Солун быыстапка турда!
Биир дойдулаахпыт Василий Васильевич Яковлев поэт, прозаик, тылбаасчыт, ССРС суруйааччыларын чилиэнэ 90 сылын бэлиэтээн улуустааҕы Киин бибилэтиэкэҕэ «Сырдык аатыгар сүгүрүйэн» диэн кини олоҕун, айар үлэтин сырдатар хаһыат, сурунаал ыстатыйатыларыттан, кинигэлэртэн — киэҥ ис хоһоонноох кинигэ быыстапката турда. «Суруйааччы айымньылара” диэн туспа салаа баар. Онно «Уот иитиитэ», «Өрүстэр кирбиилэрэ» диэн биллэр романнарын, ааҕааччылар «Чолбон» сурунаалга санааларын үллэстибиттэрэ. Эн интэриэскин тардыа. 1988 сыллаахха киинэ сынаарыйын ааптара Семён Ермолаев — Сиэн Өкөр айымньы ааптарын Василий Яковлевы Ытык Күөлгэ көрсүбүт уонна «эн айымньыгынан сынаарыйынан киинэ устуохха баар этэ» диэбитин суруйааччы сүрдээҕин сэҥээрбит, үөрбүт эбит. Сиэн Өкөр ити санаатын булгуруппакка киинэ буолан тахсыбыта хайҕаллаах. Быыстапканы суруйааччы Василий Яковлев дьиэтээҕи фотоархивыттан ылыллыбыт сыаналаах, сэдэх хаартыскалар ситэрэн-хоторон кэпсиэхтэрэ. Уонна Василий Васильевич Яковлев төрөөбүтэ 75 сылыгар орто уола Николай Васильевич уонна кийиитэ Евдокия Филипповна хомуйан оҥорбут «Яковлев Василий Васильевич суруйааччы, поэт, тылбаасчыт» диэн 2009 сыллаахха ахтыы кинигэтэ хомуллан тахсыбыта. Бу кинигэҕэ бииргэ үөрэммит, үлэлээбит доҕотторун, аймахтарын биир дойдулаахтарын ахтыылара уонна сэдэх хаартыскалар киирбиттэр. Биир дойдулаахпыт Василий Васильевич Яковлев саха норуотун биир таптыыр суруйааччыта, бөдөҥ прозаига дьонугар — сэргэтигэр хаалларбыт айымньылара хаьан да умнуллуохтара суо5а, история буолан хаалыаҕа.