Бахсы үтүө үгэстэрдээх, үтүмэн үгүс үөрэхтээх дьоннор үүнэн тахсыбыт, номоххо киирбит нэһилиэгинэн аатырар. Ол курдук үөрэхтээх уонна аныгылыы өйдөөх — санаалаах Слепцов Игнатий Алексеевич быһаччы көҕүлээһининэн 1911 сыллаахха аан бастакы министерскай начальнай училище Холболооххо аһыллыбыта. Оскуола Хара биэ холбото диэн сайылыкка Слепцова Екатерина Ивановна дьиэтигэр үлэлээбитэ. Учууталынан нуучча кыыһа Берденникова Екатерина Алексеевна үлэлээбитэ, Бороҕон кыыһа […]
Категория: Кэпсээннэ ааҕан аас
Көҥүл тустуунан саханы аан дойдуга аатырдыбыт, Олимпиада чемпионнарын иитэн таһаарбыт, энтузиаст, новатор тренер, ССРС, РСФСР уонна Саха АССР үтүөлээх тренерэ, Саха АССР үтүөлээх учуутала, Өктөөп революцията уонна «Бочуот знага» уордьаннар кавалердара Дмитрий Петрович Коркин 1928 сыллаахха балаҕан ыйын 5 күнүгэр Боотуруускай улууһун Кытаанах нэһилиэгэр төрөөбүт. Алта саастааҕар төгүрүк тулаайах хаалан Лазаревтар диэн ырааҕынан аймахтарыгар иитиллибит. […]
(эбээн классик суруйааччыта Н.С. Тарабукин төрөөбүтэ 110 сылыгар) Норуот сүрэҕэ – хатан укулаат. Норуот дьулуурун тууйуо дуу тымныы, Ол дьуоҕа үөһүттэн, Ньукулай, Үөдүйэн тахсыбытыҥ өһөс кыымныы, Үйэҕэ суулунна өй-сүрэх кыаһыта, Өбүгэ сэһэнин сурукка тиһэммит, Эбээннии тойук уучаҕын сыһытан, Эн тыырбыт ыыргынан эдэрдэр иһэбит. П. Ламутскай Эһэлээх (Муома улууһун Улахан Чыыстай нэһилиэгин сирэ) – Халыма уонна […]
В.В. Яковлев төрөөбүтэ 80 сыла («Чурапчы суруйааччылара» диэн сурулла сылдьар кинигэттэн) Саха уус-уран литературатыгар солооһуннаах суолу-ииһи хаалларбыт бөдөҥ суруйааччынан туох да мөккүөрэ суох Василий Васильевич Яковлев буолар. Биһиги кэммит советскай кэмнээҕи эпохатын Саха сиригэр биллибит- көстүбүт сүдү уларыйыылардаах хардыыларын тиһилик-тиһилик суруйбута, уус-уран романнар кинигэлэринэн сырдаппыта. Ол курдук, Чурапчы көһөрүллүүтүгэр төрөппүттэрин кытта бииргэ 1942 сыллаахха Кэбээйигэ […]
Ахтыы Биһиги 12-с гвардейскай танковай дивизиябыт Германия илиҥҥи уобалаһыгар Померанияҕа тохтоон, Берлиҥҥэ бүтэһиктээх кимэн киириигэ бэлэмнэнэрэ. Мин сулууспалыыр 48-с Вапнярскай – Варшавскай Ленин орденнаах гвардейскай танковай биригээдэм Нойдамм диэн нэһилиэнньэлээх пуун чугаһыгар халыҥ ойуур иһигэр турара. 1945 сыл, муус устар 12 күнэ үүммүтэ. Чаҕылхай күннээх сарсыарда этэ. Халлаан түүн им-балай хараҥарбытын, дьыбарсыйбытын кылбаччы мэлдьэһэн кэбиспитэ. […]
«Кэпсээннэ ааҕан аас» рубрикабытын саҕалыыбыт Поэт, прозаик, драматург, ССРС уонна Саха Өрөспүүбүлүкэтин суруйааччыларын сойуустарын чилиэнэ, РСФСР уонна Саха АССР култуураларын үтүөлээх үлэһитэ *Степан Егорович Дадаскинов* (1933) төрөөбүт күнэ. (Саллаат Кулунов бэйэтин кытта кэпсэтиитэ) Сталинград оборонатын кыттыылааҕа Степанов Александр Семенович кэпсииринэн, «саха саллааттара онно кимэн киирии иннинэ оһуохайдаабыттара…» (Булуу куоратын музейыгар баар суруктан) Оһуохай!.. Үчүгэй да […]