Тохсунньу ый – Таҥха Хаан Айыы ыйа

Тохсунньу саамай хараҥа, тымныы, сыл бастакы ыйа. Тохсунньу ыйы — от ыйа батыһар. Тохсунньу – Таҥха хаан ыйа.
Тохсунньу ый тутула:
Бу ыйы былыр бүтэй кэм дииллэрэ. Хотугу сахалар хараҥа ый диэн ааттыыллар. Тохсунньу ый түүнэ уһун, күнүһэ кылгас. Аан-даам тымныы түһэр. Хараҥа бүрүүкүүр. Дьон хараҥа оройугар, дьыл быыһыгар бит-билгэ көбөр диэн итэҕэйэл-лэр. Онон таҥхаланыы диэн үөскээбит. Тохсунньу ыйга сааһы уонна сайыны билгэлииллэр. Бу ыйы от ыйа батыһар. Тымныйдаҕына — сайына сөрүүн, сылый-даҕына – сайына куйаас. Тибии түстэҕинэ, от ыйыгар сөрүүн буолар. Элбэхтик кыраһалаатаҕына, өҥ сайыны күүтэллэр. Тохсунньуга тымныы хам тутар, сэтэриир. Ити эрээри, хонон турдах ахсын халлаан сылыйан эрэрэ, күн уһаан иһэрэ биллэр буолар.Тибии типтэҕинэ, от ыйыгар улаханнык сөрүүтүйэн ылар, кыраһа элбэхтик түстэҕинэ өҥдьылы күүтэллэр.Ый 9 күнүгэр ый уонна үргэл алтыһыыта буолар. Күн уһаан иһэр. Тыал диэн улахан суох. Тымныы хам тутар. Өссө сэтэрэр курдук буолар.Тохсунньу ортотун диэки тоҥсоҕой маһы тоҥсуйан торулутар. Итини тоҥсоҕой «тымныыны кэрдэр быһыыта» дииллэр. Букэмҥэ аам-даам тымныытурар. Ол эрээри халлаан сылыйан эрэрэ син биллэр. Күн кыра-кыралаан уһаан иһэр.
Тохсунньу ый билгэтэ:
Тохсунньу ый 7 күнэ – Ороһуоспа. Ороһуоспа тымныыта түһэр. Бу күн былытырдаҕына, сис былыт тохсунньу 14-гэр диэри туруоҕа, былытырбатаҕына – тымныы сэтэриир. Бу күн сылыйдаҕына – сааһа тымныы, хаардаатаҕына – сайына өҥсүйэр. Киэһэтин халлааҥҥа сулус аҕыйах буоллаҕына – отон аанньа үүммэт.
Тохсунньу ый 9 күнэ — ый уонна үргэл алтыһыыта буолар. Былыргы сахалар ый үргэли кытта алтыһыытын кэтээн көрөөччүлэр. Үчүгэй дьыл буоларыгар алтынньы 14, сэтинньи 12, ах-сынньы 11, тохсунньу 9, олунньу 7, кулун тутар 4, ыам ыйын 1 күннэригэр алтыһар. Оттон кураан дьыл кэлэригэр хойутаан алтыһар.
Тохсунньу ый 12 күнэ – сүллүүкүттэр тахсаллар. Маҥнай хамначчыттара тахсан, абааһыта суох өтөхсүйбүт дьиэлэри оттон ититэллэр.
Тохсунньу ый 14 күнэ – Баһылайап (Эргэ саҥа сыл). Бу күн ханнык кэмҥэ былытырбытынан дьаҥ-дьаһах хаһан буоларын быһаараллар.
Тохсунньу ый 19 күнэ – Кириһиэнньэ. Кириһиэнньэ тымныыта түһэр. Бу күн күннээх уонна тымныы буоллаҕына – сайына кураан. Сарсыарда сүллүүкүттэр төттөрү киирэллэр диэн, ыаллар эрдэ туран сүөһү уулатар ойбоннорун тэһэн, сүүрдээн кэбиһэллэрэ.
Тохсунньу ый 20 күнэ – былыр таҥара күлүгүн сууйаллара уонна сибэтиэй уутунан дьиэлэрин, хотоннорун, сүөһүлэрин ыраастыыллара, арчылыыллара.
Тохсунньу ый 31 күнэ 31 – Бастакы Охонооһойоп. Эһэ арҕаҕар сытан, иккис өттүгэр эргийэр, ытыһын биирдэ саланар. Дьыл оҕуһун муоһа мулуруйэр.
Саҥа дьыл күн тохсунньу ый 1 күнүгэр – 10 мүнүүтэ уһуур.
- Ороһоспо күн тохсунньу ый 7 күнүгэр – 30 мүнүүтэ уһуур.
- Кириһиэнньэ күн тохсунньу ый 19 күнүгэр – 1ч17 мүнүүтэ уһуур.
- Бастакы Охонооһойоп күн тохсунньу ый 31 күнүгэр – 2ч19 мүнүүтэ уһуур.