Тургутук «Улуу Кудаҥса» кэпсээни төһө билэҕин?
Платон Ойуунускай төрөөбүтэ 131 сыла буолла
Былатыан Ойуунускай «Улуу Кудаҥса» кэпсээнин норуот үһүйээнигэр олоҕуран дойду устуоруйатыгар уустук кэмҥэ суруйбута. Айымньы сүрүн доруойдарынан иэгэйэр икки атахтаах эрэйин-муҥун аччатар, урааҥхай саха дьолун-соргутун элбэтэр туһугар буруйга-сэмэҕэ тиксэрин да кэрэйбэт балысхан баайдаах, бардам быһыылаах, модун санаалаах, дохсун өйдөөх “Улуу Кудаҥса дуо?” дэппит саха саарына уонна киэҥ халлаан киэбин уларытар, аан дойду аналлаах быһыытын алдьатар да кыахтаах орто туруу бараан дойдуга урут да, билигин да үөскүү илик улуу ойуун, Чачыгыр Таас ойуун, буолаллар. Кэпсээн суруллуоҕуттан төһө да бүтүн үйэ аастар, иччилээх-илбистээх уран тылынан суруллубут айымньы ааҕааччы кэрэхсэбилин тардар ураты күүстээх. Төһө болҕомтолоохтук аахпыккын тургутан көр.