Муниципальное казенное учреждение культуры

Бахсытская библиотека

678683, РС(Якутия), Чурапчинский улус, с. Толон, ул. Т.Егорова, 2/1

Степан Дадаскинов

«Кэпсээннэ ааҕан аас» рубрикабытын саҕалыыбыт

Поэт, прозаик, драматург, ССРС уонна Саха Өрөспүүбүлүкэтин суруйааччыларын сойуустарын чилиэнэ, РСФСР уонна Саха АССР култуураларын үтүөлээх үлэһитэ *Степан Егорович Дадаскинов* (1933) төрөөбүт күнэ.

(Саллаат Кулунов бэйэтин кытта кэпсэтиитэ)

Сталинград оборонатын кыттыылааҕа Степанов Александр Семенович кэпсииринэн, «саха саллааттара онно кимэн киирии иннинэ оһуохайдаабыттара…»

(Булуу куоратын музейыгар баар суруктан)

  1. Атаака иннинээҕи оһуохай

Оһуохай!.. Үчүгэй да ырыа… Үчүгэй да үҥкүү!.. Саха киһитин сүрэҕин үөрдэр, сылаанньытар-манньытар да буоллаҕа. Чэ, быһата, сүргэҥ көтөҕүллэр, чэпчиигин, чэрэйэҕин-эгдэйэҕин. Тилэхтэриҥ тибиргэччи үктэнэллэрин истэҕин. Бэйэҥ биэрэлдьитэ дайбанаҕын, өрө тэмтэйэҕин, ыллыыгын!..

Мин билигин оһуохайга киирсэн, балачча өр хаамыстым. Сылайдым. Саас обургу бэйэтин биллэрэн истэҕэ… Онуоха эбии араанньалаах атаҕым…

Хатыҥ күлүгэр сөрүүкүү тахсыбытым үчүгэй баҕайы. Хатыҥ сэбирдэхтэрин тыастара киһи

сүргэтин көтөҕүөх курдуктар. Тэлимнииллэр, сирилииллэр-силлиэрэллэр!.. Ээ, барахсаттары!!!

Оһуохай тойуга мантан бэркэ иһиллэр. Мин диэки тыал охсор. Сөрүүн! Сөп-сөрүүн!!! Үҥкүүлүүр дьоҥҥо бу олус бэрт.

Бэйи-и, эрэ! Биир доҕорум кэпсээбитэ ээ. Аармыйаҕа баран иһэн оһуохайдаабыттарын туһунан!.. Манныгы.

Бүлүү оройуоннарын уолаттара сэриигэ баралларыгар төрөөбүт өрүстэринэн устан испиттэр. Борохуоттара оттук маһы ылаары өрүс төрдүгэр тохтообут. Уолаттар маһы таһа охсубуттар уонна бары мустан оһуохайдаабыттар. Барахсаттар төрөөбүт өрүстэрин кытта быраһаайдаспыт быһыылара – ол… Онтон Уус-Кукка диэри устубуттар. Саха сириттэн барааччылар бары. Дьэ уонна өрүс кырдалыгар тахсан эмиэ оһуохайдаабыттар. Өлүөнэ эбэлэриттэн арахсалларыгар… Оһуохай диэн оннук! Үөрүүгүн эрэ үөтүөҥ дуо? Суох. Муҥатыйыыгын, санааҥ-онооҥ оонньооһунун эмиэ этэҕин… Сүргэҕин көтөҕөөрү, санааҕын кытаатыннараары гыннаххына эмиэ оһуохайдыыгын! Чахчы! Ону тус бэйэм билбитим… Сталинградка… Атаакаҕа киириэхпит аҕай иннинэ!..

Санаабытын көтөҕөөрү… Туох диэтим?.. Чэ, итинник! Ити эрэн бу эрэйдээхтэр оһуохайдаан, ол арал- лааҥҥа бэйэ-бэйэбитин кытта бырастыыласпыт буолуохпутун эмиэ сөп…

Сахалар хас этибитий? Биэспит этэ дуу? Уоннааҕыларбыт – Ийэ дойдубут араас омуктарын уолаттара этилэрэ.

Биир наадалаах үрдэли хайаан да ылар атаакаҕа киириэхтээх кэммит чугаһаабыта. Снарядтар адьас аттыбытыгар түһэн эстэллэрэ. Фашистар уот буулдьанан тибэллэрэ. Сир кырса бүтүн ордубатаҕа. Хара буорунан көрбүтэ. Сир муҥнаах бэйэтэ ынчыктыыра…

Арай, сөҕөрүм баар – биир хатыҥчаан томтор аннынааҕы хотоолго ордон тураахтыыр. Кини аттынааҕы сыыр сирэйигэр траншеяҕа сытабыт. Харахпытын симпэтэхпит хас да хонно. Атаака… Үрдэли ылыы… Үрдэлтэн чугуйан биэрии… Эмиэ киирии! Өстөөҕү Волга өрүскэ чугаһаппат мөккүөрэ…

Комбат илин эҥээрбитин көрө барда. Барахсаным нуучча ньургуна этэ ээ. Эйэҕэһэ. Хорсуна.

– Доҕоттоор, – диэтэ Бүлүү киһитэ Өлөксөөндүр Ыстапаанап. Аҕатын аатын умнубуппун. Сэмэнэбис этэ дуу? Сэргиэйэбис дуу? Кини эрэ аатын өйдөөн хаалбыппын. Тоҕотун билигин этиэм. Атын доҕотторбут Таатта, биирдэрэ Өлүөхүмэ уолаттара этилэр. Биир саллаат бадаҕа Дьокуускай Намын киһитэ этэ. Сэриигэ киирбиппит ыксала, көрсүспүппүт соһуччута, сүтэрсибиппит түргэнэ бэрдэ.

Ол Бүлүү Ыстапаанаба этэр: «Оһуохайдыаҕыҥ! Ити хатыҥчаан аттыгар! Тиһэх оһуохайбыт буоллаҕына да – көҥүл!» Хайабыт эрэ ыйытар: «Ханна? Буулдьа анныгар дуо?» Ыстапаанап хоруйдуур: «Кэннибитигэр хотоолго… Көрүҥ, хатыҥчаан турар дии? Онно!» Киммит эрэ этэр: «Комбат сотору төннүө. Көҥүллэтиэхпит».

Бэһиэн сэргэхсийдибит. Комбат тиийэн кэллэ. «Табаарыс комбат! Көҥүллээ – этэрдээхпит!» Киһибит тохтуу биэрдэ: «Эт!» Мин үөһэ тыынным: «Манна биэс саха баарбыт. Бэйэбит „Оһуохай“ диэн үҥкүүлээхпит. Нуучча хороводугар маарынныыр. Көҥүллээ, ити хотоолго киирэн үҥкүүлүөхпүтүн». Комбат этэр: «Нуучча хороводун курдук буоллаҕына, ыллыы-ыллыы үҥкүүлээн эрдэххит? Ырыа наада. Сибилигин уон мүнүүтэни көҥүллүүбүн!»

Биһиги хотоолго сырсан түстүбүт. «Тиэтэйиэҕиҥ! Өстөөх тааҥкалара киирэн иһэллэр!» Өлөксөөндүр Ыстапаанап сүүрэн кэллэ. «Ким саҕалыырый?» «Бүлүү дьоно оһуохайдьыттар. Ыстапаанап эттин!» «Этэбин!» «Хатыҥмыт бу баар! Чараҥнаах алааска ыһыах түһүлгэтигэр баар курдук сананыаҕыҥ!» Ыстапаанап оһуохай ырыатын таһааран барда. Окуопалартан саллааттар быгыаластылар. Кирийэн сытаахтыыллар…

Бүлүү уола туох диэн оһуохай тылын эппитин умнубуппун. Умна иликпин ол түөрт доҕорбун. Уһуурар уот ортотугар оһуохайдаабыппытын! Уонна ол хатыҥчааны… Хайдах ордон тураахтаабытын сөҕөбүн.

Хардары атаакаҕа киирбиппит. Үрдэли ылбыппыт. Ол үрдэлгэ били оһуохай ырыатын ылласпыт доҕотторбуттан үстэрэ тиийбэтэхтэрэ… Тиһэх ырыалара эбит, аны санаатахха…

Мин билигин ол ытык Сталинград буоругар турар хатыҥчааны кытта кэпсэтэбин. Илэ буолаахтыа дуо – түүлбэр. Биирдэ түһээбитим – хатыҥчааным турар. Урукку хотооло күөҕүнэн көрөн сытар. Ол ортотугар оччотооҕу быыкаа хатыҥчааным ситэн, лаглайан аххан турар эбит! Мин киниттэн ыйытабын: «Хатыҥчаан, дорообо-дыраастый! Тыый, баар эбиккин?! Тыыннаах, бүтүн ордубуккун! Билэҕин дуо, биһиэхэ – саха саллааттарыгар төрөөбүт алааспытын санаппыккын? Эн аттыгар атаакаҕа киириэх иннинэ оһуохайдаабыппытын?..» Хатыҥым суугунаата, сахалыы саҥарда. «Өйдүүбүн! Эһиги тыыннаах ордоҥҥут мин тыыннаахпын. Эһиги  оһуохайдыыргыт саҕана биэс этигит. Билэбин…

Билэбин – эн үс доҕотторуҥ мантан, миигиттэн чугас утуйа сыталларын… Көтөн иһэр чыычаахтары лабаабар олордоммун ыллатабын. Ол, кинилэр иһиттиннэр диэммин… Оһуохайдаабыккыт. Ону, кэлин санаатахха-биллэххэ өлүү үрдүгэр үҥкүүлээбит эбиккит!!!»

Дьэ, итинник. Дьикти түүлү киһи эмиэ түһүүр. Санаам буоллаҕа, күнүскү санаам. Кырдьык, өлөр өлүүнү уун-утары көрсө, атаакаҕа киирээри туран, ыллаабыт ырыабыт этэ, ол – сахабыт оһуохайа! Хатыҥчаан этэринии өлүү үрдүгэр үҥкүүлээбит эбиппит. Биһиги кыайбыппыт!!!

Уһуннук олордум дуу? Чэ, туруохха…

2. Атым кистиир…

Дьикти баҕайы! «Айахха киирбиччэ чап гыннардым!» дии санаабытым мааҕын. Онтукам сөп эбит дуу, тугуй? Ыалым Ылдьаа мас хайыта туран ыйытан соһутта. «Дьуонаа, дьэ күн сириттэн күрэнэргэр тугу көрүөххүн эбэтэр истиэххин баҕарыаҥ этэй?» Булан-булан ыйыппытын! Ону мин: «Өскө атым барахсан тыыннааҕа буоллар, кини кистээн дьырылатарын истиэхпин баҕарыам этэ!» – диэн кэбистим. Киһим күлэн күһүгүрэттэҕэ: «Ханнык аккыный? Тыраахтарыҥ тыаһын дуо?»

Кини эмиэ да сөпкө этэр. Сэрииттэн кэллэҕим иккис сылыттан биэнсийэҕэ тахсыахпар диэри тырахтарыыһынан үлэлээбиппин билэр. Кэллэҕим бастакы сылыгар сылгыһытынан үлэлииргэ тыл- ламмытым. Анаабыттара. Онтон уурайарга күһэллибитим… Ол барыта Бороҥчооммун саныырбыттан этэ. Барахсаным баара «Бо-роҥ-чоо-нуом!» диэн ыҥырбыппын истэн, үөрэн, бу баарбын диирдии кистээн дьырылаппыта. Инньэ гынан, саҥа таһааран, бэйэтин биллэрэн, фашист буулдьатыттан охтубута…

Өҥө бороҥо. Ол иһин Бороҥчоон диэн сахалыы ааттаабытым. Эрэйдээхпэр этэр этим ээ. «Эн бороҥ өҥнөөх буолаҥҥын, хата, этэҥҥэ сылдьаахтыыгын. Маҥаныҥ буоллар, өстөөхтөр көрө охсуохтара, салгынтан биирдэ суйулаан түһэн ытыалыахтар этэ!» – диэн. Өссө эбэн: «Мин эмиэ бороҥ өҥнөөх синиэллээхпин. Иккиэн биирбит. Онон тулуһан, өстөөх арҕаҕар чугаһаан эрэбит!» – диирим, Бороҥчооммун сиэлиттэн имэрийэрим.

Биирдэ чааспыт тохтообут сириттэн инники кирбиигэ сытар саллааттарга килиэптэ, хааһыта

илт диэн соруйдулар, барар сирим ытыс иһин курдук киллэмин сэрэттилэр. Бидоннарбар хааһы кутаттаатым. Тэлиэгэ үрдүгэр баайталаатым, бэс лабаатынан саптым. Бэйэбин уонна аппын сабар лабааны, сэбирдэҕи эмиэ туспа уурдум.

Бардыбыт. Барыахтаах сирбитин ортолоон эрдэхпитинэ, өстөөх самолеттара иһэллэрэ көһүннэ. Бомбардировщиктар уонна кинилэри арыаллыыр истребителлэр. «Саһыахха!» Тулабын көрөбүн. Дьолго, кыракый бөлкөй талах баар эбит. Син чугас. Аппын онно салайа баттаа. «Кытаат, Бороҥчоон, иэдээн!» – диибин, улаханнык, атым истэрин курдук. Атым бөлкөй ортотугар түөһүнэн силэйэн киирдэ, тохтоото. «Хамсаама!» диэтим, аны сибигинэйэн. Тэлиэгэбэр бэлэмнээбит лабаабын атым үрдүгэр тамнаатым, бэйэм аҕыйах лабааны саба тардынным.

Көтөн кэлбит самолеттар биһиги дьоммутун буомбалаан бардылар. Биир истребитель сатана миигин көрбүт эбит – үрдүбэр халаатаан эрэрэ да, буулдьа тыаһа чыыбырҕас үлүгэр буолла. Атым дьигиҥниир, этин таттарар. Аттыбар хааһылаах донум ыйылыы түстэ. Буулдьа дьөллө быһыылаах – хааһы тохтор тыаһа иһилиннэ, сотору уурайда, хойуута кэлэн бүөлээтэҕэ. Сиэхсит самолет эмиэ элиэтээн кэллэ этэ дуу? Тулам тап-табыгырас, чып- чыыбырҕас тыастаммыта. «Атым куттанан эбэтэр табылыннаҕына, киллэм сиргэ киирэн биэриэ» диэн куттанабын.

Атым эрэйдээх хамсаабатаҕа. Кулгааҕын ньылатан тураахтаабыта. Сиэмэх самолеттар барбыттара.

Дьоммун тиийэн аһаттым. Бааһырбыттары ылан төнүннүм. Дьэ ити түгэн атым биһикки билсиэхпититтэн аан бастакы сүрэхтэниибит этэ.

Польшаны босхолоон ааспыппыт. Германия территориятыгар киирбиппит. Мин, иллэҥ буолларбын эрэ, аппын кытта кэпсэтэн, кинини көрөн-аһатан, сууйан-сотон тахсарым. Аппынаан сахалыы кэпсэтэрбин саллааттар истэн күлсэллэрэ, хаадьылыыллара. «Аккын Сахаҥ сириттэн аҕалбытыҥ дуо?» – дииллэрэ. Итинник ыйыталларыгар төрүөт баара. Атым миигин эрэ доҕор оҥостубута. Тугу этэрбин өйдүүрэ, толороро. «Сыт» диэтэхпинэ, сытара, «тур» диэтэхпинэ турара. «Бороҥчоон!» диэн ыҥырдахпына, ыраахтан истэн кистээн дьырылатара, сүүрэн кэлээхтиирэ. Оо, оннук кистиирин бобуох-тохтотуох баар эбит, аны санаатахпына… Аппын өлөрбүттэригэр муҥатыйдым, бэйэбин сэмэлэнним да этэ! Таах кистэтэ үөрэтэн кэбиһэммин диэн. Саҥабын иһиттэҕинэ… Ити эрэн, онно, туһугар, сахалыы саҥабын истээччи-өйдөөччү атым эрэ этэ.

Ыҥырдахпына кистээтэҕинэ, үөрэрбин эриэхсит! Сүрэҕим, ийэтин көрбүт кулунчук курдук, ибигирии-битийэ түһэрэ. Сахам алаастарыгар биирдэ соһуччу баар буоларым… Биэлэр утуктуу- нухарыйа тураллара, кулунчуктар кутуруктарын чороҥното-чороҥното ийэлэрин эмэллэрэ бу көстөн кэлэрэ. Арай, аарыма атыырдар өр биир сири одуулуурдуу өрө дьохсоһон тураллара. Алаас салгына эмиэ сылгы сыттаахха дылыта… Ити барыта иэдээннээх ыраах сиргэ харахпар арылларга, бэл, муннубар-уоспар биллэргэ дылытын өйдөөн кэбис!.. «Сэрии бүттэҕинэ, бу бороҥчооммун миэхэ биэриэхтэрэ дуо? Илдьэ барыах этим!» дии санаахтыырым. Атым барахсаны таптыырым бэрдиттэн! Дойдубар эргилиннэхпинэ, хайаан да сылгыһыт оҥороллоругар көрдөһүөхтээҕим. Онтон атын үлэҕэ буолуммат баҕалааҕым. Оҥгум баара… Ол туһунан этэн-санаан аастым этэ ээ. Субу санааларым сабын тардарбар, бастаан эргин…

«Оо, Бороҥчоонум! Өссө хайдах этэй?..» Ээ, суох буолбут эрэйдээхпин кытта кэпсэтээри гынабын дуу?.. Ыҥырдахпына хоруйдаабат-хардарбат буолбутуҥ быданнаата. Бастаан утаа уонна дойдубар эргиллэн кэллэҕим ухханыгар уонча сыл устатыгар хаста да, эйигин – атым барахсаны түүлбэр көрөрүм… Түһээн ыҥырарым… Кэлин түүлбэр көрбөппүн. Киэһэ санаан утуйа сатыыбын да, түүлбэр киирбэт. Күн-дьыл ааһан иһиитин, хаарын-самыырын баттааһынын дьайыыта буоллаҕа… Хайыаҥ баарай? Баҕар, сэрииттэн кэлээтин биир сыл сылгыһытынан үлэлээн баран уурайбыппын билбитиҥ, онтон хомойбутуҥ муҥа дуу? Түүлбэр көстүбэккин… Киһи да дьикти буолар эбит! Тырахтарыыһынан үлэлээн барбытым. Аны тимиргэ, тыраахтарга дууһабын туттарбытым. Тыраахтарым мотуорун кытта кэпсэтэр буолан хаалбытым.

Чэ, ол туһа туспа. Бороҥчоонум хотоку, эн тускунан саныыр киэһэм, бу. Салгыы кэпсэтиэх… Һэ, кэпсэтиэх диибин ээ. Кэпсиим. Бэйэбэр-бэйэм. Ол аата – үлүгүнэйиим… Бээрэ, маннык баара.

Аппын уулатаары үрэххэ киирдим. Миинэн. Борук-сорук этэ. Киэһэ. Кытыы талахтарга чугаһаан эрдэхпинэ, атым турунан кэбистэ. Мин тиэтэтэн көр. Буолбат. Кулгаахтарын ньылаҥнатар. Миэхэ имнэнэр курдук… Оттон төбөтүн нүксүччү тутунна уонна атахтарын сыыйа тардан ылаттаан, кэлбит сирин диэки эргилиннэ, бытааннык. Оттон улам түргэтээн сиэлэн кулукунайда.

Хамандыырбар этэбин: «Табаарыс хамандыыр! Үрэх кытыытыгар туох эрэ баар. Атым сибикилээн төнүннэ!» Хамандыырым: «Баран көрдөр», – диэтэ. Хас да автоматтаах дьону биэрдэ. Үрэх кытыытын кыйан истэхпитинэ, дьоннор барыгылдьыстылар. Ытыалаатыбыт. Кинилэр эмиэ. Куотар мөккүөрдээхтэр. Сорохторун бааһырдан, атыттарын бэриннэрэн илдьэ кэллибит. Өстөөх разведчиктара эбиттэр. «Тыл» ылаары хараҥа түһэрин күүтэ сыппыттар.

Ээ, атым эрэйдээх өссө маннык өрүһүйбүттээҕэ! Кэнсиэрбэттэн сыыстаран охтон хаалбыппын. Арай, өйдөммүтүм – атым сыллыыр курдук, уоһунан ньуххайдыы турар эбит. Өрө чарбачыһан тэлиэгэбэр таҕыстым. Дьоммор аҕалан биэрээхтээбит…

Саллааттар сөҕүү-махтайыы бөҕө. Аны бэйэм дьиксинэн бардым. Наһаа хайгыылларыттан. Тыл сэттээх дииллэрин оччолортон билэбин… Атым туһунан аны дьоҥҥо эппэт, дьонтон кистиир идэлэнним. Син биир ол үрдүнэн саллааттар билбэт буолуохтара дуо? Сибикилээбит эбэтэр көрбүт буолан иһэллэр. Хамандыырым биирдэ, күлэ-күлэ: «Саха сиригэр поезд тиийэр дуо?» – диэтэ. «Суох!» – диэ, мин. Киһим элэктиир: «Берлинтэн быһа аккын поезка олордон, Сахаҥ сиригэр илдьээр диэри гыммытым!» Оо, онно саныыр санаабын таба этитэн үөрбүппүн эриэхсит!

Берлиҥҥэ чугаһаатыбыт. Мин хамандыырым тылын умнубаппын. Биирдэ ыйыттым. «Табаарыс хамандыыр! Аккын Берлинтэн быһа Сахаҥ сиригэр илдьээр диэбитиҥ. Кырдьык эппитиҥ дуо?» Киһим мичээрдиир: «Кырдьык!» Кини хаадьылыырын билэбин. Ол эрээри син биир сотору-сотору эмиэ итинник ыйытыахпын баҕарабын.

Дьэ Бороҥчоонум муҥнаах, эйигин кытта ханна, хаһан быраһаайдастым этэй? Эмиэ… Ыйытабын дуу?..

Комбат сорудаҕа быһаччыта: «Аккын тэлиэгэтиттэн босхолоо, сыбыдахтаа! Ыҥыырдаа уонна тиэтэллээх суругу взвод хамандыырыгар илдьэн биэр!»

Бардым, сиэллэрэн истим. Дьэ доҕоор, ынырык араллаан буолла. Снаряд, буулдьа, снаряд… Эстии… Буор-сыыс өрө үллүүтэ… Төбөм ньиргийэ түстэ, ханна эрэ дириҥҥэ тимирдэр-тимирдим. Тыыным хаайтаран эрэрэ… Тыынабын дуо? Суох! Салгын ханнаный? Өрө чарбачыстым. Өйдөннөҕүм – күнүм кытар гынна!.. Өссө биирдэ кытар гынаат адьас үрдүбэр бүлтэс гынна… Кулгааҕым чугууну охсубут курдук чуп-чуҥкунас. Буорунан көмүллэн сытар эбиппин. Кулгаахпын хастабын. Дьикти! Атым кистиир дуу? Ыҥыран көрдүм. Саҥабын кулгааҕым истибэт. «Атым, Бороҥчоонум ханнаҕыный?» Уоһум хамсыырга дылы. Дорҕоонун истибэппин. Күнүм арыый сырдаан-ырааһыран, төгүрүк иилэнэн барда. Сытабын… Илиим хамсыыр. Атахтарым бааллар, тэбэн көрдүм – сир кырса дуу, буор, таас дуу, кытаанах биллэр.

Атым кистээтэ! Кини! Чахчы!!! Ханнаный? Миигин көрбөт дуо? Миигин ыҥырара дуу, ээ?! Өйөнөн олордум: «Бо-роҥ-чоо!» Бэйэм саҥабын, дьэ, биллим, иһиттим. Ити аата дөйбүппүн! Дөйбүппүн эрэ дуо? Хаан суохха дылы… Үөгүлүүбүн: «Бороҥчоо!»

Атым эмиэ кистээтэ. Ол хоту үнүөхтээтим, тура сатаатым. Хотуолуох курдукпун. Өҕүйэбин. Туох да кэлбэт, кураанах. Иэдэһим илийдэр илийэн барда. Илиибинэн харбаан көр. Хаан! Хараҕым иирдэ. Күнүм эмиэ кытаран барда… Атым кистээтэ! Дьэ, көрдүм – атым миэхэ сүүрэн иһэр. Мин эмиэ үөгүлээ: «Бороо-ҥ!» Атым умса хоруйда…

Сынан тиийдим. Өлбүт… Буулдьа дьөлбүт! Ити аата немец снайпера ыппыт! Бастаан снаряд салгыны охсубут долгуна миигин ыҥыырбыттан туора бырахпыт буолуон сөп эбит. Атын снаряд буорунан көмөр. Өйдөнөбүн. Өр сордонон. Атым миигин сүтэрэн кистээ да, кистээ буолара эбитэ ини. Дөрүн- дөрүн ону истэн ылаттыыр эбиппин. Бэйэм аппын ыҥырар курдук этим да, испиттэн саҥам дорҕооно тахсыбыта биллибэт. Кэлин иһиллэрдик саҥардаҕым. Ону истэн атым эмиэ кистиир, бэйэбин көрөр уонна киллэм хонуунан сиэлэн истэҕинэ, өстөөх ытар…

Кини тиһэх кистээһинэ, иҥэрсийиитэ мэйиим сарыытыгар иҥэн хаалбыт эбит! Дьэ ол иһин сэрии кэнниттэн алааһым сылгыларын кистииллэригэр куруук Бороҥчоонум муҥнаах иҥэрсийиитин истэбин… Ол иһин, иирэн барыыһыкпын диэн, уурайдаҕым… Тырахтарыыстар куурустарыгар көрдөспүтүм…

3. Мин гимнастеркабын кэтэн…

Көрсүһүүлэргэ көстүүм кэппэккэ, тоҕо эргэ байыаннай гимнастеркалаах кэлэрбин дьон билбэт. Сорохтор сүөргүлүү көрөллөр… Оттон сиэн кыысчааным саҥа үһүгэр барда. Саҥардыы тылланна. Гимнастеркам алтан тимэхтэрин быыкаа тарбахтарынан бөкүнүҥнэтэр. «Э-һэ, бу эй-иэ ду?» – диир. Чыычааҕым: «Эһээ, бу эйиэнэ дуу?» – диир ити. Кини тимэҕим эрэ туһунан ыйытар… Оттон, дьиҥэр, тимэхтэр эрэ буолбакка, гимнастеркам бүтүннүүтэ атын киһи гиэнэ буоларын билбэт. Хантан билээхтиэй? Улааттаҕына кэпсиэм. Хайаан да. Билигин өйдүө суоҕа. Өйдүөн, төбөтүгэр тутуон арыый эрдэ…

Чыычааҕым чуопчааран, фроннааҕы доҕорбун Костя Силины санатта. Доҕорбун санаатарбын эрэ, кини туһунан тугу билэрбин бука барытын түөһэн, ымпыгын-чымпыгын өйдүү сатааччыбын. Өлөртөн өрүһүйбүт киһим этэ. Итиэннэ сүрэҕин сырдыгын оҕото турдаҕа дии! Барахсаным мин гимнастеркабын кэтэн ыраах Прага аттыгар сытаахтыыр… Кини гимнастерката – миэхэ. Хайдах ону харыстаабат, кэриэстээн уура сылдьыбат буолуохпунуй, ээ?!.

Мин Берлини ылар кыргыһыыга кэппит гимнастеркабын кэнэҕэс сиэн оҕобор көрдөрүөхпүн баҕарарын эппитэ… Билигин, сиэнчээним арыый улааттаҕына, ол бэйэм гимнастеркабын буолбакка, кини – ол Силин Костям гимнастеркатын көрдөрөргө тиийдим. Ол көрдөрө-көрдөрө кэпсиирбэр тугу диэхпиний, тугу этиэхпиний? Бу туһунан билигин бэйэм өссө биирдэ өйдөөн-санаан көрүүм эрэ…

Костя Силинниин Польша кыраныыссатын туорааһыҥҥа билсибитим. Доҕордуу буолбуппут. Мин Сахам сириттэн, төрөөбүт алааспыттан илдьэ кэлбит буорбун көрдөрбүтүм. Киһим сүрдээҕин үөрбүтэ, кууспалаан ылбыта уонна эппитэ: «Миэхэ эмиэ баар!» – диэбитэ. Ийэтин былаатыгар суулаан сылдьар төрөөбүт Рязанын буорун көрдөрбүтэ. Иккиэн күлсүбүппүт: «Төрөөбүт буордарын түөстэригэр илдьэ сылдьар дьону туох да буулдьата табыа суоҕа!» – дэспиппит.

Костям ыллыыра. Сүрдээх үчүгэй ырыаһыт этэ. Нуучча норуотун ырыаларын таптыыра. «Рябинушканы» тардан кэбиһэрэ. Ыллыы олорон хараҕа ууланара. Арыт киһи этэ тымныйа түһүөн курдук этэн-саҥаран кэбиһэрэ. «Рябина… О, Ока эбэм кытылыгар кыһыл рябина аттыгар уһун уубун утуйбат киһи буоллум дуу?» – диэхтээбитэ, Берлини штурмалыыр түүммүтүгэр. Мин саба саҥарбытым. «Эн ийэҥ былаатын уонна нуучча ытык сирин ытык буорун илдьэ сылдьаҕын!..»

Атаака саҕаламмыта. Туох-туох үлүгэрэ, аймалҕана тахсыбытын билигин ынырык түүл курдук өйдүүбүн. Нацистары кытта тирэһэн туран ытыһарбыт, ыстыыгынан түсүһэрбит. Илии- илиибитинэн хабарҕа-хабарҕаттан хапсыһарбыт. Биир оннук араллааҥҥа дьиэ муннугуттан фашист миигин ыстыыгынан аста. Ойоҕос өттүбүттэн. Чугурус гыммытым эбитэ дуу – синиэлбин, гимнастеркабын түөһүм хаптаҕайын туһунан сиирэ аста. Эппин таарыйбата. Итии ыстыык тимирэ түөспэр билиннэ… Мин фашист үрдүгэр түс. Кини – миэхэ. Сатана күүстээх баҕайы эбит. Бэйэбин умса сөрөөн түһэрдэ, хабарҕабын тутта. Мин – киниэнин.

Туора анньан суулларар баҕа баара да, кыайбатым. «Сиэтэ!» диэн санаа күлүм гынна. Көрбүтүм – фашист сирэйэ кытарбытынан улам налыйан мин сирэйбэр саба түстэ.

«Вставай, хватит тебе целоваться с фрицем!» – диир саҥаны иһиттим уонна миигин баттыы охтубут ынырык ыйааһын туора тардылынна. Аттыбар доҕорум Костя Силин турар эбит.

Рейхстаг үрдүгэр кыһыл былаах тэлимнээбитэ. Берлини ылыыга мин синиэлбин, гимнастеркабын эрэ сиирэ астарбытым, Костя эмиэ туох да буолбатаҕа. Мин үөрэн доҕорбун кууспалаабытым. «Эппитим ээ!..» – диибин уонна гимнастеркатын иһинэн курданан сылдьар ийэтин былаатын итиэннэ ол уһугар баайбыт Рязанын буорун туппахтыыбын. Киһим мин гимнастеркабын ылбыта уонна өстөөх ыстыыга хайа аспыт сирин тигэн, абырахтыы охсон биэрбитэ. Тимэхтэрбин эмиэ кытаатыннара тикпитэ…

«Саллаат Кулунов! Абырахтаах гимнастеркаҕын бырах. Саҥаны кэт. Өстөөҕү кыайбыт бухатыыр абырахтаах таҥастаах сылдьыаҥ дуо?!» – диир, хамандыырым. «Истэбин!» – диибин мин.

Хамандыырым тэйэ хаамарын кытта, Костя Силин аттыбар баар буолар. «Гимнастеркаҕын уларытыма. Дойдубутуттан илдьэ кэлбит таҥаспыт. Хайа уонна сиэҥҥэр көрдөрүөҥ…» Мин сөбүлэһэбин. Дьиҥэр, саҥаны кэтиэхпин баҕа баара. Уларыттахпына, доҕорбун хомотуох курдукпун. Уларыппатым. Суһал баҕайытык Чехословакияҕа ыыттылар. Кыайыы буолбутун, сэрии бүппүтүн кэннэ кыргыһар дьон буоллубут. Прага аттыгар тохтоотубут.

Түүн түрүбүөгэ. Утуйа сытан ойуоккалаһан турдахпыт дии. Костя мин аттыбар сытаахтаабыта. Өрүү таптаан сытарыныы. Хараҥаҕа, алҕаска, мин гимнастеркабын кэппит. Мин – киниэнин. Сүүрэн иһэн үөгүлүүр: «Докумуоммун гимнастеркам сиэбиттэн аҕал!» Бэйэтэ мин докумуоммун уунар. Мин киниэнин биэрэбин. Тула снаряд эстэр, буулдьа чыыбырҕас. Буруо-күдэрик ортотугар доҕорум мэлис гынна.

Тохтоотубут. Костям суох. Көрдүү сүүр. Киһим барахсан бу умса түһэн сытаахтыыр. Хаана сүүрэр. Көхсүгэр улахан баҕайы баас онно… Өлбүт!..

Көмүүгэ тыл эппитим. Ытаабытым. Ийэтин былаатын сүөрэн ыллым. Гимнастеркатын үрдүнэн саба уурдум. Төрөөбүт Рязанын буорун үрдүгэр таммалаттым. Бэйэм алааһым буорун иинин үрдүгэр хааллардым…

Дьэ ити курдук, мин гимнастеркабын кэтэн, доҕорум онно сытар. Прага аттыгар. Кини гимнастерката миэхэ…

Степан Дадаскинов

Хотугу сулус. – 1985. – Ыам ыйа

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *