэҕэ үстэ 12 биэрэстэлээх сири сатыы сылдьан дьарыктаабыт. Онтон Чурапчыга үлэҕэ ылыллан баран, энтузиаст-тренер иитиллээччилэрин кытта спорт саалатын тутан, саха оҕотун этэ-хаана сайдарыгар туһалаах анал снарядтары тобулар. Күүстээх, дьаныардаах үлэ, хорсун эксперименнэр, хас биирдии иитиллээччитигэр тус кыһамньылаах, болҕомтолоох сыһыан түмүгэр ааспыт үйэ 60-с сылларын иккис аҥаарыгар Дмитрий Петрович иитиллээччилэрэ Бүтүн Сойуустааҕы уонна аан дойдутааҕы турнирдарга үрдүк ситиһиилэнэн барбыттар.

Ол курдук, 1972 сыллаахха Роман Дмитриев  Мюнхен куоракка ыытыллыбыт Олимпиадаҕа чемпион аатын ылар. Онтон 1976 сыллаахха Павел Пинигин Монреальга буолбут Олимпиадаҕа чемпион, Роман Дмитриев уонна Александр Иванов үрүҥ көмүс призер буолбуттара. Улуу тренер кыһатыттан 448 иитиллээччиттэн 175 спорт маастара, ол иһигэр 13 спорт аан дойдутааҕы кылаастаах маастара, түөрт үтүөлээх маастар, 20 үтүөлээх үлэһит уһаарыллан тахсыбыттара.

Дмитрий Петрович тус бэйэтин үөрүйэҕэр, билэригэр-көрөрүгэр эрэ олоҕурбатах. Кини дойду, ону ааһан аан дойду чулуу бөҕөстөрө туттар көдьүүстээх албастарын, хайдах баарынан түһэрэн буолбакка, эрчийэр спортсменнарын уратыларыгар, кыахтарыгар сөп түбэһиннэрэн туһанарга кыһаллыбыт. Үөрэнээччилэрэ араас техникалаах көхтөөх тактиканы талалларыгар дойду уонна омук сирин бастыҥ бөҕөстөрүн хапсыһыыларын көрбүтүттэн, чулуу иитиллээччитэ Роман Дмитриев эппитинии: «…педагог уонна киһи быһыытынан национальнай уратылаах саха Макаренкота этэ… Аан дойдуга бастакынан кииннээн эрчийиини уонна икки-үс төгүл дьарыгы киллэрбит кини буолар».

Саханы Олимп чыпчаалыгар сирдээбит Дмитрий Петрович Коркин 1984 сыллаахха олунньу 22 күнүгэр ыарахан ыарыыттан күн сириттэн күрэммитэ.

Павел Пинигин, Монреаллааҕы олимпиада чемпиона, аан дойду үс төгүллээх чемпиона, ССРС спордун үтүөлээх маастара

1966 сыллааҕы саас төрдүс чиэппэргэ аҕам миигин Дмитрий Петровичка аҕалан эрчий диэн туттарбыта. Онно Чурапчыттан сылдьан эрчиллибитим. 1967–1970 сылларга спорт интернат-оскуолатыгар бэйэтигэр киирэн үөрэммитим, дьарыктаммытым.

Нөҥүө сылыгар икки мэндиэмэннээх мас спорт саалатын туппуппут. Эт илиибитинэн туппут буоламмыт, төрүт дьиэбит курдук саныырбыт. Итинник илии, былчыҥ үлэтэ биһигини спортсмен да, киһи да быһыытынан сайыннарбыта, үлэнэн иитии хайаан да ирдэнэрин өйдөппүтэ. Көҕүлээччинэн, тэрийээччинэн мэлдьи Дмитрий Петрович буолара.

Үрдүкү кылаастар үөрэнээччилэрин кини күҥҥэ иккитэ дьарыктаныыга киллэрбитэ. Онон муҥутуур ноҕуруусканан үлэлиирбит. Ити түмүгэр биһиги оҕолорбут атын регионнар тустууктарынааҕар күрэхтэһиилэргэ сылайбат буолбуттара. Ол эрээри тренербит биирдиибит доруобуйатын туругун кытаанах хонтуруолга тутара.

Күрэхтэһииттэн кэлбит үөрэнээччититтэн хайаан да хайдах тустубутун туһунан суруйарын ирдиирэ. Онуоха хас биирдии тустуугун ырытан көрүөхтээххин. Туохха сыыспыккын-таппыккын, утарылаһааччыҥ сыыспытын-таппытын эмиэ. Итинэн биһиги тустуу араас түгэннэрин сатаан ырыта үөрэммиппит. Дмитрий Петрович утары көрсөн олорон кэпсэтэн, ыйан-кэрдэн биэрэрэ. Ити биһиги тустуук быһыытынан сайдыыбытын түргэтэппитэ.

Ону таһынан кини 1964 сыллаахха Токио­тааҕы Олимпиаданы киинэҕэ устан аҕалбытын көрдөрөрө. Онтон Аан дойду араас буочардаах улахан тустууктарын уратыларын аан бастаан билсибиппит. Ол биһиги өйбүтүгэр-санаабытыгар, бэйэбит да билбэппитинэн, маннык буолуохха сөп эбит диэн программаны үөскэппит эбит. Биһиэхэ ыраахха, үрдүккэ тардыһыы итинник үөскээбитэ.

Оскуола иһинээҕи күрэхтэһиилэргэ бэйэ­битин судьуйалатара. Онон тустуук быһыытынан билиибитин үрдэтиигэ утумнаахтык үлэлээбитэ.

Дмитрий Петрович оҕо спорт интернат-оскуолатын коллективын биир санааҕа киллэрэн, Константин Сергсевич Постниковы кытта сүбэлэһэн, биир кэлим график оҥорбуттара. Ону олоххо киллэрэр туһугар оскуола, оройуон бары түмсэн үлэлээбиттэрэ. Ити кини тэрийээччи быһыытынан сүҥкэн дьоҕурун көрдөрөр.

Үгүс тренердэр тустууктары барыларын биир тэҥ курдук көрөн, тустуугу бэлэмнээһин биллэр каноннарын, ньымаларын, албастарын, үксүгэр тустуук бэйэтэ да билэрин, сатыырын үөрэтэ сатыыллар. Онон, дьиҥэр, спортсмен сайдыытын харгыстыыллар, үгүс талааннаах ыччаппыт бэйэтин чыпчаалыгар тиийбэккэ хаалар. Ол кинилэр буруйдара буолбатах. Холобура, Прокопий Шестаков, Илларион Федосесв сөптөөх тренердэргэ түбэспэтэхтэрэ сайдалларыгар мэһэйдэри үөскэппитэ.

Роман Дмитриев атын тустар буочардаах, Александр Иванов киэнэ эмиэ туһунан, миэнэ букатын атын. Дмитрий Петрович биһиэхэ, бары үөрэнээччилэригэр хас биирдиибитигэр, ис кыахтарбытын, күүстээх өрүттэрбитин арыйан, олору хайдах сайыннарарбытын ыйан-кэрдэн биэрбитэ, хас биирдиибит ити уратыларбытыгар сөп түбэһиннэрэн адьас саҥа суоллары-иистэри көрдөөн, булан, бэйэтин дириҥ наукалыы билиитигэр-көрүүтүгэр тирэҕирэн дьарыктаабыта. Кини улуута онно сытар.

Дмитрий Петрович кыраһыабай, түргэн түмүктэри ситиһэргэ дьулуспат этэ. Өрөспүүбүлүкэ араас муннуктарыттан айылҕаттан дьоҕурдаах, «бэриһиннэриилээх» оҕолору сүүмэрдээн аҕалтарара. Кэлбит оҕолору курданалларыгар диэри сыгынньахтаан иҥиирдэрэ сайдыытын, быччыҥ, уҥуох олоруутун сыныйан көрөрө. Онуоха анал үөрэҕэ суох да буоллар, ис чувствотынан, сахалыы өйүнэн, интуициятынан билгэлээн тустууга тыыппалаах оҕолору быһаарарыгар хаһан да сыыспатаҕа.

Кини оскуолаҕа, бастатан туран, үөрэҕи билэри ирдиир этэ. Үөрэх оҕо өйүн-санаатын, культуратын, оҕо инники дьылҕатын быһаарар суолталанар. Онон үөрэх оҕо уопсай сайдыытыгар уһулуччу улахан суолталаах.

Ити курдук Дмитрий Петрович үөрэппит оҕолоругар киһи бары үтүө хаачыстыбаларын холбуу көрөн, хас биирдиибитигэр утум-ситим иҥэрэрэ. Биир киһи кыаҕа итиннэ барытыгар хайдах тиийбитин киһи сөҕөр. Ол туһугар төһөлөөх элбэҕи аахпыта, ырытан толкуйдаабыта, суолу-ииһи көрдөөбүтэ буолуой?!

Бу айылҕаттан сэмэй киһи, оттон дьиҥэр үтүөкэннээх тэрийээччи, талааннаах педагог, улуу тренер саха норуотун дьолугар олорбута. Кини үйэтэ уһаабыта эбитэ буоллар, мин кэннибиттэн сахаттан Олимпиада чемпионнара үүммүт буолуохтаахтар этэ. Ону 1985 сыллаахха Сэбиэскэй Сойуус түһүлгэтигэр кини ииппит оҕолоро хайдах тустубуттара чаҕылхайдык көрдөрөр. Василий Гоголев Аан дойду чемпиона буолуон сөптөөҕө, оннук кыахтааҕа. Роман Цыпандинтан эмиэ элбэҕи күүтүөххэ сөп этэ.

Тренер үлэтэ унньуктаах, бүппэт түбүктээх, бараммат кыһалҕалаах үлэ. Ол уустук үлэни сүгэ сылдьар дьон, биһиги, Дмитрий Петрович үөрэппит үөрэҕин, олорбут олоҕун холобур оҥостуохтаахпыт, кинини ситэ сатыыры сыал оҥостуохтаахпыт, символ курдук көрүөхтээхпит. Ол – биһиги эбээһинэспит.

Улуу тренер дьон-сэргэ өйдөбүлүгэр

/ Саха Респ. физич. культураҕа уонна спортка гос. ком. ; [Эпиэттиир ред. И.С. Окоемов]. – Дьокуускай : Сахаполиграфиздат, 2003.

Александр Иванов, Монреаллааҕы Олимпиада үрүҥ көмүс призерэ, ССРС спордун үтүөлээх маастара

Мин спорду олох кыра эрдэхпиттэн сөбүлээбитим. Оскуолабар туохха эрэ күрэхтэһии буолла да, кыттан иһэрим. Ол эрээри ханнык да көрүҥнээҕэр тустууну ордорбутум.

Тохсус кылааска үөрэнэ киирээри сырыттахпына, аҕам Сунтаарга оҕо спорт оскуолата аһыллыбытын истэн, онно ыыппыта. Ити сыл маастар Анатолий Габышевка эрчиллэ сылдьан «Спартак» общество оҕолорго өрөспүүбүлүкэҕэ бастыыр иһин күрэхтэһиитигэр Дьокуускайга кэллим. Онно ыйааһыммар бастаабытым.

Син элбэх оройуон оҕолоро кэлбиттэр этэ. Мин тустан бүттэрбин эрэ хапсыһыылары көрөбүн.

Арай, көбүөргэ Чурапчы уолаттарын барыларын биир модьу-таҕа көрүҥнээх тренер киллэрэр. Коркин ити буоллаҕа дии санаан аттыбар олорбут уолтан ыйыттым. Киһим хата оруобуна Чурапчыттан сылдьар эбит. Сиһилии быһааран биэрдэ: «Суох, атын, ити К.С. Постников диэн, спорт оскуолабыт дириэктэрэ». Ханнык эрэ уолу кыайан тахсыбытым кэннэ, били доруобай көрүҥнээх киһи: «Биһиэхэ баран дьарыктан», – диэн ыҥырда. Мин иһиттим-истибэтим, күрэхтэһии бүтэрин кытта кинилэрдиин барсан хааллым. Чурапчыга нэдиэлэ курдук сылдьыбытым кэннэ Сунтаартан «дьыалаҕын ылбатаххын, кэлэ оҕус» диэн ыҥырыы кэллэ. Олус хомойдум да, хайыахпыный, төннөргө тиийдэҕим.

Сайын дьоммун кытта оттуу сырыттахпына, биир күн Чурапчыттан «Бары докумуоннаргын илдьэ үөрэнэ кэл. Коркин» диэн тыллардаах телеграмма тигинээн кэллэ. Дьонум олус баҕарарбын истэн: «Чэ, оччоҕо үөрэх аһыллыытыгар ыытыахпыт», – диэн быһаарбыттарыттан сахаҕа тэҥэ суох дьолломмуттуу санана түстүм.

Чурапчыга тиийээт, тута Коркины буллум. Оҕолор кинини киһи толло көрөр киһитэ дэһэллэрин истэр буоламмын, салла саныыр этим эрээри, көрөөт да ытыктыы, хайдах эрэ өрдөөҕүттэн билэр курдук санаатым. Эйэҕэс баҕайытык дорооболоһон баран ону-маны ыйыталаста уонна: «Чэ, бар, интернакка олоххун  бул. Киэһэ дьарыкка кэлээр», – диэтэ. Ол күнтэн дьарыктаммытынан бардым. Аҕыйах хонон баран Дмитрий Петрович тренер хоһугар ыҥыран киллэрдэ. Чинчийэрдии, быччыҥнарбын тутан-хабан көрөн баран эттэ: «Уйбаныап, дьиэҕиттэн тугу да аҕалбатаххын». Оҕо санаабар, тугу аҕалыахтааҕым эбитэ буолла диэн мунаардым. Онтум «күүһэ-күдэҕэ суох кэлбиккин» диэбит эбит. «Чэ, саатар тустан көрдөр» диэн буолла. Саалаҕа тахсан оччолорго ССРС уонна РСФСР оҕолорго чемпионнарын Илларион Федосеевы, Петр Платоновы уонна Юрий Цыкуновы утары туһуннарда. Тренергэ бэйэбин көрдөрөөрү туох баарбынан түһэн көрөбүн да, уолаттар туттахтарын аайы ханнык эрэ албастарынан көтүтэн онно быраҕан түһэрэллэр, итиннэ илдьэн төкүнүтэллэр. Кэлин ыксаан: «Эс, маннык буоллаҕына сатаныа суох. Дойдубар төннүүһүбүн дуу…» – диэн санаалар өйбөр кыламныах курдук буолан истэхтэринэ, Бөтүрүөбүс тохтотон, эмиэ тренер хоһугар ыҥыран илдьэ барда.

Өр баҕайы көрөн олорон баран: «Уйбаныап быйыл биһиги сойууска оҕолорго бастыахпыт», – диэн быһа-бааччы этэн кэбистэ. Уолаттарга олус кыайтарбыппыттан кыһыйан-абаран, саатан олорор буолан, күлүү гынар дии санаатым. Ол кэнниттэн миигинниин элбэхтик ылсыһан үлэлээн, сүүрдэн-көтүтэн, билбэт албастарбын үөрэтэн барбыта. Сылайар этим. Ол да үрдүнэн тугу эппитин кыһанан туран толоро сатыырым. Билигин санаатахха, албастары түргэнник ылынарым уонна сымса-түргэн соҕуһум кинини кэрэхсэппит быһыылааҕа. Биир кэмҥэ күүһүнэн мөлтөх дии санаан буолуо, наар күүс эбиитигэр үлэлэтэ сылдьыбыта. Ый курдугунан ыҥыран ылан туһуннаран көрбүтүгэр албастары лаппа оҥортуур буолбут этим. Ол иһин онтон ыла аны наар албастары чочуйууга киллэрбитэ.

Үс ыйынан хамаандаҕа киллэрэн, РСФСР оҕолорго чемпионатыгар илдьэ барда. Бу күрэхтэһии Дмитрий Петровичтыын маҥнайгы сырыым этэ. Онтон сүрдээҕин долгуйабын. Уфаҕа тиийэн баран: «Уйбаныап, эйигин манна кимҥин-ханныккын билээри аҕаллым, кимтэн да куттаммакка-толлубакка тугу сатыыргынан үчүгэйдик толкуйдаан туһун. Өйдөө, бу улахан күрэхтэһии», – диэтэ.

Маҥнайгы хапсыһыыбар киирээт харса суох атаакалаабытынан бардым. Онуоха Бөтүрүөбүс: «Наһаа үлүһүйүмэ. Күүскүн харыстаа. Өссө да элбэх тустуу баар. Барытын учуоттуохха наада», – диэтэ. Түмүгэр үһүс буоллум.

Чурапчыга кэлэн баран, мин хайдах хотторбуппун, ханнык албастарга бырахтарбыппын, ханнык ньымалары, көмүскэниилэри, утары албастары төһө сөпкө дуу, сыыһа дуу оҥортообуппун, олортон ханныктара мин истиилбэр табыллыахтарын чопчу ыйыталаан туран, инникитин хайдах үлэлиэхтээхпитин, өссө тугу эбии үөрэтиэхтээхпитин хас да күн устата сыыйа-баайа быһааран биэрдэ.

Итинтэн ыла сүрүннээн туран, «мельницалаан», «өттүктээн» быраҕыылар, «подсечкалаан», «атахтаан» охторуулар, партер албастарын, атахтата сылдьан партерга олорон көмүскэнэр ньымалар араас көрүҥнэрин сиһилии, бары уустуктарыгар тиийэ үөрэтиибитин күүһүрдүбүппүт. Албастары үөрэтэригэр Дмитрий Петрович улахан түһүлгэлэр хапсыһыыларыттан устубут киинэ лиэнтэлэрин көрдөрө олорон, аан дойду уонна сойуус аатырар бөҕөстөрө албастары оҥороллоругар хайдах хамсаналлара ордук табыгастааҕын быһааран кэпсиирэ улахан көмөлөөх буолара.

Ити сыл хас да күрэхтэһиигэ бастаабытым. Сойуус оҕолорго чемпионата улам чугаһаан испитэ эрээри, тренерим били күһүн туруорбут сорудаҕын санаппат этэ. Арай сайыныгар бараары турдахпына, онтун дьэ өйдөппүтэ. Ереваҥҥа тиийэн сойуус оҕолорго 1969 сыллаах чемпионун аатын ылан баран, «манна бастыырбын Дмитрий Петрович хайдах өтө көрбүтэ буолла» диэн олус сөхпүтүм. Итинтэн ыла дьарыкпыт өссө күүһүрбүтэ. Урут күҥҥэ иккилиитэ эрчиллэр эбит буоллахпытына, аны үстүүтэ эрчиллэр буолбуппут.

1970 сыллаахха ССРС эдэрдэргэ чемпионатыгар, Венгрияҕа «Олимпийскай эрэллэр» диэн эдэрдэр норуоттар икки ардыларынааҕы турнирдарыгар бастаабытым. Ити сыл Алма-Атаҕа физкультура институтугар үөрэнэ киирбитим. Дмитрий Петрович Казах ССР оччотооҕу сүрүн тренеригэр К.Р. Байдосовка: «Бу уол иитэргэ-үөрэтэргэ баай матырыйаал. Ону учуоттаан дьарыктаарыҥ», – диэбит этэ.

Алма-Атаҕа тиийиэхпиттэн анаан-минээн дьарыктыыр тренерим суоҕа, бэйэм Дмитрий Петрович тугу үөрэппитинэн дьарыктанарым. Күрэхтэһиилэргэ сылдьан көрүстэр эрэ кини наар сүбэлээн-амалаан, хайдах дьарыктаныахтаахпын ыйан-кэрдэн, былааннаан биэрэрэ. Мэлдьи онон салайтарарым уонна ССРС сүүмэрдэммит хамаандатыгар бииргэ сылдьар табаарыстарым Роман Дмитриев, Павел Пинигин уо.д.а  сүбэлэрин туһанарым.

1974 сыллаахха сайын кэргэним дойдутугар Чурапчы Сылаҥыгар сынньана сылдьан Чурапчыга диэри икки көстөөх сири велосипедынан нэдиэлэҕэ иккитэ киирэн, Дмитрий Петровичка биир ый кэриҥэ дьарыктаммытым.

Ити сыл хаһааҥҥытааҕар да табыллан тустубутум. Түөрт күрэхтэһиигэ, ол иһигэр Сойууска субуруччу бастаталаабытым.

Билигин, төһө да үрдүк ситиһиилэрдээҕим үрдүнэн, «оо, арай мэлдьи Коркин курдук чулуу тренергэ эрчиллибитим буоллар…» дии саныыбын.

Биһиги, Чурапчыга эрчиллибит уолаттар, үксүбүт Дмитрий Петровичка, кини кэргэнигэр Александра Семеновнаҕа эмиэ улаханнык махтанабыт. Дмитрий Петрович күн аайы хастыы да уолу дьиэтигэр илдьэн аһатар этэ. Күүстээх дьарыкка сылдьар уолаттар аһыырбыт-сиирбит элбэҕэ сүрдээх буоллаҕа дии… Ону ол диэбэккэ, Александра Семеновна барыбытын эйэҕэс баҕайытык көрсөн, кэпсэтэн-ипсэтэн, ийэлии амарахтык сыһыаннаһан аһатара. Бу түгэннэри биһиги соҕуруу күрэхтэһиилэргэ сылдьан мэлдьи истиҥник ахтааччыбыт уонна куруук саныы сылдьабыт.

Зверев, Дмитрий Сергеевич.

Улуу пехлеван : [документальнай, уус-уран сэһэн]. – Дьокуускай, 2001. – 286 с.

Василий Гоголев, Аан дойду боруонса призерэ, Европа икки төгүллээх чемпиона, ССРС спордун үтүөлээх маастара

Дмитрий Петровиһы олох оҕо эрдэхпиттэн билэбин. Чурапчыга бастаан үлэлиир сылларыгар хас да сыл биһиэхэ олорбута. Мин оччолорго оскуолаҕа үөрэммэт этим. Биирдэ Дмитрий Петрович ханнык эрэ улахан күрэхтэһииттэн кэлбитэ. Миэхэ кеда диэн ааттанар атах таҥаһын аҕалбыт этэ. Кэлин билбитим, Японияҕа Токио куоракка 1964 сыллаахха буолбут Олимпиадаҕа турист быһыытынан баран кэлбит эбит.

Миигин сороҕор киэһээҥҥи эрчиллиигэ илдьэ барар этэ. Ол баран иһэн күүстээх дьон, күүстээх уонна түргэнник сүүрэр кыыллар тустарынан кэпсиирэ. Ол миэхэ, оҕо киһиэхэ, олус кэрэхсэбиллээх этэ. Төрдүс кылааска тахсан баран Петровичка дьарыктанан саҕалаабытым. Дьарыктанар оҕолору, кыра эрдэхпиттэн спорт саалатыгар сылдьан эрчиллиилэри көрөр буоламмын, барыларын кэриэтэ билэттиирим. Тустууктар эмиэ миэхэ үөлээннээхтэригэр курдук сыһыаннаһаллара. Күһүн ахсын оройуоннартан саҥа уолаттар эрчиллэ кэлэллэрэ. Күүстээх эрчиллиилэри бары тулуйбаттар этэ, сорохтор барыталыыллара, ол гынан баран оннук барбыттар ахсааннара олох аҕыйах этэ.

Сэттис кылааска үөрэнэ сылдьан онус кылаас үөрэнээччитэ Игорь Кудрявцев туһунан соччото суох кэпсэтиилэри истэрим. Кини 100 киилэ ыйааһыҥҥа тустара. Хомойуох иһин, үөрэниэн баҕарбат этэ, уруоктарга утуйан хаалан кэлбэтэ, ыһыктынан кэбиспит этэ. Учууталлар интернат-оскуолаттан устарга быһаарбыттара. Ону Дмитрий Петрович мэктиэлээн, хочуолунайга хачыгаарынан үлэҕэ киллэрбитэ. Кэлин иккиэн хочуолунай диэки баран эрэллэрин хаста да көрбүппүт. Улахан, күүстээх уол тренер эрэлин түһэн биэрбэтэҕэ, үөрэммитэ, үлэлээбитэ, барыбытын кытта тэҥҥэ эрчиллибитэ. Ити курдук Дмитрий Петрович үчүгэй уолу сыыһа туттунууттан быыһаабыта, олоххо суолун булунарыгар көмөлөспүтэ. Кэлин Игорь Кудрявцев ССРС спордун маастара, СӨ физическэй култууратын үтүөлээх үлэһитэ, өрөспүүбүлүкэ 15 төгүллээх чемпиона буолбута.

Дмитрий Петрович үлэтэ, биһиэхэ кыһамньыта спорт саалатынан эрэ муҥурдаммат этэ. Элбэхтик уруоктарга сылдьара. Тренериҥ аттыгар олордоҕуна, «иккини» ылар кыбыстыыта бэрт буоллаҕа. Ол иһин уолаттар үөрэхтэригэр кыһаллалара.

Оскуоланы бүтэрэн баран икки сыл төрөөбүт түөлбэбэр үлэлээбитим. Бу сыллар тухары Петрович миигин улахан күрэхтэһиилэргэ кытыннарбатаҕа. Сэбиэскэй Сойуус, Европа уонна аан дойду күрэхтэһиилэригэр видеоҕа устааччынан илдьэ сылдьар этэ. Улахан күрэхтэһиилэргэ сылдьан инники киирсиэхтээх ааттаах тустууктарбын илэ көрөн, буочардарын билбитим уонна үөрэппитим. Билигин санаатахпына, Дмитрий Петрович мин эт-хаан өттүнэн уратыбын билэр буолан, ситэрбин кэтэһэн, ол эрэ кэннэ улахан көбүөргэ таһаараары тоҕоостоох кэми күүппүт эбит. Ол иһин улахан күрэхтэһиилэргэ илдьэ сылдьан турнирдар хайдах ыытыллалларын, ааттаах-суоллаах бөҕөстөр хайдах тусталларын көрдөрөрө. Бэйэм да тустуулары устар кэммэр элбэҕи бэлиэтии көрбүтүм кэлин улаханнык туһалаабыта. Бу иһин тренербэр улаханнык махтанабын.

1977 сыллаахха Дмитрий Петровиһы Дьокуускайга ыҥырбыттара. Миигин бэйэтин кытта илдьэ барбыта. Онтон ыла күрэхтэһиилэргэ кыттар буолбутум. Көбүөргэ кытаанах, ыарахан хапсыһыылар буолаллара, сороҕор кутталлаах түгэннэр үөскүүллэрэ. Маныаха Дмитрий Петрович тугу да сыыска түһэрбэккэ көрөрө. Сонно кэнниттэн барытын ханна, туох сыыһалары оҥорбуппун быһаарара, тугу ситэри кыайбатахпын, итини барытын көннөрөргө тугу гыныахтаахпын ырытара. Онон тустуук быһыытынан буһан-хатан тахсарбар Дмитрий Петрович бигэ олугу охсубута.

1979 сыллаахха аармыйаҕа бэбиэскэ кэлбитэ. Петрович миигин Чита спорт ротатыгар ыыппат туһуттан, барыларыттан кистээн Дги Имранович Багаев диэн старшай тренери кытта Грознай спорт ротатыгар ылларарга кэпсэппит этэ. Ол саҕана Чита ротата уруккутун курдук тахсыылаахтык үлэлээбэт этэ. Онон мин Грознайга биллиилээх чечен тустууктарын кытта эрчиллибитим. Ити оскуола таах хаалбатаҕа.

Улахан күрэхтэһиилэргэ Сахам сирин аатыттан кыттарым. Спорт маастарын аатын 1976 сыллаахха иҥэрбиттэрэ. 24 сааспар Аан дойду кылаастаах спорт маастара буолбутум. Мин сэмэй ситиһиилэрим – бу Дмитрий Петрович Коркин өҥөтө. Итинник сыанабылы легенда буолбут тренербитигэр Чурапчытааҕы спорт интернат-оскуолатыгар дьарыктаммыт оҕо барыта этиэн сөп. Кини биһиэхэ аҕабыт кэриэтэ этэ. Сүбэтэ-амата, итиннэ-манна илдьэ сылдьыыта, үөрэтиитэ-такайыыта Грознайга эрчиллиилэрбэр олус көмөлөспүтэ. ССРС сүүмэрдэммит хамаандатын састаабыгар киллэрбиттэригэр бастакы сборга Белоруссияҕа «Стайки» олимпиада базатыгар миигин утары дойду күүстээх бөҕөстөрүн барыларын таһаарбыттарыгар улаханнык соһуйбутум. Манна Петрович такайбыт техниката, эппин-сииммин эрчийиитэ быыһаабыттара, миигин туора көрбөккө коллективка ылбыттара, мин сирэйбинэн Коркин оскуолатын ылыммыттара, хамаандаҕа уруккуттан баар уолаттар тылбын-өспүн истэр буолбуттара.

Дмитрий Петрович биһиги туохха үөрэммиппитин барытын туһанан, толору арыллан, хас биирдии хапсыһыыга эппиэтинэстээхтик сыһыаннаһарбытын ирдиирэ. Мин ити кини ирдэбилин толорон кэллим дии саныыбын. Кини мин ситэн-хотон чемпиоҥҥа тиийэ үүнэн тахсыбыппын көрбөтөҕүттэн хомойобун. Бары мэтээллэрбин күндү тренерим Дмитрий Петрович Коркин сырдык кэриэһигэр аныыбын.

Петров Николай Николаевич

Время Коркина : к 80-летию заслуженного тренера СССР Дмитрия Петровича Коркина / Н. Н. Петров. – Якутск : Сайдам, 2008. – 169, [6] с.

Олимп чыпчаалыгар сирдьит | Журнал «Чолбон»

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *